Киир

Киир

Мииринэй оройуонугар кэлии-барыы олус элбэҕинэн, хоруона вирус кэлиитигэр биир саамай кутталлаах аартык буолар.  Ол курдук аҥаардас биир сыл иһигэр түөрт тыһыынча киһи ааллаан кэлэр.

Маны сэргэ ньиэп-гаас тыһыынчанан үлэһитэ, Мииринэй аэробаксаалын нөҥүөлээн Таас-Үрэххэ баар ньиэби-гааһы хостуур учаастактарга, баахтаҕа, Ленскэйгэ, Чайыҥдатааҕы “Сила Сибири” баараҕай эбийиэккэ, ньиэби сүүрдэр ыстаансыйаларга, утумнарга тиийэллэр. Ленскэйгэ улахан аэропуортара суох буолан, туох баар баахта үлэһиттэрэ Мииринэйгэ тоҕуоруһаллар. Онон кэтэбил, эрдэттэн бэлэмнэнии, кэлэр дьону тургутуу булгуччулаах.

ХИФУ мэдэссиинэ институтун ординатор-быраастара уонна Дьокуускайдааҕы мэдэссиинэ кэллиэһин устудьуоннара, б нэдилэни быһа Мииринэй оройуонун балыыһаларыгар, Удачнайга уонна Айхалга эмиэ үлэлээтилэр. Уопсайа 40 устудьуон үлэлиэхтээҕин, сорохтор өссө да Дьокуускайтан кэлэ иликтэр. Мииринэй оройуонун киин балыыһата (МЦРБ) эмчит-устудьуоннары Ленина 4/1 уулуссатыгар баар МРТК уопсайыгар, дуустаах, туалеттаах, иккилии киһи олорор хосторго түһэрдэ. Онон олорор усулуобуйалара бэртээхэй. Күҥҥэ үстэ итии аһылыгынан хааччыйаллар.

mrtkyopcaia

mirnaipolik

Мин устудьуоннар үлэлиир, поликлиника бастакы этээһин хоһугар сылдьан оҕолору кытта сэһэргэстим. МЦРБ эдэр эмчиттэри туох ирдэнэринэн барытынан хааччыйбыт. Кинилэри уопуттаах быраас, поликлиника салаатын сэбиэдиссэйэ М.А.Швецова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр. Бу хаартыскаҕа көрөр устудьуоннаргыт – Дьокуускайдааҕы мэдэссиинэ кэллиэһин төрдүс кууруһун устудьуоннара Семен Васильев, Сахаайа Ноговицына, Денис Жергин буолаллар. Оҕолор ХИФУ мэдэссиинэ институтун ординатор-быраастарын кытта биир күдьүс үлэлииллэр. Күнүс поликлиника сынньалаҥ хоһугар бииргэ эбиэттииллэр. Оттон киэһээҥҥи аһылыктарын уопсайдарыгар илдьэ бараллар. Устудьуоннар быыстала суох ыҥырыыларга (вызовтарга) сылдьаллар. Атын дойдулартан кэлбит дьону миэстэтигэр тиийэн бэрэбиэркэлииллэр, анаалыс ылаллар. Инньэ гынан, сололоро суох. “Манна төһө өр буолаҕыт?” диэн ыйыппыппар, биир-икки ый диэн хоруйдаатылар.

denicjergin

saxaynog

semenvas

Станислав Алексеев, Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.

 

 

 

Санааҕын суруй