Киир

Киир

Мииринэй олохтоохторо, кэргэннии дьон, массыанньыктарга балыйтаран, 590 тыһ. солкуобайы «инбэстииссийэлээбиттэр». Быһаарыллыбытынан, сиэртибэлэр куйаар ситиминэн кэлбит түргэнник уонна чэпчэкитик кэлэр харчы туһунан таргетированнай эрэкэлээмэни көрбүттэр. Кэргэнниилэр, ымсыылара баһыйан, сайаапканы ыыппыттар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

 Сарсыҥҥы күнүгэр кинилэргэ «брокербын» дэммит биир дьахтар эрийбит. Кини сиэртибэлэргэ «Газпром» хампаанньа аахсыйатын барыстаахтык атыылаһалларыгар этии киллэрбит. Кэргэнниилэр өр толкуйдаабакка, харчыланар туһуттан сөбүлэҥнэрин биэрбиттэр. Кинилэр баантан баран 590 тыһ.солкуобай кирэдьиит ылбыттар уонна түөкүн дьахтар усчуотугар ыыппыттар. Ити кэнниттэн, били масыанньык эрэннэрбит эбии түһүөхтээх харчы сууммата даҕаны, бэйэлэрин харчылара даҕаны суола сойон хаалбыт.

Убаастаабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Түргэнник кэлэр харчыны эрэннэрэр дьоҥҥо, сымыйа эрэкэлээмэлэргэ итэҕэйимэҥ! Бэйэҕит харчыгытын туга-ханныга биллибэт усчуоттарга ыытымаҥ. Маннык «харчы өлөрөөһүн» пуонда биржатыгар көннөрү оонньууга тэҥнээх уонна бэйэ баайыҥ-дуолуҥ туругун көннөрөргө сыыһа суолунан буолар. Сэргэх буолуҥ, угаайыга кииримэҥ!

Санааҕын суруй