Киир

Киир

Матрена Петровна Петухова 95 саастаах

Матрена Петровна Петухова 95 саастаах
Матрена Петровна Петухова 95 саастаах
Матрена Петровна Петухова 95 саастаах
  • Сыҥаах нэһилиэгэр, “Хара Уулаах” алааска, 1928 сыл алтынньы 10 күнүгэр Ефросиния Михайловна Никифорова уонна Петр Саввич Олесов дьиэ кэргэнигэр 6-с оҕонон төрөөбүтэ: 3 эдьиийдээх, 2 убайдаах этэ. 4 кылаас үөрэхтээх.

    1949 сыллаахха Петухов Гаврил Семеновичка кэргэн тахсан, 7 оҕону төрөппүтэ. Билигин элбэх сиэн, хос сиэн, 1 хос-хос сиэннээх, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ, хос-хос эбэтэ буолан Кэптэнигэ олорор.

    Эдэр эрдэҕиттэн сэрии кэмигэр, сэрии кэнниттэн хонуу, пиэрмэ үлэтигэр үлэлээбитэ. Кэргэнэ сэрии бэтэрээнэ Гаврил Семенович Уус Алдан райпотун Лөгөй сельпотугар атыыһыт буолан, маҕаһыыҥҥа остуорастаан, учаастактааҕы балыыһаҕа завхозтаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
    Быйыл 2023 сыл алтынньы 10 күнүгэр бочуоттаах 95 сааһын дьиэ кэргэнин ортотугар үөрэ-көтө көрсөр.


Санааҕын суруй