Ийэ диэн хайдахтаах күндү, кэрэ, истиҥ киһи буолуохтааҕын бары билэбит. Кинини ытыктааһын, киниэхэ сүгүрүйүү – ытык иэспит. Ийэ күнэ, ийэ хапытаала ол да иһин үөскээтэхтэрэ.
Хомойуох иһин, истиҥ сыһыаны оҕолоругар биллэрбэт, эйэҕэс тылы эппэт, туохха да кыһаллыбат ийэлэр бааллар. Киһи кэлэйэр, дьиксинэр, сиргэнэр даҕаны. Оннук ийэ туһунан суруйарга сананным...
Аҕыйах сыллааҕыта “Оҕо дьиэтигэр иитиллэ сылдьыбыт дьоҥҥо биэрэргэ кыбартыыра көрдүүбүт” диэн, олохтоох тэлэбиисэргэ иһитиннэрбиттэрэ. Сотору биһиги олорор дьиэбитигэр 2 оҕолоох эдэр дьахтар кэлбитэ. Кэлээт: “Мин дьиэҕэ наадыйбаппын. Сотору Өлүөхүмэҕэ төттөрү барабын. Дьиэ тутта сылдьабыт”, — диэбитэ. Улахан уолун “ээ, ити миигин маама да диэбэт, өлүөхүмэлэр оҕолоро” диэбитэ.
Бэрт кылгас кэм иһигэр дьон мустуута, түннүгүнэн арыгы, пиибэ бытыылкаларын тамнааһын, кэлии-барыы, хаһыы-ыһыы саҕаламмыта.
Маҥнай утаа, сымыйанан да буоллар, сороҕор көрдөһөр этэ: “Полицияны ыҥырыма, мин сотору барабын. Куортамнаан эрэбин. Кыратык тулуй...” – диирэ да, киһи тулуйбат үлүгэрэ этэ.
Сарсыардаттан хаһыы, үөхсүү, араас быдьар тыл, күнүстэри күүгээн, түүннэри лүҥсүйүү, ааны тоҕута тэбии, кыракый оҕолору кытта итирик дьону тастарыттан хатааһын. Ол быыһыгар кэлии омуктары киллэрэн тастарыттан хатыы сылдьыбыт түгэннэрэ эмиэ баара!
Аны дьахтарбыт сыл аайы оҕолон да оҕолон. Саҥа дьыл иннинэ бэһис оҕотун мээнэ сылдьан ыраах дэриэбинэҕэ, туох эрэ дьиэҕэ төрөөбүт. Хата, эмсэҕэлээбэтэхтэр.
Бу сылларга төһөлөөх утуйбатахпын, оҕолор тустарыгар долгуйбуппун, баһаар да барар куттала улаханыттан эрэйдэммиппин кэпсиир уустук.
Бастакы сылларга полициялар син кэлэн, уоскутар курдуктара, кэлин “полиция дьиэттэн дьону үүрэр бырааба суох” диэн, олохтоох дьаһалтаны кытта кэпсэтиҥ диир буоллулар. Оҕолору чугастааҕы тулаайахтары иитэр дьиэҕэ таһаараллара. Кэлин оҕолор онно уһуннук олорор буолбуттара. Хас да сыл тухары биирдэ эрэ 1000 солкуобайынан ыстарааптаммытын туһунан Мэҥэ Хаҥалас биир хамыыһыйатын уурааҕын туппутум. Ити – 2014 сыллаах кулун тутар ый 6 күнүнээҕи уураах этэ. Олохтоох дьаһалтаҕа да элбэх сайабылыанньа суруллан сорҕотун – бэйэм, сороҕун ыалдьан кыайан барбатахпына, дьонунан тиэрдиллибитэ да, туох да хоруй кэлбэтэҕэ.
Үгүс санааттан, элбэх сыл ньиэрбэ хаата буолан сылдьартан бэйэм да куһаҕан доруобуйалаах киһи, ыарыым бэргээн, бу сааскыттан хас да ый эмтэнэ, көрдөрүнэ сылдьыбытым. Төһө да атын сиргэ сырыттарбын, санаам – дьиэбэр. «Балбахова арыгыһыт табаарыстарыныын төһө эрэ күннээтилэр, хайдах эрэ олордулар, ууну, уоту ыыталлара буолуо» диэн санааттан аанньа сынньалаҥ буолсу дуо, эмп да буолаахтыа дуо.
