Киир

Киир

Гуляева Христина Игнатьевна 93 саастаах

Гуляева Христина Игнатьевна 93 саастаах
Гуляева Христина Игнатьевна 93 саастаах
Гуляева Христина Игнатьевна 93 саастаах
  • 1930 сыл алтынньы 18 күнүгэр Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгэр Игнат Прокопьевич уонна Ирина Ивановна дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт икки балтылаах этэ: Сыроватская Христина Николаевна, Винокурова Екатерина Николаевна. Аҕалара эрдэ өлөн, соҕотох ийэҕэ иитиллэн улааппыттара. Ийэлэрэ Ирина Ивановна Куокуйга колхуос тэриллиэҕиттэн фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээн, икки Сталин төбөлөөх мэтээллээх бастыҥ ыанньыксыт буолбута.

    Куокуй түөрт кылаастаах оскуолатыгар 9 сааһыгар үөрэнэ киирбит. Оскуолаҕа үөрэҕэр олус кыһаллан, умсугуйан үөрэммит, үөрэҕи чэпчэкитик ылынар эбит.
    «Үөрэхпэр ахсааҥҥа үчүгэй этим уонна физкультура уруогар уолаттардааҕар ордук баҕанаҕа тахсарым, бэйэбин кыанар этим» диэн ийэбит кэпсиир. Оскуолаҕа мас эрбээн саһаан туруораллара, үөрэнэ да сылдьан, каникул да кэмигэр оскуола оҕолоро кырдьаҕас оҕонньоттору кытта уокка оттуллар маһы бэлэмнииллэрэ. Тулаайах буолан, салгыы үөрэммэтэх. Төрдүс кылааһынан бүтэн, ийэтигэр көмөлөһөн балтыларын көрсөн, фермаҕа үлэлии хаалбыт.

    Ийэбит оҕо, эдэр сааһа сэрии ыар сылларыгар ааспыта. Сэрии аар-туор сылларыгар аччыктыыра, тоҥоро-хатара элбэх этэ. Улахан дьону кытта тэҥҥэ ферма үлэтигэр илии-атах буолан көмөлөһөрө, атын оҕолору кытта бурдук ыһыытыгар оҕуһу үүрэрэ, сиэтэрэ, ардыгар от да охсоро. Туруйа толоонун уулаах аҥхайыгар оту мунньуу, бугуллааһын оҕо киһиэхэ илистиилээх, сылаалаах үлэ этэ. Сиэмэ хомууругар Нуораччыманан, Бэрдьигэстээҕинэн, Күөлүнэн хоно сылдьан үлэлииллэрэ. Кэлин сүөһү көрөөччүнэн, хотон харабылынан үлэлээбитэ.

    1950 сыллаахха Кальвица бөһүөлэгэр көһөн кэлэр. 1954 сыллаахха биһиги аҕабытыгар Попов Григорий Григорьевичка кэргэн тахсан 9 оҕону төрөтөн, балта Екатерина Николаевна эдэр сааһыгар суох буолан икки тулаайах хаалбыт оҕолорун ииппиттэрэ. Ыал сиэринэн сүөһүлэнэн, сылгыланан олорбуттара. Аҕабыт эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн өлөн, ийэбит бэйэтэ оҕолорун көрөн-истэн улаатыннарбыта.

    Кальвицаҕа кэлэн 8 сыл сайыннары-кыһыннары балыксытынан үлэлээбит. Кыһынын ыраах уонча көстөөх сиргэ баран үүчээн баар буоллаҕына онно дьиэлэнэн, онтон суох буоллаҕына хаалбыт хотону оҥостон, онно олорон балыктыылларын ахтар. Онно ат сыарҕатыгар сытан, аара хоно-хоно айанныыллара. Ходуһаҕа кээһиилээх окко түбэстэхтэринэ үрдүн хаһан хонон тураллара. Ити курдук күөлтэн күөлгэ көһө сылдьан балыктыыллара. Балыксыт үлэтэ, олоҕо ыарахана биллэр. Оннооҕор эр да дьон инчэҕэй эттэрэ элэйэр, сылайар уустук, сыралаах дьарык.

