Киир

Киир

От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 100-тэн тахса сиргэ тыа-ойуур умайар, онно барыта 620 киһи үлэлии сылдьар. Аҥаардас от ыйын 1-кы уонна 2-с күннэригэр 60-тан тахса сиргэ уот турбута билиннэ. Уус Майдаҕа уонна Өлүөхүмэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар. Ол туһунан СӨ Экологияҕа, сир баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев анал мунньахха эттэ.

“Ааспыт өрөбүллэргэ өрөспүүбүлүкэ территориятын сөмөлүөтүнэн уонна куосумастан кэтээн көрүү түмүгэр, эбии барыта 987 гаа иэннээх 64 ойуур баһаара баара билиннэ. Ону таһынан, биир сиргэ 233 гаа иэннээх ландшафтнай баһаары буллулар. Баһаардар, сүрүннээн, кураанах этиҥтэн барбыттар”, – диэн тойон Коноплев иһитиннэрдэ.

Ол курдук, бу күннэргэ тыа-ойуур Алдаҥҥа, Үөһээ Халымаҕа, Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Нерюнгрига, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Уус Майдаҕа уонна Чурапчыга умайа турар.

“Өрөбүллэргэ барыта 6787 гаа иэннээх 22 баһаары умуллардылар. Сэттэ баһаары – Өймөкөөҥҥө, иккилиини – Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа уонна Чурапчыга саба туттулар. Биирдии баһаары – Бүлүүгэ уонна Сунтаарга”, – диэн А.Коноплев быһаарда.

Инньэ гынан, от ыйын 3 күнүнээҕи сарсыарда туругунан, Саха сиригэр барыта 61 164 гаа иэннээх 110 баһаар баар. Онтон биэһин (3363 гаа) саба туттулар. Уот нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр суоһаабат”, – диэн миниистир солбуйааччыта эбэн эттэ.

Быйыл саас хаар барыаҕыттан уонна сир-дойду кууруоҕуттан, барыта холбоон 75 236 гаа иэннээх 195 баһаар бэлиэтэммитэ. Холобур, былырыын баччаҕа барыта 116 тыһыынча гаа иэннээх 248 баһаар баара. Ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит сирдэригэр ойуурга тахсар бобуллан, кэтиир-хонтуруоллуур үлэ күүһүрэн турар.    

Санааҕын суруй