Киир

Киир

Видеоблогер Магадаантан – Дьокуускайга айанаан иһэр. Аара суолга кини Өймөкөөҥҥө, көс эбээн дьонугар, ыстаадаҕа хонон ааста.

"Дьэ бу манна баар эбит дьиҥнээх Тымныы Полюһа. Төһө да билигин арыый да 40 кыраадыс намыһах буоллар, дьагдьайдым, балаакка биир эрэ хос бириһиэн. Иһигэр тимир оһохтоох. Сиргэ мас дэпси уонна таба тэллэҕэ. Барыта дьиҥнээх – былыргылыы. Оһоххо мас эбэҕин – итии буолар, соннук уон биэс мүнүүтэнэн эппэтин да лаппа сөрүүдүйэр.

Эбээннэр үйэлэрин тухары көс дьон, ханна таба аһылыктаах да онно көһө сылдьан табаларын мэччитэллэр. Билигин сэбиэскэй кэм буолбатах, сопхуостар суохтар, судаарыстыбаттан көмө аны суох. Урут сэбиэскэй кэм саҕана тугунан барытынан хааччыйар этилэр табаҕыттан – аһыгар тиийэ. Билигин, биирдэ эмитэ быыбар кэмигэр сэдэх бөртөлүөт көтөн кэлэр, аны соторутааҕыта сиргэ нолуок төлөттөрөр буоллулар. Уопсайынан, былаастары кытта сыһыан манна улахан кыһалҕалаах.

Ол эрээри саамай сүрүнэ манна – таба эрэ баар буоллун, тыыннаах хааллын, салҕаннын! Кыһыылаах уонна хомолтолоох даҕаны, биһиэхэ таба уонна табаһыт өйдөбүлэ сороҕор киһини үөҕүү, намтатыы курдук көстөрө. Табалар, мин санаабар олус өйдөөх уонна мааны кыыллар”.

Ykt Top

Санааҕын суруй