Киир

Киир

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр, Илиҥҥи VIII экэнэмиичэскэй пуорум (ВЭФ-2023) чэрчитинэн, «Сбербаан» ПАУо уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр.

Сөбүлэҥҥэ «Сбербаан» ПАУо Байкааллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкин уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин илии баттаатылар.

Өрүттэр инбэстииссийэлээх бырайыактары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлиир санаалаахтарын биллэрдилэр. Сбербаан хампаанньа инбэстииссийэлээх бырайыактарын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүө, чуолаан Арассыыйаны уонна Кытайы туоруур кыраныыссаҕа, Дьэлиҥдэ – Мохэ икки ардыгар, Рейново ыстаансыйа сайдыытын хааччыйан туран, судаарыстыба өйөбүлүн дьаһалынан тимир суолу тутууну үбүлүүр былааннаах.

Ону таһынан баан хампаанньаҕа толору баан өҥөтүн оҥорорго уонна биисинэс-бырассыаска көдьүүһү үрдэтэргэ көмөлөһүө диэн «Саха сирин тимир суоллара» АХ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй