От ыйын 16 күнэ 2009 с. 27 № (21919)
Көстүбэт уус
Урут хас да сыллааҕыта Дьокуускай куоракка дьиэ тутуһа сылдьыбыттааҕым. Төрдүө буолан олус киэҥ, улахан коттеджтыы тииптээх дьиэни ситэрбиппит. Биһиги иннибитинэ үлэлии сылдьыбыт биригээдэ үлэтин бүтэрбэккэ тарҕаһан хаалбыт этэ. Төһө да хаһаайыммыт кистии сатаабытын иһин, кэлин билбиппит, дьиэ тута сылдьан кылаабынай маастардара оһоллонон өлбүт үһү. Иккис этээс өһүөтүн хаптаһыннарын тэлгэтэ сылдьан сыыһа туттан сууллубут. Үөһэттэн муоста сиһигэр туора кэлэн түспүт, тута барбыт.
Инньэ гынан, «кутталлаах» дьиэни биһиги ситэрэр буоллубут. Тиийбит бастакы күммүтүгэр биһиги иннибитинэ улахан маастардар үлэлээн барбыттарын тута биллибит. Кээмэйигэр, си алҕаска да, биир да сиирэ-халты туттуу суох. Барыта миллимиэтириттэн миллимиэтиригэр диэри сөп түбэсиһэр. Уолаттарым, хата, туох да айыыны-абааһыны аахсыбат аныгы дьон. Тигинэччи үлэлээн бардыбыт. Саҥа тутар дьиэбит таһыгар баар эргэ кыра дьиэҕэ олоробут. Туох да сибикини билбэккэ үлэлээн, бүтэрэрбит кыра хаалла. Арай, алаа харахтаах Бочуок диэн уолбут «дьиэбитигэр туох эрэ баар» диэн кэпсээннээх. Соҕотоҕун хаалла да, кэнниттэн ким эрэ кэлэн тонолуппакка одуулуур үһү. Биирдэ хараҕын кырыытынан саҥа саайан бүтэрбит муостабытын ким эрэ чинчилиирдии көрө-көрө, ыпсыытын бигээн көрө турарын көрөн хаалбыт. Ону биһиги, биллэн турар, дьыалайдаабаппыт. «Хараҕыҥ алаа буолан ону-маны, ордугу-хоһу көрөҕүн. Хараҕыҥ көрөр муннуга олус киэҥ буолан, ону мэйииҥ ситэ «обработкалаабата» буолуо» диэн күлүү гынабыт.
Күһүн балаҕан ыйын ортотун диэки дьиэбитин бүтэрдибит. Хамнаспытын дьиэлээх хаһаайыммыт туох да эгилитэ-бугулута суох болдьохтоох кэмигэр лөкөччү туттартаата. Биллэн турар, сууйдубут. Хаһаайыммыт ойоҕун, оҕолорун кытта кэлэн бэркэ маанылаатылар. Быһата, тутуу хаачыстыбатыттан улаханнык дуоһуйбуттарын, астыммыттарын биллэрдилэр. Дьоммут дьиэлээбиттэрин кэннэ бэйэбит эрэ хаалан салгыы аһаан-сиэн ампаалыктанныбыт. Уһанар малбытын-салбытын хомуннубут. Иһирдьэнэн-таһырдьанан киирэ-тахса сылдьан Алаа Бочуокпут «саҥа дьиэбитигэр ким эрэ баар» диэн сонуннаах киирэн кэллэ. Дэлби куттаммыт. «Бу да киһи, тугу-тугу тыллаһарый?» диэн соччо итэҕэйбэккэ гына-гына да буоллар таһырдьа суулаһан таҕыстыбыт. Саҥа тутан бүтэрбит дьиэбит хараҥаҕа субу барыйан турар. Чугаһаан иһэн истибиппит, дьиэбит иһигэр, кырдьык, ким эрэ тугу эрэ саайан бачырҕатар тыаһа иһиллэр. Арааһа, сүгэ өнчөҕүнэн тугу эрэ үлтү сынньар быһыылаах. Таас дьүлэй да киһи истэрин курдук улаханнык сырбаталыыыр. Тыыннаах киһи бу курдук ытыс таһынар ыас хараҥаҕа тугу эмэ таба көрөн саайыах туһа суох. Маныаха эбии, били «под ключ» диэбиккэ дылы тутуллубут дьиэ аана хайыы-үйэҕэ хатанан турар. Тоҥсуйар тыас улам улаатан, уорааннанан барбытыгар куттанан дьиэбит диэки сырыстыбыт. Дьэ, дьиҥ чахчы, көстүбэт уус баарын илэ-бодо биллэрбитэ.