Кэлбиппэр оҕолоро суохтар. «Өлүөхүмэлээбитэ. 3 оҕоттон биири эмиэ Өлүөхүмэттэн ылбыттар үһү» диэн истибитим. Ийэттэн оҕолорун ыйыппыппар: “Папаларыгар, Хаптаҕайга...” — диэбитэ. «Хаптаҕайга саҥа аҕаламмыт буоллахтара дуу?» дии санаабытым. Соһуйуох иһин, арыгылаан уу бөҕөнү ыытан баран, хамыыһыйа кэлэн көрүүтүгэр суох буолбута.
Аймахтара кэлэн олорбуттара. Кырдьык, Хаптаҕайдаабыт буоллаҕа дии санаабытым. Сотору итирик сылдьарын, Майаҕа баарын истибитим. Оҕолоро Хаптаҕайга баар буоллахтарына, сотору оҕолоноору сылдьар ийэ тоҕо ыалы кэрийэрэ (үксүгэр кэргэнэ суохтарга) өйдөммөт этэ. Ама да, арыгылыах баҕа баарын иһин.
Саҥа дьылга саҥа оҕолоох кэлбитэ. Ол кэннэ эмиэ үүммүт сылбыт үчүгэйи эрэннэрбэтэ өйдөммүтэ. Ыксаан, полицияны ыҥыраҕын. Оҕону балыыһаҕа илдьэллэр да, дьахтар баран аҕалар. Түүннэри хаһыы-ыһыы, орулааһын, сарсыардаттан маатыра, оҕо эрэйдээх ытааһына... Бу оҕо тугу аһыырый?! Арыгы булкаастаах ийэтин үүтүн дуу, босхо бэриллэр бороһуок үүтүнэн дуу?! Ол үүтү итирэ-кутура сылдьан ким, хаһан аҕалан кутара биллибэт.
Дьуһуурунай полициялар дьаһалтаҕа барарга сүбэлииллэр. Туох да бырааптара суоҕар, дьыала оҥорон да туһа суоҕар сигэнэллэр. Ыстараабы да төлөөбөт киһи илии эрэ баттыаҕа диэн буолар. Онно эрэ полиция үлэһиттэриттэн “2 оҕо лишениеҕа” барбытын иһиттим. Оччотугар бу саҥа бэһис оҕото эрэ киниэнэ буолар. Ону харыстаан, киһилии оҕолоон, өйү-төйү булан ийэ дэтиэх баара.
Хас да сыл кэтээн көрбүппүнэн, Балбаховаҕа сылдьар дьахталлар үксүлэрэ оҕо күүтэр дуу, оҕо сиэтиилээх, көтөҕүүлээх дуу буолааччылар. Ол аата – ийэлэр. Дьэ, ол итирик ийэлэртэн киһи тугу күүтүөн сөбүй? Бэйэ-бэйэлэригэр да истиҥ сыһыан көстүбэт. Үгүстүк үөхсүү, хаһыы, маатыра эрэ иһиллэр.
Бэйэтэ төрөппүттэрэ арыгыһыт буолан, детдомҥа иитиллибит. Онон кини оҕолорун ордук харыстыан, бэйэтин курдук олоҕу баҕарымыан сөп этэ да...
“Ити үлүгэрдээх эр дьон охсуһа сылдьан оҕолору да дэҥниэхтэрэ, итирик дьоҥҥо быраҕан, өссө тастарыттан хатаан бараҕын, бары табахсыккыт, баһаар да барыан сөп”, — диэн көрдөххө, истибэт. “Кимнээҕэр үчүгэйдик көрөллөр, аньыы даҕаны, тоҕо итинник диигин”, — диэн истиэн да баҕарбат. Кэлин кэпсэтэн да туһа суоҕун иһин дьаһалтаҕа, полицияҕа этэ сатааччыбын. Оҕолору син быыһаатахтара. Арай бу кырачаан оҕо хайдах буолаахтыыр? Биэс оҕо диэн саныахха дөбөҥ. Ийэ хапытаалын эрэ ылар туһугар оҕолон да оҕолон буолар, ийэлии сыһыаннаспат дьону ийэ диэххэ тыл тахсыбат...
