Хой
Бэйэҥ интэриэскин көмүскүүр туһугар сутуругунан да киирсэргэ бэлэмҥин. Тус кыаҕыҥ, билинииҥ улааппыт. Карьера оҥостооччулар будулҕаннаах түһүмэххэ киирбиккит. Ыраах айан уустуктардаах буолуон сөп эбэтэр отой да туолуо суоҕа. Сырдык уонна хараҥа эн тускар охсуһан эрэллэр. Хайата кыайыылаах тахсыай?
Оҕус
Билиигэ-көрүүгэ, үөрэххэ дьулуһууҥ улааппыт. Кут-сүр үөрэҕин саҥа таһымыгар тахса сатыыгын. Айанныах, атын омуктары көрүөх баҕаҥ улааппыт. Биир санаалаах түмсүүттэн тахса сатыаҥ. Онуоха туох эрэ төрүөт буолуо.
Игирэлэр
Хорсун-хоодуот буолбуккун. Бэйэҥ да араас кутталга киирэн ыларга дьулуһар курдуккун. Бу күннэргэ оһол куттала улаатыа. Үпкүн-харчыгын хамсатыма. Урууну, үбүлүөйү тэрийэргэ сөбө суох нэдиэлэ. Арахсыы да куттала улааппыт. Дьон иннигэр саҥарарга дьулуһума. Дьиэ иһинээҕи айдааны таска таһаарыма.
Араак
Олус элбэх үлэ сүктэриллиэ. Дьиэҕэр кириитикэттэн атыны истиэҥ суоҕа. Эрдии-ойохтуу сыһыаны тупсара сатыыргыттан туох да туһа тахсыа суох. Ыраахтан уруу-аймах кэлэн сүпсүлгэн буолууһугун. Сүөһүнү кытта ситимнээх кыһалҕа баар.
Хахай
Ыраастыыр, хомуйар ыарыыга ылларбыт курдуккун. Тумуу баар. Ыра сатааҥҥын доруобуйаҕын алларытыаххын сөп. Сымыйа хайҕалы истимэ, албыҥҥа кииримэ. Айар-тутар күрэскэ кыайар-хотор кыах улахан.
Кыыс
Имэҥиҥ улааппыт курдук. Олус кимиилээхтик сыһыаннаһан, соччото суох түгэҥҥэ киириэххин сөп. Оҕоҕо ураты болҕомто эрэйиллэр. Саҥа ыал буолбут дьон дьиэтигэр элбэх киһи тоҕуоруһара сатаммат. Урууга, үбүлүөйгэ кэргэнниилэр көстө, тахса сатаабаттара ордук. Дьон хараҕа хатанар куттала улааппыт.
Ыйааһын
Дьиэ кэргэн олоҕо эриэ-дэхси буолбатах. Өрөмүөн кыһалҕата бурайсыыга тиэрдиэн сөп. Нэдиэлэ иккис аҥаара араас сонун атастаһыгынан толору буолуо. Эйигин туһана сатааччы эмискэччи элбиэ. Саҥа билсиһииттэн ыраах сырыт. Айаҥҥа туруна сатаама.
Скорпион
Олус элбэх айан баар. Урууну-аймаҕы кытта сыһыан өссө күүһүрүө. Кылабачыҥныы сатаан арааһынан мөхсүөҥ. Дьон сиитигэр-хоһуутугар барыаххын сөп. Араас тэрээһин биир кэм үллэҥнээн олоруо. Айан да элбэх.
Охчут
Ханнык баҕарар үлэҕэ ылсан иһэҕин. Үп-харчы кыһалҕата суох буолуо. Доруобуйаҕын олус тургутума. Төрөппүт, аҕа саастаах дьон тылын истэриҥ ордук. Чэппиэртэн саҕалаан оҕолоргун, дьиэҕин-уоккун өрө тарт, көр-иһит.
Чубуку
Суолгун булунарга тоҕоостоох күннэр. Уопуккун, алҕастаргын ыраҥалаан көр. Чуумпуну көрдүүгүн. Элбэх дьонноох тэрээһиннэртэн сылайбыккын. Саҥа дьону билсиһэргэ сөбө суох кэм. Кистэлэҥнэргин арыйыма.
Күрүлгэн
Дьон уйулҕатынан дьарыктанааччыларга бэртээхэй күннэр. Ол эрээри эн хамсана сатыыргын атахтыыр түгэн элбэх буолуо. Адаҕалааххын. Харчыны олус элбэхтик туттубуккун соһуйа билиэҥ. Кытаатан иэс эрэ ыла сатаама.
Балыктар
Биир кэм өрө кулахачыйан олоруоҥ. Сынньалаҥы түһээн эрэ көрүөҥ. Сүүс сүүскүнэн атын аптарытыаттары кытта анньыһыаҥ. Урукку доҕору кытта бурайсыаҥ, саҥа доҕору булунуоҥ. Ханнык баҕарар түһүлгэҕэ күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолуоҥ.