Киир

Киир

Хой

хой

Сэрэдэ, чэппиэр үлэҕэ бастыҥ күннэр. Субуота, баскыһыанньа – сынньанарга ааттаахтар. Тугу эрэ айбыт-туппут киһи диэн санаа арахпат. Онтуҥ уһуктан, тиллэн өрөбүллэргэ түбэһиэ. Оптуорунньук – уустук күн. Бары эйгэҕэ барытыгар. Ити күн куйаартан улахан ыйытык, ирдэбил түһүө. Атын күннэргэ көннөрү сэрэх-таамах буол.

Оҕус

о5ус

Оптуорунньук – көҥүл, дьээбэ-хообо, дириҥ толкуй күнэ. Тапталга талааныҥ уһуктуо. Сатабылыҥ барҕарыа. 21кэ бэйэҥ алҕастаргын кытта охсуһуоҥ. Өрөбүллэргэр дьылҕаҕын быһаарар хардыылары оҥоруоҥ. Нэдиэлэ устатын тухары туох эрэ уһуктаах туорай буола сытыа. Кыйытта, кыыһыра сылдьыма. Дьону быһа-хото саҥарыма, билбэккэ эрэ сыана быһыма.

Игирэлэр

игирэ

Саҥа ситим олохтуурга саамай табыгастаах нэдиэлэ. Айан, кэпсэтии элбиир. Албын-көлдьүн быһыы, үктэтэ сатааһын, куһаҕан дьаллыктар итиннэ барытыгар мэһэй буолуохтарын сөп. Кими да кытта куомуннаһыма, кыраны да сымыйалаама. Олус түбүгүрүмэ. Үлэ ханна да куотуо суоҕа. Быһыы-майгы эмискэ тосту уларыйарыгар бэлэм инигин?

Араак

араак

Оптуорунньук уонна сэрэдэ эрэ арыый да бэтэрээнэн буолуохтара. Уларыйыы түһүмэҕэр тулуйбат уустуктарыҥ баар буолуохтарын сөп. Өрөбүллэргэ үчүгэйдик сынньаныаҥ суох. Уустук кыһалҕа, кистэлэҥ дьыала-куолу уонна таҥнарыы баар. Сэрэдэҕэ этиһии күөдьүйбүтүн умуруорар кыаҕыҥ кыра. Тулуурдаах буол.

Хахай

хахай

Субуотаҕа табыллыаҥ. Уоту кытта ситимнээх үлэ-хамнас тахсыылаах буолуо. Ситиһиилээх дьону кытта алтыһаҥҥын олоҕуҥ саҥа хардыытын оҥорорго дьэ быһаарыныаҥ. Оптуорунньук – төлөһүү күнэ. Иэс-күүс хаалыа суохтаах. Чэппиэр – сытыы күн. Сытыы киирсиилэр, аахсыы, охсуһуу да баар. Аймахтаргын харыстаа, урууларгын уһуктаах тылгынан тыытыма.

Кыыс

кыыс

Утуйар ууҥ умнуллубут. Аһыыр да, сынньанар да соло суох курдук. Сэрэдэҕэ, баскыһыанньаҕа өстөөхтөрүҥ суолларын быһа хаамыма. Субуотаҕа сырдык өй-санаа киириэ. Суохтан баары айан таһаарыаҥ. Дьиэ кэргэҥҥин кытта уоппускаҕа барарга, ыраах айанныырга былааҥҥын олоххо киллэрэн бар.

Ыйааһын

ыйааьын

Түөрт күн олус үчүгэйдик ааһыа. Санааҥ хоту ону бэйэҥ оҥоруоххун, “төрөтүөххүн” сөп. Чэппиэргэ сөбүлээбэт үлэҥ түмүктэниэ. Сэрэдэҕэ утарсыы, долгуйуу элбэх. Сатанар буоллаҕына, дьиэҕиттэн ыраатыма. Истиҥник саныыр дьоҥҥун кытта бииргэ буоллаххына, бу күннэр этэҥҥэ ааһыахтара.

Скорпион

скорпион

Бу нэдиэлэ халбаҥ баҕайы. Тиһэҕэр диэри киирсиэхтээхпин диэн санаа аалыыта ыытан биэрбэт. Эниэргийэҥ бүтүөхчэ курдук. Спорт, хаамыы бэркэ аралдьытыахтара. Дьиэҕэр отой көстүбэт эбиккин. Оҕолоруҥ сотору эн дьүһүҥҥүн да умнууһуктар. Өрүү охсуһуу хонуутугар сылдьар курдук сананыма.

Охчут

охчут

Оптуорунньукка санаа түһүүтэ, куттал баһыйар. Эйигин өйүөх-убуох киһи суох курдук буолуо. Атын күннэргэ ити барыта этэҥҥэ ааһыа. Салалтаҥ эн сатабылгын сөпкө сыаналыа. Тылгын-өскүн имитэн-хомутан туһаннаххына элбэҕи хадаҕалыахтара.

Чубуку

чубуку

Оптуорунньук – уустук күн. Ол охсуута сэрэдэҕэ түбэһиэ. Арахсыы, адаарыһыы баар. Дьолуҥ туһугар охсуһаргар тиийэҕин. Кыһалла сатаа. Чэппиэртэн хамсааһын баар. Ыраах айанныыргыттан куттныма. Кутаа аттыгар истиҥ билсиһии күүтэр. Айылҕа уотун кытта ситим эн олоххун өссө күүскэ сырдатыа, араас өҥүнэн оонньотуо.

Күрүлгэн

курулгэн

Оптуорунньукка, баскыһыанньаҕа утарсар күүһүҥ олус улахан. Куһаҕаны барытын киэр кыйдыаҥ. Сэрэдэҕэ дьон хабыр сыһыаныгар дьаалайыма. Үлэ диэҥҥэ олус тардыһыма. Оҕо, дьиэ кэргэн – бу нэдиэлэ сүрүн бэлиэлэрэ.

Балыктар

балыктар

Барытыгар кимнээҕэр да табыллан иһиэҥ. Бээтинсэҕэ куораттан ханна да барыма, кими да кытта билсиһимэ, дьиэҕин уоккун уларытыма, хамсатыма. Ити күн салалтаттан өйөбүлү күүтүмэ. Оптуорунньуктан субуотаҕа диэри саҥа дьыаланы саҕалыырга, уруккуну түмүктүүргэ саамай тоҕоостоох кэм. Эн хас хардыыҥ куйаар сокуонуттан туоруо суохтаах. Сыыһа үктүөҥ – сонно тута хардатын биэриэхтэрэ.

Санааҕын суруй