Киир

Киир

“Ykt.ru” саайты төрүттээбит, “InDriver” хампаанньа салайааччыта Арсен Томскай, Аан дойдуга аатырбыт “Stanford” университетыгар  үөрэнэ киирдэ. Бу үөрэх кыһатыгар сахалартан бастакы кини буолар. Ол туһунан үөрүүлээх сонунун Инстаграм социальнай ситимҥэ үллэстибит.

 “Аан дойду үрдүнэн өр сыллар устата үс бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар “Stanford”  университетыгар үөрэнэ киирдим. Онон олус киэн туттабын. Биир миэстэҕэ сэттэ киһи холоммута. Мин бастакы сырыыттан киирбиппиттэн олус үөрэбин. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына эһиил сайын үөрэхпин бүтэриэм. Уонна саха оҕолоро маннык улахан  университеттарга  үөрэнэллэригэр күүс-көмө буолар ыра санаабын олоххо киллэриэм диэммин эрэнэбин. Бу ситиһиим төрөөбүт күммэр бэртээхэй бэлэх буолла”, – диэн суруйбут.