Киир

Киир

Дьокуускай куорат олохтооҕо түөкүттэргэ 1,3 мөлүйүөн суумманы албыннаттарбыт. Кини, «Instagram» ситимигэр «Тинькофф-инвестиции» диэн эрэкэлээмэҕэ абылаттаран, олус элбэх харчытыттан ытыс соттон хаалла. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эр киһи биллэр хампаанньа киһини албынныа суоҕа диэн эрэнэн туран, бастаан анкыата толорбут. Ол кэнниттэн, киниэхэ «Тинькоф»-ан «үлэһит» төлөпүөнүгэр эрийбит. Эр киһи «үлэ» саҕаланыытыгар анаан, кинилэргэ 12500 солкуобайы ыыппыт. Ол кэнниттэн, сымыйа брокердар суумманы элбэтэр туһуттан кирэдьиит ылыахтааҕын туһунан эппиттэр. Онуоха, киһибит атын бааҥҥа иэс киирэн туран, 1 мөл. 295 солкуобайы түөкүттэр эппит усчуоттарыгар ыыппыт. Сотору буолан баран, 3 000 дуоллар сууммалаах страховканы төлүөхтээххин диэн албынчык «үлэһиттэр» өссө биирдэ кирэдьииттэ ыл диэбиттэр. Онуоха, Дьокуускай олохтооҕо бу дьон сымыйалыылларын таайбыт.

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Ол-бу эрэкэлээмэлэргэ итэҕэйимэҥ, угаайыга киирэн биэримэҥ. Харчыгытын аата-суола суох, кимэ-туга биллибэт усчуоттарга ыытымаҥ! Харчыгытын харыстааҥ!

Санааҕын суруй