Киир

Киир

От ыйын 9 күнүн сарсыардатыгар, Саха сиригэр уопсайа 15 тыһ. гаа сиргэ 18 ойуур баһаарын умуллараллар. Бэҕэһээ 107 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Бу туһунан ойуур сыһыаннаһыыларын департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“Билигин 17 ойуур баһаара умайар: Үөһээ Бүлүү улууһугар 2 500 гаа сиргэ биир баһаар, Бүлүү улууһугар 4 470 гаа сиргэ икки баһаар, Горнайга 1 090 гаа сиргэ биир баһаар, Кэбээйигэ 90 гектардаах сиргэ 1 баһаар, Ленскэй улууһугар 74 гектардаах сиргэ – 1, Мэҥэ Хаҥаласка 95 гектардаах сиргэ – 1, Нам улууһугар уопсайа 2 323 гектардаах сиргэ – 5, Өлүөхүмэ улууһугар 150 гаа сиргэ – 1, Сунтаар улууһугар 3673 гаа сиргэ – 1, Нам улууһугар 10 гаа сиргэ биир ойуур баһаара бэлиэтэнэр”, — диэн департамент быһаарар.

Нам улууһугар 1,5 гаа сиргэ биир ойуур баһаарын умулларбыттар. Киин куоракка хойуу буруо турар.

Баһаары умулларыыга 501 киһи, 39 тиэхиньикэ үлэлиир.

Санааҕын суруй