Киир

Киир

Саха сиригэр бу от ыйын 6 күнүттэн саҕалаан, “Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама иһинэн киирэн дьиэлэниэн баҕалаах ыаллартан докумуоннары, сайаапканы хомуйуу саҕаламмыт.

Онуоха бу араҥаҕа киирсэр кыахтаах дьон e-yakutia.ru саайка баар «Тус кэбиниэккитигэр» киирэн, онтугутун ыытаҕыт. Манна «Госуслуги.ру» саайт нөҥүө киириэххэ сөп. Олус холкутуйумаҥ, докумуоннары от ыйын 29 күннэригэр диэри тутуохтара. Сиһилии иһитиннэриини 8(4112) 22-60-18 нүөмэргэ эрийэн билсэргит ордук.