    Сайынын Арыы быһыкка сылдьаллара. Онно бэйэтэ кыра бөһүөлэк кэриэтэ, оҕо аймах бөҕөтө буолара. Бөһүөлэк дьахталлара бука бары сайынын балыкка киирэллэрэ. Ким сибиинньэлээх сибиинньэтин, ким ынахтаах ынаҕын илдьэ сылдьаллара. Тугунуокка түһэргэ 10-ча биригээдэлээх уочарат бөҕө буолааччы. Оҥочонон эрдинэ сылдьан балыктыыллара, онтон түүн оҥочолоругар толору балык тиэйэн, ону таһынан сэтиилээн, балыгы состорон илиилэринэн эрдинэн, Таас-Тумуска илдьэн туттараллара. Таҥас-сап мөлтөх буолан тоҥоллорун-хаталларын, ол да буоллар көр-күлүү, ырыа-тойук аргыстаах сылдьар этибит диэн ийэбит кэпсиир.

    Хоһоон айан бэйэ бэйэлэрин хоһуйсалларын билигин да өйдөөн ааҕар. Түргэн-тарҕан туттуулаах буолан, аҕабыт бултаан кэллэҕинэ кустарын үргээн, соболорун ыһаарылаан бүтэрбитэ-оһорбута баар буолааччы. Үлэтигэр үксүн ыксаан-бохсоон сүүрүүнэн кэриэтэ сылдьара. Онтон утуу-субуу оҕолонон балыктан уурайан, 1968 сылтан биэнсийэҕэ тахсыар диэри оскуолаҕа остуорастаабыта (дьиэ сууйар, үс оһоҕу оттор, маһын хайыттан кыстанар, дьиэ таһын ыраастыыр, оҕолору аһатар, быһата, 5-6 киһи үлэтин толорор этэ).

    Бөһүөлэк олоҕор көхтөөхтүк кыттара, сценкаҕа оонньуурун сөбүлүүрэ. Ийэбит олус холку, сайаҕас майгылаах, ыалдьытымсах, дэлэгэй астаах-үөллээх, куруук үөрэ-көтө сылдьар дьиҥнээх Далбар хотун. Кини сатаабата диэн суох буолара. Аҕабыт, кэлин уолаттара балыксыт буоланнар, таҥастарын бэйэтэ иистэнэр этэ. Ийэбит хайа да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат, билигин даҕаны иһит сууйан, дьиэ харбаан, биһиэхэ сүбэ-ама буолан олороруттан үөрэбит.

    Ийэбит, эбээбит үйэтэ уһаан, кырдьар сааһыгар оҕолорун-сиэннэрин сылаас сыһыаннарыгар угуттанан, 93 сааһыгар тиийэн “Дьол” диэни билэн олорор. Аныгы үйэ сиэринэн суотабай төлөпүөнүнэн оҕолоругар эрийэн бэйэтэ кэпсэтэр, нүөмэрдэрин өйүгэр тутарын сөҕөбүт эрэ. Оҕолоро араас идэлээх ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан араас улууска олороллор.

    Христина Игнатьевна 1, 2, 3 истиэпэннээх “Материнская слава”, «Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэрдээх, Тыыл, Үлэ бэтэрээнэ, Кэбээйи улууhун бочуоттаах олохтооҕо.

    Ийэбитин, эбээбитин тумуу тумнарыгар, ыарыы ыалласпатыгар, оҕолорун, сиэннэрин тапталларынан кынаттанан чэгиэнник сылдьарыгар баҕарабыт. Күндү киһибитигэр махтал маанытын, баһыыба бастыҥын аныыбыт. Күн сирин кэрэтин көрдөрбүт ийэбит барахсан биһиэхэ саамай чугас, ханнык да түгэҥҥэ өрүү өйдүүр-өйүүр, сүбэ-ама биэрэр күндү киһибит буолар.


Санааҕын суруй