Киир

Киир

   Мин кэпсиир сирим Чурапчы Мырылата, Амма өрүс кытыла. 1966 сыллаахха илин эҥээр улуустарыгар куобах мэнээгэ үгэннээн турар кэмэ. Куобах күүскэ үөскээтэҕинэ, айылҕа сокуонун быһыытынан, күһүн дьыл киириитэ хайаан да  хайа эмэ диэки хамсаан кыстыыр сирин булунар. Чурапчы оройуонугар мэнээктээһин буоллаҕына илин диэки барааччы. Онно мэһэй буолан сытар Амма өрүһүгэр күһүн муус туруон иннинэ сөҕүмэр элбэх гына мустар этэ. Ол кэмтэн биир түгэни ахтан ааһыам.
 
  Мин үөрэнэр буоламмын өрөбүллэргэ эрэ иллэҥсийэн убайбын Улахан Силиби кытта тыаҕа тахсыһабын. Алтынньы 11 күнүгэр, өрөбүлгэ, убайым “мин Хочоҕо сылгы көрөрдөөхпүн, онон тус-туһунан барар буоллубут” диэтэ. Миигин улахан 12-лээх сааны ылан Туолумаҕа таҕыс, баччаларга улахан куобах хамсааччы диэн баран бэйэтэ атынан Хочоҕо баран хаалла. Мин сарсыарда эрдэ туран бэлисипиэтинэн Араҥас Толоон үөһэ тумуһугар тиийдим. Сарсыарда дьыбардаах буолан, ирээрибин харса суох тэбэн балачча буһан тиийдим. Халлаан саҥа сырдаан эрэр буолан уонна кыратык сынньана түһээри тумус тыа ойуурун саҕатыгар төҥүргэскэ олордум. Ол олорон көрдөхпүнэ, иннибэр тэйиччи соҕус куобах элэс гынан көһүннэ. “Миигиттэн үргэн барда” дии санаабытым, төттөрү мин диэки иһэр эбит. Саабын ииттэ охсон бэлэм олордум. Миэхэ чугаһаан иһэн арай ойуур иһин диэки туораан барда. Саабынан иккитэ “уган” ыллым да кыһаллыбака бара турда. Кыһыйбытым иһин хайыамый. Онтон сотору буолан баран көрбүтүм, эмиэ биир куобах иһэр эбит. Бу сырыыга туораабата, адьас бу тиийэн кэллэ. Биирдэ ытан кэбистим. Онтон муодарҕааммын кэтэһэн олорорго сананным. Ол олорон барыта 6 куобаҕы өлөрдүм. Өссө хас да куобах миигиттэн тэйиччи ойуур быыһынан ааһыталаатылар. Кэлин тоҥоммун уонна тэһийбэккэ кэрийэ бардым. Күн ортотугар диэри хааман ботуруоммун бүтэрдим. Барыта биир батарантаас – 24 ботуруоннаах этим. Кырдьык, убайым эппитин курдук, үксүлэрэ олус бөдөҥнөр. Барыта 18 куобаҕы өлөрдүм. Илдьэ кэлбит куулбар 10 эрэ куобаҕы батардым, 8 куобахпын бэлисипиэтим иннигэр ыйаан баран көлөбүн анньан бардым. Куобах хамсааһынын кэмигэр бастаан кыра, оҕо өттө барар, оттон улахан өттө адьас өрүс тоҥоро чугаһаатаҕына хамсыыр эбит. Тохтообут сирбиттэн дэриэбинэм 4 биэрэстэ. Мин аны туһата суох буолбут саабын сүгэн баран аргыый хааман иһэбин. Үрэх төрдүнээҕи толоон адьас кыараҕас. Мин икки өттүбүнэн ойуур саҕатынан, иһинэн куобах эмиэ баара чахчы. Арай, куобахтар хастыы эмэ буолан мин баран иһэр сирим диэки сүүрэн иһэллэр эбит. Ити баара-суоҕа эбиэттэн эрэ киэһэ күнүс этэ эбээт. Куобах түүн сүүрэр дииллэр этэ. Ол эрээри ыксаатахтарына күнүс эмиэ сүүрэллэрин эт харахпынан көрөн улаханнык астынным уонна ону бу сааһым тухары кэпсии сырыттаҕым. Айаным бытаана бэрт буолан, дьиэбэр киэһэ аһылык буолан эрдэҕинэ эрэ тиийдим. Убайым хайыы-үйэ кэлбит. Миигиттэн хаһы өлөрбүппүн истэн баран, улахан саанан мөлтөхтүк ыппыккын диэн сэмэлээтэ. Бэйэтэ биир батарантааһынан 22 куобаҕы өлөрбүт. Иккитэ эрэ сыыспыт. Мин оҕо буоламмын, омуннураммын алтата сыыстаҕым. Ол оннугар миэннэрэ быдан бөдөҥнөр диэммин куотуннум.
   Дьэ ити курдук айылҕа биир дьикти түгэнин көрөн ааспыппыттан билиҥҥэ диэри олус диэн астына саныыбын.
 
Николай Кронников.

Санааҕын суруй