Киир

Киир

Саха сириттэн төрүттээх Андрей Штейнбах омук сиригэр оҥоһуллар киинэлэри, сэрийээллэри уонна ойуулуктары нууччалыы саҥардар. Атыннык эттэххэ, “озвучкаҕа” үлэлэһэр.

Бэрт сотору кэминэн “DEEP” хампаанньа Арассыыйа онлайн-киинэ тыйаатырдарыгар “Под мостом над Аракавой” диэн аниме-сэрийээл икки төгүлүн (сезон) таһаарыахтаах. Сэрийээл киинэлэрин нууччылыы тылынан “В подполье” диэн айар холбоһук кыттыылаахтара саҥардыбыттар. Оттон ол холбоһукка Саха сириттэн төрүүттээх Андрей Штейнбах үлэлиир.

“Под мостом над Аракавой” – ыччат дьон уонна аниме-ойуулугу сөбүлээн көрөөччүлэр ортолоругар киэҥник биллэр сэрийээл. Аан дойду араас муннугар хас эмэ мөлүйүөнүнэн сүгүрүйээччилээх. Сэрийээлгэ ситиһиилээх, баай тэрилтэ нэһилиэнньигэ буолбут Ко Ичиноми уонна Нино диэн дьикти кыыс дьылҕалара, олохторо ойууланар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: аһаҕас источниктан.    

Санааҕын суруй