Киир

Киир

Кэнникинэн "биһиги үлэлээбэккэ, оттообокко, наар көрүлээн, ыһыахтаан тахсабыт" диэн этии үгүстүк иһиллэр буолла. Ити санаа бэйэбититтэн, сахалартан, тахсара хомолтолоох. Маныаха утаран тугу этиэхпитин сөбүй? Kyym.ru "Олоҥхо" Өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациятын салайааччыта Февронья Васильевна Шишигинаны кытта кэпсэттэ.

SHISHIGINA

– Ыһыаҕы утарааччылар "дьэ, сайын онтон сылтаан туох баар үлэ тохтуур" диэн, ыһыахтары олох даҕаны тохтотторуох курдук тыллаһаллар... Итинник тыл-өс бэйэбититтэн тахсара дьиксиннэрэр.

– “Ыһыах үлэни-хамнаһы мэһэйдиир” дииллэрэ туох да олоҕо суох. Үлэлээх киһи син биир үлэлиир, ол "ыһыахха мэһэйдэтэн үлэлээбэт" диэн үһү дуо? Аны, ыһыахтар тус-туһунан ыытыллаллар эбээт, араас тиэмэлээх буолаллар. Дьон бэйэтэ ханна сылдьарын талар. Наай гыннар, сайын устата биир киһи 1-2 ыһыахха сылдьыа. Онон “аһара элбэх ыһыах ыытыллар” дииллэрэ оруна суох.

Оттон уонна “саха сахабын” дэнэр, норуот быһыытынан ураты үгэспитин, сиэрбитин-туоммутун көрдөрөр бэлиэ күммүт – ыһыахпыт эрэ. Алгыс ылар, сиэр-туом толорор күммүт. Ону итинник күлүү-элэк гыммыт курдук, "баспытыгар бастыҥабыт быһа киириэр диэри, ырбаахыбыт кубарыйыар диэри ыһыахтыыбыт" эҥин диэн этэллэрэ ыһыаҕы аҥаардас көр-нар эрэ таһымыгар түһэрии, суолтатын намтатыы буолар.

– Ыһыах суолтатын үрдэтэр туһугар тугу гынабыт, ону хайдах ситиһэбит?

– Олохтоохтор, сүнньүнэн, нэһилиэк, улуус ыһыахтарыгар сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ, улуус ыһыахтарыгар аҕыйах киһи тиийэрэ буолуо. Онон саамай улахан болҕомто билигин бу “кыра” дэнэр ыһыахтарга ууруллуохтаах. Билигин ол ыһыахтары "быйыл – 10-ка, эһиил 15-кэ буолар" диэн бириинсибинэн ыыта сылдьаллар. Онон, бастатан туран, сырыы аайы көһө сылдьыбат курдук, буолар күнэ чопчуланыахтаах.   Ыһыах, бастатан туран, итэҕэл тэрээһинэ, онон нэһилиэк дьоно барыта манна алгыс ылар күнэ буоларын курдук тэриллиэхтээх. Бэс ыйын 18-19-20-21 күннэригэр саха киһитэ барыта алгыс ылыахтаах. Ол иһин нэһилиэк ыһыахтара бу эбэтэр манна чугас күннэргэ ыытыллар курдук былааҥҥа туруохтаахтар.

Онтон улуус ыһыахтара хайаан даҕаны бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолуохтаахтар. Дьон-сэргэ нэһилиэгинэн ыһыахтаан баран, улуустарын ыһыаҕар киирдиннэр, салалта, түс-бас, ытык дьон мустан, бу күн алгыс ылар, сүбэлэһэр күннэрэ буоллун.

Ол кэнниттэн улахан ыһыахтар буолуохтаахтар. Туймаада ыһыаҕа бэйэтэ чопчу күннээх, дьон-сэргэ улуустарыгар ыһыахтаан баран, бары манна сүгүллэн киирэллэрэ олус үчүгэй. Дьэ, онтон Олоҥхо ыһыаҕын кэмэ кэлэр. Онно ыһыахтары ыытан баран, сүрүн түстээччилэр, “идеологтар” диир дьоммут мустан, бу сылы хайдах тахсыбыттарын, нэһилиэктэринэн, улуустарынан туох буолбутун, тугу үлэлээн кэлбиттэрин кэпсэтиэхтээхтэр. Олоҥхо ыһыаҕа сылы чөмчөтөр, ону түмүктүүр курдук буолуохтаах. Онон билигин ыһыахтары итинник бэрээдэктиир оруннаах буолуо этэ.

