Киир

Киир

Саха сиригэр оҕо быраабыгар боломуочуйалаах Анна Соловьева бүгүҥҥэттэн дуоһунаһыттан босхолонно.

Кини бу дуоһунаска лоп курдук биэс сыллааҕыта хос анаммыта.

"Мин 70 сааспын туоллум, дьэ, доруобуйабын көрүнэргэ бириэмэ таҕыста. Бүгүҥҥэттэн саҕалаан дуоһунаспыттан босхолонобун уонна олохпун үчүгэй өттүгэр уларытарга эрэллээх уурайабын. Миэхэ бу түгэн - көҥүл босхолонуу", - диэн Анна Афанасьевна Сахадэй суруналыыһыгар кэпсээбит.

Санааҕын суруй