Хой
Нэдиэлэ сүрүн тиэмэтэ – дохуот уонна ороскуот. Ону таһынан үөрэх уонна кэпсэтии. Командировка, айан баар. Айаҥҥа оптуорунньукка, чэппиэргэ сэрэхтээх буолуҥ. Сэрэдэҕэ харчы туһунан үчүгэй сурах кэлиэ. Бээтинсэҕэ таптааҥ, сэлэһиҥ, харчыгытын таптыыргытынан туттуҥ. Субуотаҕа салалтаттан соһуччу быһыы-майгы күүтүллэр. Баскыһыанньаҕа харчыгын оҕоҕор эрэ туһан.
Оҕус
Быраастартан араҕыа суоххун. Бэнидиэнньиккэ ылбыт охсууҥ ой дуораана буолан нэдиэлэни быһа салҕаныан сөп. Бээтинсэҕэ күүстээх имэҥ, уоттаах-төлөннөөх кэпсэтии баар. Субуотаҕа баҕа санааҥ туолуо. Баскыһыанньаҕа доҕотторгун кытта түмсэ түһэр наада. Паараҥ доруобуйатынан дьарыктаныаҥ.
Игирэлэр
Бэнидиэнньиккэ ботуччу барыһы ылар тоҕоос көстүө. Бу нэдиэлэҕэ бар дьон уонна эн диэн тиэмэ күүскэ туруо. Ыал дьон биир ыллыгынан хаамаргыт буоллар... Сүрэҕиҥ аҥаара аара суолга хаалаары гыммыт. Уопсастыбаннай сиргэ сокуону кытаанахтык тутус. Баскыһыанньаҕа улахан суолталаах сонун киириэ. Үлэҕэр харчы өлөрөр саҥа суол арыллан биэриэ.
Араак
Кыраныысса таһын кытта ситимнээх ситиһии күүтэр. Карьераҥ өрө көтөн эрэр. Оптуорунньукка хара үлэ кутталлаах буолуон сөп. Күүстээх спортан сэрэхтээх буол. Сэрэдэҕэ хамсаабат баайы-дуолу кытта ситимнээх дьыала-куолу элбиэ. Өрөбүллэргин дьиэ кэргэҥҥин кытта атаар. Баскыһыанньаҕа бэйэҥ көлөҕүнэн айаҥҥа турунуоххун сөп. Ити күн аан дойдуну баһылаабыт курдук сананыаҥ.
Хахай
Сүрүн кыһалҕа – харчыны үксэтии, баайы хаҥатыы. Бэнидиэнньиккэ оҕо уруу, оонньуу, көр-нар саҕаланыа. Оптуорунньукка ол салҕанан барыа. Сэрэдэҕэ тас дойдуттан үп киириэ, интэриниэккэ олорон харчы өлөрөр тоҕоос көстүөн сөп. Бээтинсэҕэ ситиһииҥ чыпчаала буолуо. Субуотаҕа күнүс былааҥҥын тосту уларытар быһыы-майгыы үөскүө. Бэйэҕин харыстан.
Кыыс
Чэппиэргэ, субуотаҕа киһи үөйбэтэх-ахтыбатах быһыыта-майгыта буолуо. Бэнидиэнньиккэ, оптуорунньукка уоттан сэрэхтээх буол. Сэрэдэҕэ ыраах айан, үлэҕэр дуу, дьиэҕэр дуу айдаан-куйдаан баар курдук. Субуотаҕа оҕолору кытта ситимнээх соһуччу быһыыттан муннукка хаайыллыаҥ. Ити күн атыттар көмө-ньыма буолуохтара. Баскыһыанньаҕа саҥа ситим үөскүө.
Ыйааһын
Бу күннэргэ кыраныысса таһыгар үөрэнии сүрүн тиэмэ буолуо. Оптуорунньукка чугас айан баар. Сэрэдэҕэ үөрэх туһунан кэпсэтии элбиэ. Маҕаһыыны кэрийдэххинэ олус элбэҕи атыылаһан кэбиһиэххин сөп. Баскыһыанньаҕа уопсастыбаннай дьыала-куолу элбиэ. Ыалларыҥ көмө көрдүөхтэрэ.
Скорпион
Виза кыһалҕата турбут. Дохуот уонна ороскуот. Омук дьоно эн баайгын-дуолгун кэрэхсиэхтэрэ. Сэрэдэҕэ санаабыккын барытын ылыаҥ. Чэппиэргэ ол хатыланыа. Бэлэх-туһах биэрэр дьонтон сэрэхтээх буол. Баскыһыанньаҕа оҕоҕун кытта ситимнээх айар-тутар кыһалҕа күөрэс гыныа. Сынньалаҥҥа, көргө-нарга уустук хамсаныылары оҥоро сатаама.
Охчут
Доруобуйаны кытта ситимнээх уларыйыы-тэлэрийии баар. Олус күүскэ эрчиллимэ, дьарыктаныма. Быһа түһэн кэбиһиэҥ. Дьиэ кэргэниҥ эйигин үөрдэр эрэ. Чэппиэргэ буолуохтаахтан санааҕын түһэримэ. Өрөбүллэргэ ыалдьыты көрсүү, көр-нар күүтэр.
Чубуку
Дьиэҕэр бииргэ олорор дьоҥҥутун кытта кыһалҕа элбиэ. Ол кими эрэ үөрдүө, кими эрэ кыыһырдыа. Үлэҕин, баҕар, дьиэҕэр да илдьэ кэлиэххин сөп. Суолга сатыы да сылдьан сэрэхтээх буол. Урукку кистэлэҥ баарын биллэрэн аалыа. Доҕоттору кытта үөрүүлээх көрсүһүү баар.
Күрүлгэн
Үп-харчы кыһалҕата бэбиэскэттэн түспэт. Бэнидиэнньиктээҕи соһуччу быһыы-майгы оптуорунньукка уоттаах-күөстээх быһаарсыыга тиийиэн сөп. Сэрэдэҕэ тырааныспарга сэрэхтээх буол. Чэппиэргэ бириэмийэ дуу, наҕараада дуу баар буолуон сөп. Өрөбүллэр диэки уоскулаҥы көрдүөҥ. Баскыһыанньаҕа дьиэ-уот боппуруоһа сүгүннүө суоҕа.
Балыктар
Сэрэдэҕэ диэри иэс-күүс төлөһүүтэ бүтүөхтээх. Барытыгар эн быраап курдуккун эрээри, бэйэҕэр тоҕо эрэ эрэлэ суоххун. Искэр кутуйах хаамар. Бээтинсэҕэ оҕоҥ, аймаҕыҥ айанын, үөрэҕин төлөһүөҥ. Кэргэҥҥин кытта мунньубут харчыгытын күүскэ да күүскэ ыһан-тоҕон эрэр курдуккут. Баскыһыанньаҕа көр-нар доруобуйаҕар охсуулаах буолуон сөп.