Кэлин итэҕэлгэ, сиэргэ-туомҥа сыстаҕас киһиттэн «ол тоҕо тыаһаабыта буолуой?» диэн ыйыталаспыппар, «олус улахан уус киһи буолуо. Кини саҕалаабыт дьиэтин хайдах тута сылдьаргытын кэтээн көрө сылдьан баран, бүтэргитигэр бырастыыласпыт буолуон сөп. Ол эрээри, куттаабыта интэриэһинэй эбит. Баҕар, кини санаатын иһинэн туттубатаххыт буолуо. Ону омнуолаан куттуон эмиэ сөп» диэн быһаарбыта.
Ол дьиэҕэ хаһаайыннара билигин да олороллор. Арааһа, туох да көстүбэт күүс суох быһыылаах. Хаһаайыттара, хата, күн-түүн аайы өссө байан-тайан иһэргэ дылылар.
И. Осипов.
Абааһы
Былыыр былыр – хас сыллааҕыта эбитэ буолла? – чэ, Ньукулай Торуой ыраахтааҕылыырын саҕана, мин биир күһүҥҥү түүн туһахтарбын кэрийдим.
Куобах мэнээгэ ааһан эрэрэ. Нэһиилэ икки куобахтанным. Онтукаларбын сигэнэн баайталаан, көхсүбэр сүгүтэлээн кэбистим. Ытыс таһынар ыас хараҥа. Күһүҥҥү түүн ойуур номоххо киирбит хараҥатын бэйэҕит да билэр инигит. Хас силиһин, оллурун-боллурун билэр омоон суолбунан хааман дэллэрийэбин. Оччотооҕуга эдэрбин. Хааман суксулдьуйарым кэмнээх буолуо дуо. Сотору суолу бүөлүү кэриэтэ үүнэн турар кырдьаҕас бэһи ааһыахтаахпын. Дьиэм онтон биэс биэрэстэ хаалар. Инним ордук хараарбытыттан, хараҥарбытыттан, бэспэр субу кэлбиппин биллим. Маһым анныгар хардыылааппын кытта арай, сэгэрдээр, санаабар бэһим дьигиһис гынна. Мин буоллаҕына, илэ өйбүнэн иһэр киһи, салгыҥҥа өрө дэгдэйэ түстүм. Ол икки ардыгар көхсүбэр, хаптаһыны таһыйар курдук, лап-лаһыгырас тыас тыаһаабат дуо? Туох эрэ эмиэ да түүлээх, эмиэ да кытаанах икки иэдэспин тохтоло суох уот аһыйар үлүгэрдик сабаа да сабаа буолла. Ити быыһыгар бэйэм итирик киһилии байааттаҥнаспын, итиннэ баран сөһүргэстиибин, манна кэлэн умса хоруйабын. Ардыгар эмиэ да үөһэ дэгдэйэн тахсабын. Куттаныы бөҕөнү куттанным. «Абааһылара диэн бу буоллаҕа. Өлөр күн кэллэҕэ» диэн санаа төбөбөр охсуллар. Ийэ хара көлөһүнүм барыта сар түстэ. Хараҕым ирим-дьирим буолла. Дьэ онтон өй ылан, биир уостаах доруоп саам дуомун сүктэ-сүкпүтүнэн сылдьан сомуогун туруоран, били лаһыгырас тыас диэки, көхсүм диэки, төлө тардан кэбистим. Итиэннэ саа тыаһын кытта тэҥҥэ сүгэһэрдэри, саалары-майырдары барытын санныбыттан сулбу охсоот, инним хоту сүүрэн быыппаһынным. Туохха түбэспиппин дьиэбэр, дьоммун куттаамаары, кимиэхэ да кэпсээбэтим.
Сарсыныгар куттанарым олус эрээри, биир үксүн саабын ылаары («абааһы сааҕа тоҕо наадыйдаҕай, хаалларда ини» дии саныыбын), били сирбэр бардым. Бэркэ сэрэнэн бэспэр чугаһаатым. Саам, куобахтарым уонна өссө туох эрэ сыталлар. Эргийэн адьас ыкса кэллим. Сирийэн көрдүм. Дьэ онно өйдөөтүм. Били абааһым – бөҕө атах эбит. Булду кэтээн олорон мин куобахтарым үрдүгэр түспүт. Ону ытан өлөрбүппүн. Кыһыйдым даҕаны, кыбыһынным даҕаны. Бөҕө атаҕы куобахтарбыттан нэһиилэ арааран, абабар, тыаҕа ыраах элиттим. Күлүүгэ барыам диэн ити түбэлтэни кимиэхэ да кэпсээбэтим. Кэпсии да илигим. Хаайаргыт бэрдиттэн бу эһиэхэ эрэ кэпсээтим.
Софрон Данилов айымньыларын хомуурунньугуттан.
