Киир

Киир

Мин норуот эмчитэ Ирина Гаврильевна Кириллина туһунан сырдатыахпын баҕардым. Билэр киһим кини айылҕаттан бэриллибит ураты талаанын, үгүс киһи киниэхэ эмтэнэн үтүөрэрин туһунан сөҕө кэпсээбитэ. Ол онтон мин биири өйдөөбүтүм, кини саха эмчиттэриттэн ураты ньымата диэн илбийэн эмтээһин буолар эбит. Мин кини бу эмтиир көрүҥүн хайдах, туох да эмэ-томо суох аҥаардас илбийии күүһүнэн эмтиирин билэр-көрөр сыаллаах көрсөн кэпсэттим.

Ийэм эмтиирбин бобор этэ

- Ирина Гаврильевна, ааҕааччыларга бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?

- Мин Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, кэргэним Николай Кириллович Кириллин диэн, 6 оҕолоохпут: 5 уол, 1 кыыс, 20 сиэн, 2 хос сиэннээхпит. Оҕонньорбунаан иккиэн биэнсийэҕэ олоробут. Ньурбаттан куоракка көһөн кэлбиппит уонтан тахса сыл буолла.

- Хаһааҥҥыттан эмтээн саҕалаабыккыный? Сэбиэскэй былаас саҕана кистээн эмтиир этим диигин. Ол аата хас сааскыттан дьарыктаммыккыный?

- Олох дьарык гынан 28 сааспыттан саҕалаабытым. Арыы собуотугар 20 сыл үлэлээбитим, онно бииргэ үлэлиир дьоммун ким да билбэтинэн, уора-көстө кистээн эмтиир этим. Ол саҕана, 70-с сылларга, дьаарай хомуньуус этим. Райкомҥа үҥсэн дьүүллүөхтэрэ диэн, дьэ, ол куттала. Эмтиир дьоммун «кимиэхэ да кэпсээмэ» диэн көрдөһөрүм. Онон да буолуо, кутталым баһыйан кыра бириэмэҕэ эмтиирбин тохтото сылдьыбыттаахпын. Аны туран ийэм мин эмтиирбин бобор этэ. Мээнэ биллэ-көстө сатаама диирэ. Дьон ыарыылара кыаттарбатаҕына ыыстыы, саҥара сылдьыахтара диэн наар буойар-хаайар буолара. Араас дьон тыла сэттээх-сэлээннээх буолар диир этэ. 1973 сыллаахха аҕам бронхиальнай астманан ыалдьан, сытынан кэбиспитин нэдиэлэ иһинэн эмтээн атаҕар туруорбутум.

- Маннык эмтиир дьоҕур эйиэхэ кимтэн бэриллибитэй?

- Ийэм аҕата Павел Михайлович Павлов илбийэн эмтиир эбит. Онон эмтиир дьоҕурум миэхэ эһэбиттэн бэриллибит, киниэхэ киһи бөҕөтө кэлэн эмтэтэн бараллара үһү. Миэхэ эмтэммит дьон хаһыакка махтанан суруйаары гыннахтарына, төрүт сөбүлэһээччим суох, миигин арбыылларын төрүт сөбүлээбэппин. Өссө бу эн буолаҥҥын сөбүлэҥмин биэрэн олоробун. Саха киһитэ өрүү сэмэй буолуохтаах диэн санааны тутуһабын.

- Оччоҕуна хаһааҥҥыттан аһаҕастык эмтиир буолбуккунуй?

- Олох үчүгэйдик эмтээһиним 90-с сылтан саҕаламмыта. Ол саҕана Ньурбаҕа түбүркүлүөс балыыһатыгар үлэлии киирбитим. Онно миигин кытта 4 оҕолоох эдэр дьахтар үлэлиир этэ. Дьокуускай куоракка кэлэн көрдөрүммүтүн, «онкологическай ыарыынан ыалдьыбыккын, дойдугар тиийэн эмтэн» диэн аккаастаан ыыппыттар этэ. Маатката араак буолбут этэ. Дьахтарым ыалдьан нэһиилэ үлэтигэр сылдьар. Оо, онно бу эдэр ийэни аһыммыппыан… Хайдах эмит гынан өлөр өлүүттэн быыһаабыт киһи диэн санаа бөҕөҕө түстүм. Түүн да утуйбат, күнүс да аһаабат буоллум. Кини оҕолорун көрө-көрө наһаа аһынабын, ол саҕана дьахтарым сааһа 30-тан лаппа тахсыбыт этэ. Мин бэйэм баҕабынан, күүспүнэн кэриэтэ киһибин эмтээн киирэн бардым. Ол курдук үс күн эмтээтим, үлэм быыһыгар дэлби илбийэбин, массажтыыбын. Бастакы эмтээбит күммэр дэлби тоҥнум диэбитэ, онтон эмтэммитин үһүс күнүгэр чэпчэтинэ олордоҕуна бөлкөй, хомуок курдук кэлэн түспүтүн миэхэ кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн дьахтарым маатката ыраастанан, үтүөрэн, чэпчээн сирэйэ-хараҕа сырдаан, тэтэрэн киирэн барбыта. Билигин да Ньурбаҕа баар, этэҥҥэ үлэлии сылдьар. «Оннооҕор эмчиттэр миигин кыайан эмтээбэтэхтэрэ, кини миигин киһи гыммыта, онон эмчитим кини буолар диэн», киһи аайы сөҕөн-махтайан кэпсиирин истэбин. Ол кэнниттэн дьон истиһэн кэлэн эмтэтэр буолбуттара.

