Киир

Киир

Оҕолоох ыаллары дойду да, өрөспүүбүлүкэ да таһымыгар үчүгэйдик өйүүллэр. Холобур, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэриллэр “Ийэ хапытаалын” аахсыбатахха, Саха сиригэр хас оҕо төрөөтөҕүн аайы бэриллэр араас көмө элбэх. Бырабыыталыстыба 2023 сыллааҕы үлэтин отчуотугар онуоха аналлаах “Социальнай бэлиитикэ” диэн туспа түһүмэх баар. Онтон быһа тутан билиһиннэрдэххэ...
 
***
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 с. оҕо төрөөһүнүгэр “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал бэриллэр. 2023 с. тус сыаллаах хапытаал харчытын, ол иһигэр 2022 с. бэриллибит 702,1 мөлүйүөн солкуобай уопсай суумалаах сэртипэкээттэри, 13 814 сайабылыанньалаах (ыал диэн өйдүөххэ сөп – Кыым.ру) туһаммыт. Индексацияны учуоттаан, төлөбүр кээмэйэ 105 000 солк. буолбут. Санаттахха, СӨ Ил Дархана тус сыаллаах хапытаалы олоххо киллэриини 2027 с. түмүктэниэр диэри уһатта.
 
Нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтэр туһугар маннык өйөбүл дьаһаллар бааллар:
 
БАСТАКЫ ОҔО ТӨРӨӨҺҮНҮГЭР – биир кэмнээх төлөбүр, ол кээмэйэ ииттинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллээбиккэ тэҥ гына ааҕыллар (олорор сириттэн көрөн 44 218 солкуобайтан 52 790 солкуобайга тиийэр). Маннык төлөбүр 2 739 дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит, уопсай суумата 121,3 мөл. солкуобай буолбут;
 
ИККИС ОҔО ТӨРӨӨҺҮНҮГЭР ийэ эрэгийиэннээҕи хапытаала 2023 с. 2 837 ыалга анаммыт, оҕо төрөөбүт сылыттан көрөн, хапытаал кээмэйэ 176 084 солкуобайтан 232 688,5 солкуобайга тэҥнэстэ. Уопсайа 385,47 мөлүйүөн солкуобай суумалаах хапытаалы 2 099 дьиэ кэргэн ылбыт;
 
ҮҺҮС УОННА ОНТОН САЛГЫЫ төрүүр оҕоҕо “Дьиэ кэргэн” ийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаала бэриллэр. 2023 с.  оннук 2 130 сэртипэкээт оҥоһуллубут. Онтон бэйэтин быраабын 2 187 ыал туһаммыт. 2023 с. хапытаал кээмэйэ 151 690 солкуобайга тэҥнэстэ, төлөбүргэ уопсайа 257,3 мөл. солкуобай ыытыллыбыт;
 
2023 с. тохсунньу 1 күнүттэн ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ЫАЛЛАРГА СИР УЧААСТАГЫН ОННУГАР 200 тыһ. солк. диэри кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр бэриллэр буолбута. Онон уопсайа 391 мөл. солкуобай суумалаах үбү 2 тыһыынча дьиэ кэргэн туһаммыт.
 

6f275c2d 4835 4e22 b6f1 ac68ef04469b

Өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыалга 118 тыһыынчаттан тахса оҕо иитиллэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сүрүн өйөбүл көрүҥүн быһыытынан олорор усулуобуйаны тупсарарга биир кэмнээх төлөбүр оҥоһулунна:
 
  1. 337,3 мөлүйүөн солкуобай уопсай суумалаах маннык төлөбүрү 5 уонна онтон элбэх оҕолоох 98 ыал ылбыт;
  2. 10 уонна онтон элбэх оҕолоох 3 ыал уопсайа 28 мөл. солкуобай суумалаах, ортотунан 9,3 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү ылбыт;
  3. үс оҕо тэҥинэн төрөөбүтүнэн 4 ыал уопсайа 22 мөл. солкуобай суумалаах, ортотунан 5,5 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү ылбыт;
  4. 10 уонна онтон элбэх оҕолоох, ол иһигэр иитэ ылбыт оҕолоох 5 дьиэ кэргэҥҥэ 4,2 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа тырааныспар сириэстибэтин атыылаһарга 837,4 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр бэриллибит.
 ***
Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэни өйүүр туһугар 2022 с. РФ социальнай пуондатын көмөтүнэн “биир түннүк” бэрээдэгинэн төлөнөр биир кэмнээх босуобуйа олохтоммута. 2023 с. уопсайа 18,5 млрд солкуобай суумалаах оннук босуобуйа 52 677 дьиэ кэргэҥҥэ (111 295 оҕолоох) анаммыт.
 

Бэй.кэр. 

Хаартыскалар: Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй