Киир

Киир

Саха сиригэр өссө биир сидьиҥ быһылаан тахсыбыт. “Эмиэ” диирбитигэр тиийэбит...

33 саастаах Амма олохтооҕун уонна 41 саастаах Уус Алдан киһитин 16 сыл кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа ураахтаатылар. Кинилэр урут хаһан да айах атан кэпсэппэтэх, букатын билбэт, баара-суоҕа 21 саастаах эдэркээн уолу кыыллыы сынньан өлөрбүттэр. Ол туһунан СӨ сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспатын матырыйаалларыгар сигэнэн, “Якутск Вечерний” суруйар.

Өлөрүөхсүттэри присяжнайдар кэллиэгийэлэрэ дьүүллээбит. Силиэстийэ быһаарбытынан, киһийдэхтэр 2022 сыл олунньу 17 күнүгэр Дьокуускайга Вилюйскай переулок таһынааҕы ойуурга сылдьан, урут билбэт эдэр киһилэрин көрбүттэр уонна тута “бу киһи накротик кистыы сылдьар” диэн уорбалаабыттар. Ити кэннэ наркотигын былдьыыр итиэннэ бэйэлэрэ туһанар сыалтан, уолу тутан ылбыттар уонна хара күүстэринэн массыыналарыгар симэн, гаражка аҕалбыттар.

Эдэр киһини чүүччэйбиттэр эрээри, накротигы көрдөөн булбатахтар уонна онтон уордайаннар буолуо, туох түбэһэринэн уолу кыыллыы сынньыбыттар, сидьиҥик сэймэктээбиттэр. Ол кэннэ “Үрдэл” сынньалаҥ пааркатын таһыгар мыраан үрдүгэр аҕалан, илиитин кэлгийэн, сыгынньахтаан баран, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга ойуур иһигэр быраҕан кэбиспиттэр.

Эдэркээн уол барахсан тоҥон, үлүйэн буолбакка (биллэн турар, ол эмиэ кырата суох дьайдаҕа – “Кыым.ру”), түөһүн уҥуоҕа, ойоҕоһо тостубуттарыттан, бүттэтэ суох буолбуттарыттан, сүрэҕэ эчэйбититтэн уонна үөс тардара хайа барбытыттан онно сытан тыына быстаахтаабыт.

“ЯВ” суруйарынан, өлбүт уол суорума суолланыан биир ый иннинэ Саха сиригэр Алтаайтан кэлбит. Өлөр быатыгар...

Уопсайынан, олохпут ханна тиийэн эрэр, дьон-сэргэ тоҕо кыыллыйда, сиэр-майгы сатарыйда? Тоҕо бииртэн-биир дьулаан сонун онто суох уустук олохпутун уйгуурдар?

Бэй.кэр.

Хаартыска: ЯкутскСити.ком (быһылааҥҥа сыһыана суох)

Сэҥээриилэр

KylieUnuro
0 KylieUnuro 16.03.2024 17:13
Yagecut10
https://sandangels.us/sand/profile/lilliancby72609/ https://nmpeoplesrepublick.com/community/profile/nidabrough49452/ https://iceworld.gr/community/profile/damarisfried191/ http://wickliffegdc.com/index.php/community/profile/kristinepomeroy/ https://domitor2020.org/community/profile/ginger58533251/ http://exceltotally.com/profile/cameronthirkell/ https://anguiplast.com/hazardowe-gry-online-ani-gry-karciane-kasyno/ https://visualmedio.com/2023/11/07/gry-automaty-sizzling-hot-jednoreki-bandyta/ http://ajk.wxw.mybluehost.me/community/profile/kimhorst8384548/ http://ajk.wxw.mybluehost.me/community/profile/ellisahern66965/ https://pilatesmove.es/gry-hazardowe-na-prawdziwe-pieniadze-ani-automaty-do-gier-gdynia/ https://anguiplast.com/kasyno-paysafecard-2024-poker-online-za-prawdziwe-pieniadze/
Ответить
ElliottTibra
0 ElliottTibra 18.03.2024 06:15
How should I respond to an extortion email that claims to have hacked my accounts and threatens to expose my personal information unless I pay a large sum of money? The email contains some of my passwords, my social security number, and a screenshot of my discord chat. Is this a genuine hack or a scam using data from a breach?

https://technsight.com/
Ответить
Keithnop
0 Keithnop 18.03.2024 11:07
Хорошие ссылки
https://eroscenu.ru/ https://vk.com/orenavtoservis
Ответить

Санааҕын суруй