– Ыһыах кэскиллээх буоларын туһугар ыччат сыстыахтаах, ол хайдаҕый?

– Кэнники кэтээн көрдөххө, саха ыччата ыһыахха сылдьара лаппа аҕыйаата. Нэһилиэк, улуус ыһыахтарын да көрдөххө, оннук. Уопсай тэйии баран эрэрэ көстөр. Оттон саханы саха дэтэр, итэҕэлбитигэр сыһыаннаах биир бэлиэ бырааһынньыкпыт бу буоллаҕа. Онон оҕолорбут, ыччаппыт тэйэрэ кутталлаах. Биһиги кэскилбитин саныыр буоллахпытына, ыччаппытын сыһыара сатыахтаахпыт.

Оҕону-ыччаты тардыы биир ньыматынан оҕо эрдэҕиттэн сылдьа үөрэммит нэһилиэк ыһыаҕа, анал суолта уурууллан туспа күннээх буолара.

– Сорохтор "араас ыһыах оҕо тэрилтэтигэр аһара элбээтэ" дииллэр эбээт!

– Олох сыыһа! Биһиги оҕолорбут сиэргэ-туомҥа, өбүгэ үөрэҕэр кыра эрдэхтэриттэн үөрэниэхтээхтэр. Онон уһуйааннарга ыһыахтар хайаан даҕаны ыытыллыахтарын наада. Билиҥҥи төрөппүттэр – эдэрдэр, сорохторо норуот төрүт үгэһэ, сиэрэ-туома диэни билбэттэр даҕаны. Ону оҕо төрөппүттэрин кытта ол ыһыах күнүгэр бэлэмнэнэн таҥас тиктэрэ, күрэххэ кыттара, сахалыы сиэр-туом хайдах буолуохтааҕын көрөрө, ама, куһаҕан үһү дуо? Ол эрээри кэнники бэлиэтии көрдөххө, итиннэ аҥаардас киэргэтии эрэ өттүгэр охтуу барыах курдук. Уһуйааннар, куоталаһа-куоталаһа, киэргэтии бөҕөтүн ыыталлар. Биир өттүнэн, ити олус үчүгэй. Ол эрээри, сахалыы оҥоһук, киэргэл, оонньуур, ас-үөл баар буолла даҕаны, сөп диэн, ис хоһоонугар, ол аата, алгыһыгар, оһуокайга, күрэхтэргэ болҕомто ситэ ууруллубата сыыһа. Ыһыах дьиҥ суолтатыгар болҕомто ууруллуохтаах.

Аны, оскуолаҕа үөрэх дьылын бүтүүтэ ыһыах эмиэ хайаан да ыытыллыахтаах. Оҕо 11 сылы быһа ыһыахха сылдьан, "мин норуотум итэҕэлэ маннык эбит, үгэһэ маннык эбит" диэн бигэ өйдөбүллэнэн тахсан, ону олоҕун устата илдьэ сылдьарын курдук.

ysyakh1

– Ыһыаҕы утарааччылар "ороскуоттаах тэрээһин" дииллэр...

– Дьэ, ол баар. Ордук улахан ыһыахтары саҥараллар, "оччо харчы барда, бачча харчы ороскуоттанна" диэн, ол бүддьүөтүн ааҕаллар. Мин итинник этэри олох сыыһа диибин. Итиннэ ыһыах уопсай экэнэмиичэскэй өттүн көрөр наада. Ким да мэлдьэспэт билигин ыһыах дьон хамнастанар, харчы киллэринэр тэрээһинэ буолбутун. Оттон кэнникинэн "креативнай экэниэмикэ" диэн өйдөбүл баар буолла. Ол аата, интеллектуальнай үлэҕэ, айар дьоҕурга олоҕурбут экэниэмикэ хайысхата. Биһиги ыһыахпыт – ол "креативнай экэниэмикэ" биир көстүүтэ. Инньэ диэххэ сөп.

– Итэҕэли, сиэри-туому сэргэ экэниэмикэ, харчы туһунан ахтылларын сүөргүлүөхтэрэ суоҕа дуо?

