Киир

Киир

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн "Ыалга оҕо төрөөтөҕүнэ үбүнэн көмөлөһүү” диэн эрэгийиэн бырайыага үлэлиир. 2020 сылга бу сыалга 4.5 млрд солк. көрүллүбүтүттэн 4 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн кэлбитэ.

Бу дьыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, оҕоломмут ыаллары өйүүргэ маннык көмө оҥоһулунна:
• Бастакы оҕолоро төрөөбүт 698 ыал биир кэмнээх 35 тыһ. 200 солк. ыллылар;
• Иккис оҕоҕо төлөнөр Саха сиринээҕэ Ийэ хапытаалын 969 ыал ылла. О.и. ийэ хапытаалынан 170 ыал туһанна (маныаха оҕолоро 2019 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт түгэнигэр – 139 985,1 солк., оттон оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт түгэнигэр ити кээмэй үрдүк – 184 985,1 солк.)
• Үһүс уонна ол кэннинээҕи оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр 17 660 солк. төлөбүрү Саха сирин 4 547 ыала ылла.
• Оттон бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр 17 660 солк. өрөспүүбүлүкэ 6 506 ыала ылла.
• 45 ЭКО оҥоһулунна.
Бу “Ыал оҕолонноҕуна оҥоһуллар үбүнэн көмө туһунан” эрэгийиэн бырагырааматын туһунан сиһилии билсэргэ СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр эбэтэр кэлим 88001001403 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп. Бу туһунан “Кыым” эрэдээксийэтигэр Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Санааҕын суруй