Киир

Киир

Балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 53 ойуур баһаарын умуруорбутар. Бу туһунан СӨ Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Билигин 4 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Олортон биирэ өссө да бара турар (Дьааҥы улууһа). Оттон Абый, Эбээн-Бытантай уонна Дьааҥы улуустарыгар үс ойуур баһаара бохсулунна. Баһаар уопсай иэнэ 407,00 гаа тэҥнэһэр.

Баһаары умуруорууга 91 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлээтэ. Сылдьарга эрэйдээх, ыраах сирдэргэ 106 термоточка баар. Хонтуруолга сылдьар сиргэ уот барыытын уопсай иэнэ 1 191,00 гааҕа тэҥнэспит.

СӨ Экология министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһалларыгар ыҥырар.   

Санааҕын суруй