Киир

Киир

Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 92 135 гаа иэннээх сиргэ 30 ойуур баһаара Алдан, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Уус Алдан уонна Уус Майда оройуоннарыгар баар.

Бүтэһик сууккаҕа 1 гаа иэннээх 1 ойуу баһаара умуруорулунна.

Баһаары бохсууга үлэлиир дьон уонна тиэхиньикэ:

  • 885 ойуур баһаарынай сулууспатын үлэһиттэрэ
  • 16 спец-тиэхиньикэ
  • 15 АН-2 уонна Cessna сөмөлүөт
  • 7 МИ-8 бөртөлүөт
  • 1 АН-26 сөмөлүөт

 

СӨ Экологияҕа уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ пресс-сулууспата

Санааҕын суруй