-Кыһалҕалаах дьон үксэ искэн ыарыыларын эмтиир саха эмчитин интэриэһиргииллэр. Эн бу ыарыыга хайдаххыный?

-Туох кистэлэ кэлиэй, ас барбат буолбут ыарыһахтары эмтээн үтүөрдүтэлээн турардаахпын. Ханнык баҕарар ыарыы барыта сибээстээх диэхпин баҕарабын, ол курдук уорганы: туругуттан эмиэ сибээстээх. Ыарыылара кыра, саҥа саҕаланан эрэр буоллаҕына, ол кыаллар. Оттон аһара баалаппыт, атыннык эттэххэ, «метастаз» барбыт буоллаҕына, олох кыаллыбат. Саҥа саҕаланан эрэр ыарыыны мин ылсан эмтиэхпин сөп, ол курдук куртах, күөмэй ыарыытын эмтиибин. Маннык ыарыһахтарга хас да сыл ууруллубут чеснокка испиир настойкатын оҥорон иһэрдэбин, дэлби илбийэбин. Сорохтор ыарыыны наһаа олоҕурдан (баалатан) кэбиспит буолаллар, бүтэн баран көрдөрө кэлэллэр. Уопсайынан, ханнык баҕарар ыарыыны илбийии кыайар эбит диэн бэйэм уопуппуттан этэбин.

Дьыл кэмиттэн көрөн эмтэнэр ордук туһалаах

- Эн эмчит быһыытынан дьыл ханнык кэмигэр ордук аһыллан эмтиигиний?

- Туох баар организмы: эниэргийэтэ бүттэҕинэ, киһи ыалдьан киирэн барар. Киһи доруобуйатын туруга дьыл кэмиттэн наһаа тутулуктаах. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы ыйдарга киһи эниэргийэтэ мөлтүүр, ол кэмҥэ аҕыйах ыарыы эрэ эмтэниллиэн сөп. Оттон сааскы, сайыҥҥы кэмнэргэ муус устар, ыам, бэс ыйдарыгар ханнык баҕарар олоҕурбут ыарыыны ылан быраҕыахха сөп. Бу ыарыыны эмтииргэ саамай табыгастаах кэмнэр, тоҕо диэтэххэ, айылҕа уһуктар, от-мас тыллар бириэмэтэ буолар. Оруобуна ол кэмҥэ ыарыы барыта тахсан, ыраастанан биэрэр курдук.

- Дьону эмтиэҥ иннинэ бэйэҕин хайдах ыраастанаҕын?

- Эмтиэм иннинэ бэйэбин тыл этэн ыраастанабын, эбэтэр аттыбар уулаах олорон эмтээн киирэн барабын.

- Ханнык ыарыылары ордук ылсан эмтиигиний?

- Ис уорган (куртах, очоҕос) бары ыарыыларын уонна дьахтар ыарыытыгар (миома, киста) үчүгэйбин, ыйдааҕылара кэһиллэр дьахталларга көмөлөһөбүн. Түбүркүлүөс ыарыһахтары көхсүлэрин дэлби илбийэн, имэрийэн эмтиибин. Оннук биир ыалдьар эмээхсини ыраастаан, эмтээн турардаахпын. Оттон бронха ыарыытын ааһан иһэн эмтиибин диэххэ сөп, хойуу хаайтарыытыгар көмөлөһөбүн, хаан баттааһынын түһэрэбин. Куртах бааһырыытыгар эрозиялара сүтэн, ыраастанан хаалар. Төбө оһоллонуутугар имэрийэн киирэн бардахпына, бэйэтэ мин илиим иһиттэн ааһар курдук. Урут хайдах оһолломмутун, ханан тостуулааҕын көрөн быһааран, кэпсээн биэрэбин. Сорох киһи травмата сыыһа оспут буолар. Киһини төбөтүттэн, атаҕын тилэҕэр дылы ыарыытын көрөн эмтиибин. Кырдьаҕас эмээхситтэргэ косметическай массаас оҥоробун. Эмтэнэр дьонум илиим кытаанаҕыттан саллаллар, илбийэри: күүһэ бэрт дииллэр. Оннук эрэ гыннахпына ыарыыны кыайабын. Кыайбат киһибэр тута аккаастыыбын. Билиҥҥи эдэр ыччат үксэ куртах, хабах ыарыытынан ыалдьар.

