Киир

Киир

Тапталлаах Сахабыт сиригэр үрүҥ түүннэр саҕаланнылар, кэтэһиилээх Үрүҥ Тунах Ыһыахпыт чугаһаата. Сырдык санаанан салайтаран, сурутааччыларбытыгар анаан,  «Ситим» медиа бөлөх  үлэһиттэрэ сэргэх тэрээһиннэри уонна сүүйүүлээх оонньуулары бэлэмнээтибит. 

Бастакы сүүйүүлээх оонньотуу: 

«“Үһү – биирдэ” – бирииһи биэрдэ!»

«Ситим» медиа бөлөх 2022 сыл иккис аҥаарыгар «“Үһү – биирдэ” – бирииһи биэрдэ» диэн анал сүүйүүлээх сурутууну ыытар. Бу сүүйүүлээх сурутуу «Үһү – биирдэ» суруйтарбыт дьон ортотугар оонньонор. «Үһү – биирдэ» сомоҕо сурутууга «Кыым», «Күрүлгэн» уонна «Байдам» киирэллэр.

Сүүйүүлээх сурутуу сүрүн бирииһэ – ТОҤОРОР ЛАРЬ! Маны таһынан, араас сыаналаах маллар оонньонуохтара.

Усулуобуйата: сүүйүүлээх оонньотууга кыттааччы, хайаан да, «Үһү – биирдэ» суруйтарбыт кибитээнсийэтин (эбэтэр куоппуйатын), аадырыһын, аатын толору ыйан туран, почтанан (кэмбиэрдээн) эбэтэр электроннай почтанан, бассаабынан, сирэй бэйэтэ эбэтэр дьонунан «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтигэр тиксэрэр. Кыайыылаахтар ааттара алтынньыга биллиэҕэ, киэҥник сырдатыллыаҕа.

Иккис сүүйүүлээх оонньотуу:

«Ыһыахха - саҥа симэхтээх»!

«Кыым» хаһыат бу дьыл бэс ыйын 1-16 күннэригэр суруппут дьон ортотугар «Үрүҥ түүн симэҕэ» сүүйүүлээх оонньотуу буолуоҕа!

Кыайыылаах «Уруу» ювелирнай хампаанньаттан ҮРҮҤ КӨМҮС ТҮӨС СИМЭҔИН тутуоҕа. Кыайыылааҕы быһаарыы дьоллоох түгэнин бэс ыйын 20 күнүгэр киэһэ 19 чаастан “Кыым” социальнай ситимнэригэр быһа эпииргэ көрүөххүт.

Бу оонньотууга ким кыттыан сөбүй?

Бэс ыйын 1-16 күннэригэр, чэпчэтиилээх декадаҕа, «Кыым» хаһыаты суруппут барыта.

Хаһыаты хайдах сурутабын?

Ханнык ньыманы таларгын бэйэҥ быһаараҕын:

1) Почтаҕа тиийэн, олоҕурбут үгэһинэн;

2) «Кыым» хаһыакка эбэтэр «Кыым.ру» аан ситимҥэ тахсыбыт куар-кодунан;

3) Сурутууга анаммыт 8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ эрийэн эбэтэр суруйан.

 Оонньотууга хайдах кыттабын?

Сурутууҥ кибитээнсийэтин хаартыскаҕа түһэрэн, 8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ бассаабынан ыытаҕын уонна быһа эпиири кэтэһэҕин.

Үһүс сүүйүүлээх оонньотуу:

“Кыым” + “Ил Түмэн”

2022 сыл иккис аҥаарыгар “Кыым” уонна “Ил Түмэн” хаһыаттары тэҥинэн суруппут дьоҥҥо анал сүүйүүлээх сурутуу баар.

Онно кыттарга “Кыымы” уонна “Ил Түмэни” суруппут кибитээнсийэлэргитин кэмбиэрдээн баран, “Кыым” аадырыһыгар (бассаабынан эбэтэр электроннай почтанан) ыытаҕыт.

“Ил Түмэн” – норуот туруорсуутун былааска тириэрдэр далаһа, дьон-сэргэ санаатын аһаҕастык этэр трибуната, үрдүкү салалта соругун нэһилиэнньэҕэ кэпсиир уруупара. Ону тэҥэ уустук тылынан суруллубут сокуону судургу, өйдөнөр гына быһааран биэрэр.

“Кыым” – сахалыы тыыннаах, көҥүл куттаах, ааҕааччы бары араҥатын хабар, сэргэх сонуннаах, кэрэ кэпсээннээх сүүс сылы уҥуордаабыт өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хаһыата. Оччоттон баччаҕа диэри “Кыым” норуот духуобунай баайын харыстаан, харааннаан, дьон-сэргэ кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, дьон туһугар үлэлээн-хамсаан кэллэ уонна инникитин да ону салгыыр былааннаах.

Сахалыы тыл сайда-кэҥии турарын туһугар, күндү ааҕааччыларбыт, сурутуҥ, ааҕыҥ, туһаныҥ!