Саханы элбэтиэххэ диибит... Арыгы, күүлэй содулугар төрөөбүт, улааппыт оҕолортон Сахабыт сирин сарсыҥҥытын уһансар сайыннарар чулуу ыччат тахсыа дуо? Улаханнык саарбахтыыбын.
Биллэн туран, ыччат барыта арыгыһыт буолан эрэр диэбэппин. Кэрэҕэ тардыһар, сырдыгы батыһар, үчүгэйи үөдүтэр, утуму уһатыах, кэскили кэҥэтиэх кэрэ аҥаардар, үөрүөх иһин, үгүстэр.
Ол эрээри бу курдук чөл олоҕу тутуспат ийэлэргэ туох эрэ көдьүүстээх үлэ барыан наада. Атын сиргэ, баҕар, хайыы-үйэ киһини сэҥээрдэр, үөрдэр үлэ барара буолуо...
Раиса Кардашевская, Мэҥэ Хаҥалас, Майа.
Комментарии
And i'm glad reading your article. But should remark on few general things, The site style is
perfect, the articles is really excellent : D. Good job, cheers
Here is my website cialis: http://imogene.obrien
by accident, while I was looking on Bing for something else, Nonetheless I am here now and would just like to say many thanks for a
fantastic post and a all round exciting blog (I also love the theme/design), I don’t have time
to read it all at the moment but I have saved it and also
included your RSS feeds, so when I have time I will be back to
read a great deal more, Please do keep up the great work.
Feel free to surf to my web page tadalafil generic: https://p8.secure.hostingprod.com/@www.amazingfoodscorp.com/ssl/info.php?a%5B%5D=%3Ca+href%3Dhttps%3A%2F%2Fcialisya.com%2F%3Ebuy+cialis+online%3C%2Fa%3E
I have joined your feed and look forward to seeking more of your magnificent post.
Also, I have shared your website in my social networks!
Review my blog post: buy cialis
online: http://www.wwwhu.f.e.n.g.ku.a.ng.ni.ubi.uk.32
truly pleassant to read all at one place.
Feel free to visit my web blog ... generic cialis
tadalafil: http://110.45.147.51/?a%5B%5D=%3Ca+href%3Dhttps%3A%2F%2Fcialisya.com%2F%3Ebuy+cialis+online%3C%2Fa%3E
new net people, who are wishing for blogging.
My web site - buy cialis online: http://S.t.u.M.B.l.e.jd.u.M
minutes and actual effort to create a great article…
but what can I say… I procrastinate a whole lot and don't seem to
get anything done.
Review my web-site :: generic cialis tadalafil: http://your.qwe.aqmail
Whenever I take a look at your website in Safari, it looks
fine however, when opening in I.E., it's got some overlapping
issues. I simply wanted to give you a quick heads up!
Other than that, great site!
Have a look at my website :: Buy
Flucobeta online: https://canadianjpharmacy.com/categories/Anti-Fungal/Diflucan/Flucobeta
newsletter service. Do you've any? Kindly allow me
recognise in order that I could subscribe. Thanks.
My page: buy cialis online: http://access-quran.com/phpinfo.php?a%5B%5D=%3Ca+href%3Dhttps%3A%2F%2Fcialisya.com%2F%3Ebuy+cialis+online%3C%2Fa%3E
our dialogue made at this time.
My web blog; buy cialis online: http://bigdoggle.net/info.php?a%5B%5D=%3Ca+href%3Dhttps%3A%2F%2Fcialisya.com%2F%3Ebuy+cialis+online%3C%2Fa%3E
started and create my own. Do you need any html coding knowledge
to make your own blog? Any help would be really appreciated!
Also visit my site cialis 20 mg: http://c..r.idortpkm