- Оҕоломмот дьахталларга хайдах көмөлөһөҕүн?

- Дьахтар үксэ тымныйыылаах, ол иһин кыайан оҕоломмот. Ол тымныйыыларын, ыалдьар сирин булан дэлби массаастаан, илбийэн биэрэбин. Миэхэ көрдөрүнэ кэлбит дьахталлар этэҥҥэ эмтэнэн, бары кэриэтэ оҕолоннулар. Онон элбэх дьахтары төрөттүм. Оччолорго Ньурбаҕа эмтиирбэр миэхэ эмтэммит 5 дьахтар бары оҕоломмуттара, манна, куоракка эмиэ элбэхтэр. Көрдөххө, дьахтар эрэ төрүүр кыаҕа суох буолбатах, миэхэ көрдөрүнэ кэлбит ыал дьону көрдөхпүнэ, эр киһи өттүттэн эмиэ тымныйыылаах буолаллар. Ол курдук эр киһи үксэ простатитынан ыалдьар эбит.

- Ыарыһахтаргын ханна ыҥыран эмтиигиний?

- Миигин кытта бастаан сибээстэһэллэр, онтон кэлэн ыллахтарына дьиэлэригэр тиийэн эмтиибин.

- Ыарыһахха эн эмтиир ньыма: хайдах тиийэрий?

- Сорох ыарыһах эйиэхэ түргэнник аһыллан биэрэр, оттон сороххо ол кыаллыбат. Эйигин эрэнэр киһи түргэнник ылынар. Кинилэр эттэрин-хааннарын аһан биэрдилэр даҕаны, миэхэ түргэнник бас бэринэллэр. Илбийии кэнниттэн дэлби титирииллэр, сорох хотуонан таһаарар, сорох сотору-сотору чэпчэтинэр. Ону мин «үчүгэй буолуоҥ, куттаныма, эн ыарыы: тахсарыгар аанын аһан биэрдим» диибин. Ол кэнниттэн көхсүбүт ыарыыта ааста, чэпчээтибит диэн үөрэллэр. Организм оннук ыраастанар. Мин туох да эми-тому биэрбэппин, аҥаардас илбийии көмөтүнэн ыарыыларын эмтиибин.

Нуучча омуга түргэнник ылынар

- Хантан истэн уонна төһө элбэх киһи эйиэхэ көрдөрүнэ кэлэрий?

- Оо, дьэ, олус элбэх киһи көрдөрүнэ кэлэр, ааҕан да сиппэппин. Бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэллэр быһыылаах. Арааһынай ыарыылаах киһи бары кэлэр. Киһи доруобуйата мөлтөөһүнүгэр тас эйгэбит да улаханнык дьайар. Миэхэ нууччалар, молдаваннар, украинецтар кэлэн эмтэнэн барааччылар. Аны, дьиктиргиирим диэн, нууччалар наһаа түргэнник ылыналлар, ол курдук түргэнник үтүөрэллэр уонна ыраастаналлар.

- Итэҕэйэллэрэ бэрт буолуо…

- Наһаа итэҕэйэллэр. Оттон сахалар итэҕэйэн биэрэн испэппитинэн кытаанах дьоммут ээ, итэҕэйбэттэрэ бэрт, «оо, дьэ, ким билэр. Кини тугу билэр үһүө…» дии саныыллар быһыылаах. Онтон кэлэн эмтэнэн, туһанан бардахтарына, махтаналлар, мин онтон үөрэбин эрэ.

Илиим ыарыыны бэйэтэ булар

- Эмтиир-көрөр кэмҥэр турукка киирэҕин дуу?

- Киирэбин диэххэ сөп, харахпар барыта ойууланан көстөн кэлэр. Аны дьиктитэ диэн, илиим ыарыыны бэйэтэ булар, ханна ыарыы баарын бэйэтэ магнит тардарын курдук булан ылар. Аны эмтээбит ыарыым үчүгэй буолан иһэрин, эбэтэр кыаттарбатын илиим курдат билэбин. Онно тымныы, итии салгын биллэр курдук буолар.

- Хараххынан эмтиир эбиккин дии.

