Киир

Киир

Хой

хой

Туоххун барытын толук ууран туран сыалгын ситиһэ сатаама. Ыра санааҥ туолуо өссө да илик. Харгыстар нэдиэлэ саҕаланыытыгар уонна бээтинсэҕэ биллиэхтэрэ. Кэтэҕинэн тугу да быһаара сатаама. Суолга сэрэхтээх буол. Киһи кэлин кыбыстыан сөптөөҕү тугу да оҥорума. Нэдиэлэ ортотугар сытыы кыһалҕаны быһаарыаҥ.

Оҕус

о5ус

Сорох хардыыҥ, саҥаҥ-иҥэҥ сиэри таһынан буолуохтарын сөп. Доҕордуу сыһыан тургутууну ааһыа. Олус өйдөөххүн көрдөрө сатаама. Нэдиэлэ ортотугар ыраах айан, дьоро күн бэркэ ааһыа. Салгыҥҥа сырыт. Ыраах айаҥҥа олоҕуҥ аргыһын көрсүөххүн сөп.

Игирэлэр

игирэ

Улахан киирсиилээх күннэр. Ыал игирэлэр бииртэн биир тургутуу, моһол кыһарыйыа. Олоҕо суохтан этиһэн-охсуһан туруоххутун сөп. Онон күннээҕи түбүккэ аралдьый. Доруобуйаҕын көрүн – укуолга сырыт, систиэмэтэ ыл. Эпэрээссийэ да наада буолан хаалыан сөп.

Араак

1

Күннээҕи түбүк кутуҥ-сүрүҥ сайдарыгар мэһэйдиир курдук. Үлэ уонна үөрэх утарсыытыгар кыбыллыаҥ. Айаҥҥа турунуохтааххын туох эрэ тохтотуо. Ыарыыҥ өрө көбөн тахсыан сөп. Дьиэ кэргэн туонатыгар барыта үүт тураан. Соҕотох араактар ыал буолар биэтэккэ тиийбиккит.

Хахай        

хахай

Дьорҕоот майгыҥ, тылыҥ-өһүҥ кытаанаҕа таптыыр киһигин тэйитиэн сөп. Киһигин соһутума. Дьону кытта аламаҕай буол. Киһи эрэ барыта хахайдыы тыыннаах буолбатах. Дьиэ-уот түбүгэ элбэх. Оҕуруоккунан күүскэ дьарыктан. Ыарыһах дьону көрөртөн батыныма.

Кыыс

кыыс

Дьиэ кэргэҥҥэр барыта эриэ дэхси буолбатах. Кийиит-хотун, аҕа кылын-күтүөт сыһыана муҥутуур уустугуруо. Ол икки ардыгар көр-нар баар буолуо. Кэнсиэр. Үөрэх этэҥҥэ сыҕарыйан иһэр. Бэрт сэргэх, кэпсэтинньэҥ киһини кытта билсиэҥ.

Ыйааһын

ыйааьын

Дьонтон сылайбыккын. Онтукаҥ кэпсэтэргэ да көстөн, биллэн ааһыа. Үөрэҕи уонна үлэни дьүөрэлии сатаан дьиэҕин-уоккун умнубуккун. Ньиэрбэҕин харыстаа. Дьиэҕин өрө тарт. Билиэт атыылаһыаххын сөп – сынньалаҥҥын эрдэттэн былааннаа.

Скорпион

скорпион

Үп-харчы элбэхтик баранар кэмэ. Бэлэххэ-туһахха, бэриккэ элбэх харчы барыыһы. Кэрэ куолар ордук тупсуохтара. Эр дьон хараҕа хатаныа. Таҥаһы-сабы уларытар кэм кэлбит. Бу нэдиэлэҕэ иккиттэн биири талар уустук кыһалҕа үөскээн тахсыа. Ол туохха сыһыаннааҕа билигин биллибэт.

Охчут

охчут

Олус ыксалгын. Ол содулугар сыыһа хардыылары оҥороҕун. Сыта-олоро толкуйдуур диэни умнума. Наар “бүгүн тугу аһыыбыт?” диэнинэн олороргун тохтоторуҥ ордук. Араас ыгылыйыыттан ыарыыҥ өрө туруон сөп. Ол сибикитэ субу билигин биллэрэ олорор.

Чубуку

чубуку

Уоскуйар төрүөт суох. Искэр элбэх кутуйах хаамар. Билбэт дьоҥҥор бүк эрэнэн, сэлээннээн кэбиһимэ. Бэйэҥ бэйэҕэр кырдьыксыт буол. Кураанах тылга эрэнимэ. Биир санаалаах киһигин көрүстэххинэ баҕа санааҥ сымыйанан эппит курдук туолан барыаҕа. Барыта.

Күрүлгэн

курулгэн

Элбэх киһилээх көргө-нарга кыттыһартан кытаатан туттуна сатаа. Харчыҥ да барыа, араас айдааҥҥа да кыбыллыаҥ. Сэрэдэҕэ, чэппиэргэ дьүһүн кубулуйар абын-алыбын билиэҥ. Оччоҕо эн иннигэр аан бөҕөтө тэлэллэ түһүө. Махтанары сатаа. Кэрээнимэ.

Балыктар

балыктар

Тугу да аахсыбат курдук күрдьүмэ. Өстөөхтөр диэннэр суохтар. Улахамсыйыма. Ол билигин эйиэхэ туһаны аҕалыа суоҕа. Олус кимэн киирэҥҥин салалтаттан дьарыллыаҥ. Үөрэнэргэ, элбэҕи билэргэ-көрөргө олус табыгастаах күннэр. Элбэхтик салгыҥҥа сырыт, хаамп. Таптыыр киһигэр өссө сымнаҕас буол.

Санааҕын суруй