– Экэниэмикэ диэн олох буоллаҕа. Холобур, ыһыах диэтэххэ, ол хайаан даҕаны саха таҥаһын кытта сибээстэнэр. Били, хоһооҥҥо да этиллэринии, "дьахтар күүтэр ыһыаҕы саҥа таҥас кэтээри"... Бу ыһыах өрөгөйдөөбүт кэнники сылларыгар төһөлөөх иистэнньэҥ, уран талааннаах дизайнер сахалыы талыы-талба таҥас киэнэ маанытын тигэр буолбута буолуой! Итинтэн кынаттанан диэххэ дуу, саха таҥаһа күннээҕи олохпутугар киирдэ. Бииртэн биир кэрэ дизайннаах сахалыы таҥаһы, арааһынай аксессуары – суумканы, саппыкыны, сэлээппэни, суончугу – оҥорууга-тигиигэ идэтийбит дьоҕус ательелар, ИП-лар баар буоллулар. Бу – бэйэтэ туспа дьону хамнастыыр хайысха. Ол билигин кими даҕаны сөхтөрбөт. Ама, онуоха киһи сүөргүлүүрэ туох баарый?

Соннук эмиэ тимир уустарын, ювелирдары ылыахха, төһөлөөх киэргэли, тэрили, хомуһу оҥорор буолбуттара буолуой! Дьахталларга сахалыы киэргэл арааһын, эр дьоҥҥо куру, быһаҕы, араас тэрили... Бу барыта атыыланар, эргиэн бөҕөтө буолар. Аны, мас уустара эбийиэк бөҕөтүн: Аал Луук Маһы, ураһаны, балаҕаны туталлар, ыһыахтыыр сири киэргэтэллэр, онно кинилэр сыралара көстөр. Итини кытта өйдөбүнньүккэ, бэлэххэ анаммыт араас тэрили оҥорор норуот маастардарын ылыахха – бу эмиэ туспа салаа буолла.

Оттон уонна ыһыахха анаан ас-үөл бөҕөтө астанарын, атыыланарын аах. Быырпах, кымыс, сахалыы ас-үөл култуурата ыһыахтан тирэҕирэн, күннээҕи олохпутугар киирдэ. Оннук буолан, дьон хамнастанар буолла. Аны туран, ыһыах кэмигэр ыалдьыты түһэрэр дьиэ кэргэн гостиницалара арыллыбыттара, олор билигин да үлэлии тураллар. Тааттаҕа, Бүлүүгэ дьон-сэргэ бэйэтэ ону биисинэс оҥостон, онтон хамнастанар дьарык гынна. Сырыыны-айаны ыллахха, эмиэ биир оннук. Ол барыта туох куһаҕаннааҕый?

Итиннэ өссө дизайнердары, эрэкэлээмэ үлэһиттэрин, ону тэҥэ араас былакааты-баннеры, киэргэтиини оҥорор сулууспалары эптэххэ, ыһыах тэрээһиниттэн сүрдээх элбэх киһи хамнастанара, харчы оҥосторо көстөр. Онон "бачча харчы барбыт, оччо харчы барбыт" диэн абарымыахха, онно болҕомтону туһаайымыахха. Төттөрүтүн, бу мантан дьон төһө үп-харчы киллэриннэ, кыра уонна орто биисинэс онтон төһө көдьүүстэннэ диэн, ону ааҕыахха-суоттуохха, ону толкуйдуохха.

– Ыһыахтарбытын атын дойду дьоно кэрэхсиир буоллулар...

– Бу кэнники "киһи хапытаала" (человеческий капитал) диэн "муодунай" тиэрмин баар буолла. Ыһыахтарбыт ол “хапытаалы” байытарга, тупсарарга үлэлээтилэр. Ол аата, киһи айар дьоҕурун, кыаҕын, талаанын арыйарга, уһугуннарарга, сайыннарарга туһуланнылар. Оттон ол барыта өрөспүүбүлүкэбит имиджигэр үлэлээн, Саха сирин аатырта.

Атын дойдулары ылыахха. Кинилэр араас эгэлгэ бэстибээли, карнавал бөҕөтүн ыыталлар дии. Дьиҥэ, кинилэр ону аҥаардас көр-нар эбэтэр өбүгэлэрбит үгэстэрэ эрэ диэн ыыппаттар ээ. Дойдуларын олохтоохторун байытаары, кыра, орто биисинэһи, туризмы сайыннараары, онтон көдьүүс ылаары ыыталлар.