Куттаммыт
Мин үрэх баһыгар, таас хайа быыһыгар, абааһы эрэ баара буолуо дии санаабат этим. Ол гынан баран Дьааҥы хайатыгар айаннаан иһэн биирдэ улаханнык куттаммытым. Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана мин икки сыарҕа табанан Дьааҥы куоратыгар баран истим. Киэһэ киһи тыына бурҕачыйар тымныыта буолла. Табаларым тыыннарын ортотугар быстах былыт иһигэр олорон иһэр курдук, түҥ-таҥ түһэн, илини-арҕааны хотон быһааран билбэккэ, айаннаан истим. Тымныыта бэрт буолан, санаабар, таас хайалар төбөлөрүттэн уот кыыдамнаан бытарыйарга дылы гынар.
«Чымаада тоҥус балаҕана чугаһаатаҕа буолуо» дии саныы-саныы мин харса суох көтүтэн ис. Сотору соҕус буолан баран табаларым, муҥ көтүүнэн иһэн, туора бүтэйтэн иҥинибит курдук хорус гына түстүлэр. — ¤ук! Бу тугуй! – диэбитинэн мин сыарҕабыттан ыстанан түстүм. Ол түһэн, өйдөөн көрбүтүм, арай, тоҥус балаҕанын таһыгар кэлэн турар эбиппин.
«Аата, ыалга кэллэҕим», — диэн үөрэ санаатым. Табаларбын сэргэҕэ иҥиннэрэн баран, ыга тоҥмут киһи быһыытынан туох да эппиэтэ суох мин балаҕан ааныгар ойон тиийдим. Арай, хаарбын тэбэнэ туран өйдөөн көрбүтүм – оһох үөлэһинэн уот кыыма тахсара көстүбэт. «Ыалым утуйбут буоллахтара» диэтим да дьиэ аанын тэлэйэ баттаабытынан иһирдьэ көтөн түстүм. Тиҥилэҕим тыаһа тоҥ буорга лочугуруу түстэ. «Анараа дьиэлэригэр олорор буоллахтара» дии санаан мин харбыалаһан анараа дьиэ аанын булан киирдим. Киирэн баран иһиллээбитим, биир да киһи муннун тыаһа иһиллибэт. «Бу кыайардар көһөн барбыттар ээ, бадаҕа» диэн испэр улаханнык кыһыйа санаатым. Ол гынан баран, тэҥнэһиэх баара дуо, уот оттунаары оһох диэки хачыгырайан тиийэн оһоҕу харбаан көрбүтүм, тыбыс-тымныы эбит. Кыһыҥҥы тымныы оройун саҕана көспүт ыал тоҥ оһоҕун тутан көрөр саҕа куһаҕан баар үһүө! Киһи тоҥмута-үлүйбүтэ ордук сытайарга дылы гынар. Оһох кэннигэр мас баара буолаарай диэн дьиэ кэтэҕэриин өттүн диэки баран харбыаластым. Дьиэ иһэ хараҥата диэн – ытыс таһынар. Арай, доҕоор! Соҕотохто икки илиибинэн таба саҕынньахтаах киһи турарын кууһа түстүм. Куйахам күүрэргэ дылы гынна, сүрэҕим айахпар таҕыста. Туох да сүрдээхтик диэн куттанным. «Абааһылара диэн ити буоллаҕа» диэн испэр саныы-саныы мин таһырдьа сүүрэн таҕыстым. Тахсан көрбүтүм: табаларым сытан кээстэр, тыас иһиллээбит курдук чуумпу. Куттанан дэлбит тириппиппин.
Арҕаа халлаан диэки өрө көрбүтүм – имим хайыы-үйэ сүтэн хаалбыт. Халлаан сулустара буоллаҕына уоттара-күөстэрэ ордук сүрдэммит. Ханна да барар сир суох буолла. Ол икки ардыгар куттаммытым ааһан барда, мин санаа булуннум.
«Бэйэ эрэ, хат киирэн, уот уматан көрүөххэ эрэ. Туохтан мин бу курдук куттаммыппыный?» дии санаатым да балаҕаммар төннөн киирдим. Ол киирэн аан аттыгар туран испиискэбин уматан баран өйдөөн көрбүтүм – хаҥас диэки биир өлбүт табаны, сүлбэккэ эрэ, ардьаах маска өйөннөрө туруоран кэбиспиттэр. Мин ону көрөн баран сиргэ силлээтим. Кыһыйбытым диэн туохтан да сүрдэннэ. Мас булан, оһоххо уот оттон баран, таһаҕаспын киллэрэн чэй өрүннүм. Табаларбын тахсан тыаҕа ыытан кэбистим. Хат киирэн, оттубут уоппар иттэ туран табабын көрөн баран кыһыйдым быһыылаах: сүүрэн тиийэн түҥнэри тэбэн түһэрдим. Өлбүт табам түөрт атаҕа адаарыйбытынан, тоҥ сиргэ баран лүс гына түстэ.
Чэйбин иһэн, эппин сиэн баран орон оҥостон бэрт диэн үчүгэйдик утуйан турдум.
Көр, киһи хараҥаҕа сылдьан ол курдук солуута да суохтан куттанар.
Николай Неустроев кинигэтиттэн.