Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 сиргэ турбут ойуур баһаарын умуораллар. Баһаар уопсай иэнэ 464 га буолбут. Бу туһунан СӨ экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ленскэй, Дьааҥы, Нам, Ньурба уонна да атын оройуоннарга 11 сиргэ турбут ойуур баһаара бэлиэтэммит.

Ньурбаҕа 2 га, Нерюнгри оройуонугар 60 га, Мииринэйгэ 1 га уонна Амма улууһугар 10 га иэннээх икки сиргэ турбут ойуур баһаара боҕуһулунна”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Министиэристибэ иһитиннэрбитинэн, Ленскэй оройуонугар 34 га иэннээх ойуур баһаарар умуоруллубут. Манна 358 киһи үлэлээбит.

Саха сирин ыраах сытар, сылдьарга эрэйдээх оройуоннарыгар 124 термоточкалар бааллар. Баһаар уопсай иэнэ 720,799 тыһ га тэҥнэспит”, — диэн иһитиннэриигэ бэлиэтэнэр.

Муома уонна Дьааҥы оройуоннарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэриллибитэ.

Санааҕын суруй