Киир

Киир

Саха өрөспүүбүлүкэтин ГТАС Амма улууһугар салаатын салайааччыта Екатерина Васильева бу сыл түөрт ыйын түмүгүн таһаарда. Дьэ киһи соһуйар сыыппаралара тахсан кэлбиттэр. Билсиэҕин эрэ.

“Хомойуох иһин бу сыл ааспыт сыл түөрт ыйын түмүгүн кытта тэҥнээтэххэ, сыыппара киһини соччо үөрдүбэт. Ол курдук оҕо төрөөһүнүн регистрацията ааспыт сыл түөрт ыйыгар 77 эбит буоллаҕына, быйылгы сылга 63, киһи өлүүтэ 41 эбит буоллаҕына быйыл 57, ыал буолуу былырыын 21 эбит буоллаҕына, быйыл 18, арахсыы 19 буоллаҕына, быйыл 14, аҕа буолуутун быһаарыы 21 буоллаҕына, быйыл 16, ааты уонна араспаанньаны уларытыы 8 буоллаҕына быйылгы сылга 13 уонна оҕону иитэ ылыы ааспыт сыл түөрт ыйыгар 1 эрэ буоллаҕына, быйыл 4-кэ тэҥнэстэ. Дьон олохтон барыыта биир үксүн сүрэх, тымыр ыарыыларыттан буолар. Тас биричиинэттэн өлүү суох”, - диэн Екатерина Семеновна этэр.

Онтон бу сыл муус устар ыйыгар оҕо төрөөһүнүн регистрацията -12, өлүү -9, ыал буолуу – 6, арахсыы – 10, аҕа буолууну быһаарыы – 3, ааты уонна араспаанньаны уларытыы – 2, оҕону иитэ ылыы -0.

"Амма олоҕо" саайтан

Санааҕын суруй