Бразилия, Мексика, Италия, Германия, Австрия уо.д.а. дойдулар итинник тэрээһиннэри ыытан, харчы киллэринэллэр. Холобур, Германия Ороһуоспа тэрээһиннэригэр атыы-эргиэн бөҕөтүн тэрийэр. Онно бэйэлэрин бородууксуйаларын, глинтвейни, пиибэни хото атыылыыллар. Аны ол бырааһынньыктара нэдиэлэни нэдиэлэнэн, ыйы ыйынан салҕанар, турист бөҕөтө тохтоло суох сылдьар. Германия олохтоохторо онтон төрүт кыбыстыбаттар, төттөрүтүн, киэн тутталлар. Онон биһиги ыһыах ыытарбытыттан эмиэ олох кыбыстыа суохтаахпыт.

– Ыһыахха суолта уурар туһугар өссө тугу гынарбыт нааданый?

– Ыһыах идеологиялаах, итэҕэлгэ сыһыаннаах тэрээһин быһыытынан бэйэтэ кэмнээх-кэрдиилээх, чуолкай күннээх буолуохтаах. Оттон нэһилиэк ыһыахтара кэнники улахан ыһыахтарга мэһэйдэтэн, көһөрүллэ сылдьар буолбуттара ыһыах суолтатын намтатар, атарахсытан кэбиһэр. Биһиги сахабыт дэнэр буоллахпытына, бу сүрүн тэрээһиммитигэр бары сылдьарбытын ситиһэ сатыахтаахпыт. Ол, бастатан туран, нэһилиэк ыһыахтарын суолталаан, онно болҕомто уурарбытыттан, бэрээдэктиирбититтэн тутулуктаах. Нэһилиэк ыһыаҕа бэс ыйын 18-19 күннэригэр ыытыллыахтаах. Ыһыахтара атын күҥҥэ ыытыллыбыт да буоллаҕына, бэс ыйын 21 күнүгэр нэһилиэктэргэ күнү көрсүү сиэрэ-туома ыытыллара табыгастаах. Билигин сорох улуустар ыһыах кэнсиэпсийэтэ диэни оҥостон эрэллэр. Ол быһыытынан, холобур, Сунтаар улууһун ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллар диэн, чурапчылар эмиэ кэнсиэпсийэ оҥосто сылдьаллар.

ysyakh2

– Олоҥхо ыһыахтарын ыыппыппыт 14 сыла буолла. Онтон ыла тугу ситистибит?

– Ыһыах – норуоту түмэр күүс, ону кытта норуот дьоһунун, кини ис кыаҕын көрдөрөр түмсүү. Аны, Олоҥхо ыһыахтара ыытыллыахтарыттан улуустар духуобунай уонна сиэр-майгы өттүнэн иитии кэнсиэпсийэтэ диэни оҥостор буоллулар. Холобур, намнар, үөһээ бүлүүлэр, сунтаардар, таатталар итинник кэнсиэпсийэни ылынан, ол быһыытынан үлэни ыыталлар. Бу – биир саамай суолталаах түмүк.

Онон ыһыах икки өрүттээх диэн өйдүүр наада. Биирэ – идеологиялаах, ол эбэтэр, саха өйүн-санаатын сааһылыыр, чөл турукка киллэрэр, иитэр, сомоҕолуур кыаҕа-күүһэ. Ону кытта, ыһыах дьон айар-тутар дьоҕурун сайыннаран, арыйан, ону дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ, дьоҕус урбаан сайдыытыгар туһаайар. Ити икки өрүттэн билиҥҥи ыһыах ис хоһооно, суолтата сөрү-сөпкө ситимнэнэн, тахсан кэлэр. Итини таһынан билигин биһигиттэн “биир дойдулаахтар, уруу ыһыахтара наадалар дуо?” диэн ыйытар буоллулар. Бу барыта дьону түмэр тэрээһин, онон эмиэ наада дии саныыбын.

Биһиги, сахалар, түҥ былыргыттан тыыннаах илдьэ сылдьар үгэспититтэн биирдэстэрэ – ыһыах. Баар-суох үгэспитин бэйэбит илиибитинэн самнара сатаамыахха, түөрэхпитин түҥнэримиэххэ! Харыстыахха, сайыннарыахха, ыччаппытын сыһыарыахха!

Нина ГЕРАСИМОВА.

Санааҕын суруй