Киир

Киир

Кубулҕаттаах кулун тутар ый маҥнайгы күнэ үүннэ. Сандал саас тыына билиннэ. Дьэ, билигин хайыһарынан, хаҥкынан хатааһылааһын саамай үгэнэ саҕаланна. Онон, саас маҥнайгы күнүгэр Туймаада хочобут аатырбыт, ытык миэстэтин - Сайсары күөлүн көрөн-истэн кэллим. Дьиҥинэн, эбиэтэ кэннинээҕи бириэмэҕэ тиийбитим буоллар, киһитэ-сүөһүтэ быдан элбэх, ордук кэрэхсэбиллээх буолара хаалбыт... Чэ, буоллун диэн баран, кэлбиччэ, Сайсары үрдүнэн хаампычча, хаҥкылааччы, хайыһардааччы төһө баарын хаартыскаҕа түһэрдим. Дьиҥинэн, устудьуоннар, үөрэнээччилэр үөрэнэ сылдьаллар, улахан дьон үлэлэригэр буоллахтара. Ол эрээри, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайааччы дьон аҕыйах да буоллар, бааллар эбит.

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.49.15

Сайсарыга баар хаҥкылыыр каток иһэ чуумпу. Манна хаҥкыҥ суох буоллаҕына 200 солк., оттон баар түбэлтэтигэр, биир чаас хатааһылааһыҥҥа 150 солк.төлөөн киирэр эбиппит. Бу катокка биир үксүн устудьуоннар уонна улахан кылаас үөрэнээччилэрэ сылдьар буоланнар, күнүскү бириэмэҕэ ким даҕаны көстүбэт.

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.49.01  

Дьэ, сотору, бу катокка эдэр ыччат күлэ-үөрэ көрүлүө турдаҕа.

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.49.25

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.48.43

Салгыы хаамтым. Сайсары эбэ сааскы көй салгына сайа охсор, наһаа астык. Ыраах аҕыйах хайыһардьыт, көннөрү дьаарбайааччы, быыһыгар физкультуранан дьарыктана сылдьааччылар бааллар.

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.48.12

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.47.59

 

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.47.27

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.46.46

WhatsApp Image 2022 03 01 at 12.45.56

Хайдах эрэ, чөл олоҕу тутуһар хайыһардьыттарбыт арыый элбэхтэрэ эбитэ буоллар диэҕи баҕарыллар. Маннык ураты быыһык кэми мүччү туппакка, хаҥкылааҥ, хайыһардааҥ диэн бар дьону ыҥырыам этэ. Аныгыскыга эбиэт күн оройун лаппа ааспытын кэннэ тиийэ сылдьыллыа. Онно дьэ элбииллэр ини диэн эрэниэххэ.

Ираида Коркина-Чугдаара

Санааҕын суруй