Киир

Киир

Дьокуускайга Росгвардия Саха сиринээҕи лиссиэнсийэ-көҥүл биэриитинэн дьарыктанар управлениетын үлэһиттэрэ бу сыл саҕаланыаҕыттан 11 тыһ. чугаһыыр саалаах дьону бэрэбиэркэлээбиттэр.

 

Ол түмүгэр 1095 быраабыланы кэһии баара биллэн, административнай боротокуол толоруллубут, 1 мөл. 288 тыһ. 500 солк. ыстараап төлөнөр буолбут. 791 саа, 256 устуука боторуон былдьаммыт. 130 сааҕа көҥүл аннулируйдаммыт. Дьон бэйэтэ баҕа өттүнэн 66 сааны туттарбыт. Былдьаммыт саа боломуочуйалаах уоргаҥҥа сыл эрэ харайыллар, ол кэнниттэн утилизацияҕа барарын санаталлар. Хаһаайын олохтон туоруур түгэнигэр сааны нэһилиэнньиктэрэ ылар бырааптаахтар. Онуоха сааҕа көҥүллээх буоллахтарына эрэ дьиэлэригэр харайар кыахтаахтар. Саа саҥа хаһаайын аатыгар хаттаан регистрацияланыахтаах, онуоха лиссиэнсийэ-көҥүл биэрэр управлениеҕа, чахчы, нэһилиэстибэҕэ бырааптааҕы туоһулуур сибидиэтэлистибэлээх тиийиллэр.

Санааҕын суруй