- Харахпынан эмиэ эмтиэхпин сөп. Харахпынан көрдөхпүнэ курдары итии бөҕө биэрэр дииллэр. Ол эрэн хараҕынан эмтииргэ киһи наһаа сылайар. Эмтии олорон олох кыаттарбатаҕына эрэ, көрөн эмтиэхпин сөп. Бу кыараҕас харах да буоллар, көрөр ээ (күлэн кэбиһэр).

- Эн киһини утары көрөн олорон диагностикалыаххын сөп дуо?

- Маннык утары көрөн олорон ыарыытын чуолкай этэбин. Ханнык баҕарар киһи киирэн истэҕинэ, туга ыалдьарын тута көрөн билэбин. Хайдах-туох киһи миэхэ көрдөрө кэлэн иһэрин туһунан миэхэ иһитиннэрии (сигнал) кэлэр. Онтон дьиэтин аадырыһын чуолкай билэр буоллахпына, дьиэбэр олорон эрэ эмтиибин, туга ыалдьарын билэн бараммын, сытан эрэ илбийэн киирэн барабын. Онно көрөн олорон эмтиир курдук турукка киирэммин, эмтээн киирэн барабын.

- Оччоҕуна эн киһини рентген курдук көрөр буоллаҕыҥ…

- Олох чуумпу эйгэҕэ олорон эрэ көрөбүн, онно миэхэ сигнал кэлэр. Бу киһи туга ыалдьарын туһунан, ол олорон ыарыытын этэн биэрэбин. Хаартысканан көрөн олорон, ыарыыларын эмиэ чуолкай этэн биэрэбин.

- Эн эмчит киһи хараҕынан көрдөххүнэ, дьон ордук туга ыалдьар эбитий?

- Үксүлэрэ быар, хабах, куртах, сүһүөх ыарыытынан ыалдьаллар. Уулуссаҕа атахтарын нэһиилэ соһон хааман иһэр киһини көрдөхпүнэ, наһаа аһына саныыбын уонна «оо, бу эрэйдээҕи, атаҕын эмтээн биэрбит киһи» диибин. Атахтара ыалдьар дьон нэһиилэ хааман маадьаҥнаан иһэр буолааччылар. Атаҕыҥ сискин кытта барыта сибээстээх, ону үчүгэйик көрөн баран илбийэн биэриэххэ наада.

- Оччоҕуна сүһүөх ыарыытыгар хайдаххыный?

- Сүһүөх ыарыытын эмтиибин. Сүһүөхтэрин ититэлээн, дэлби мускуйан илбийэбин. Ол эрэн сорох ыарыһах иннин кыайан биэрбэт. Сороҕор бэйэм атахтарым ыалдьан «доҕолоҥноон» ылабын ээ (сонньуйан ылар).

Үтүө, кэрэ дууһалаах киһи буолан эбитэ дуу, норуот эмчитэ Ирина Гаврильевна Кириллина туһунан суруйарбар ыйытыгым кэпсэтии быыһыгар бэйэтэ тахсан кэлэн, матырыйаалым олус чэпчэкитик сурулунна. Сорох айылгылаах дьону кытта кэпсэтэрбэр, сытыы бөрүөм кыайан аһыллыбакка ардыгар “сыппааннь хаалар түгэнэ эмиэ баар. Ол курдук, мэктиэтигэр суруйа олорор уруучукам ыйааһына кытта ыараабыт курдук буолааччы. Хор, оннук эмиэ буолар эбит, билбит дьыалам, ол иһин этэбин.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Сэҥээриилэр

Валентина
+1 Валентина 18.02.2018 22:46
Дорооболоруҥ!
Баһаалыста этиэххит дуо, хайдах Ирина Гаврильевнаны кытта сибээстэһиэххэ сөбүн.
Ответить
Дмитрий Иванов
+2 Дмитрий Иванов 19.02.2018 09:14
Дорообо!
Ирина Гаврильевна нүөмэрин 34-47-40 эбэтэр 42-21-08 нһөмэрдэртэн ыйытыҥ. Төл. матырыйаал ааптара Саргылаана Багынанованы ирдэһэҕит
Ответить
Михаил
+1 Михаил 19.02.2018 19:36
Олус үчүгэй матырыйаал суруллубут, махтал.
Ответить
Ланка
0 Ланка 20.02.2018 11:21
Ити нүөмэрдэртэн биирэ арахсыбыт,биир нүөмэри ким да ылбат (
Ответить
Анатолий
+1 Анатолий 03.07.2018 22:25
Дорооболорyн!Баһаалыста этиэххит дуо, хайдах Ирина Гаврильевнаны кытта сибээстэһиэххэ сөбүн.
Ответить

Санааҕын суруй