Бүгүн, ол эбэтэр кулун тутар 6 күнүгэр, СӨ МФЦ салайааччытын солбуйааччыта Максим Ефремов “ВКонтакте” уонна “Одноклассники” социальнай ситимнэргэ баар СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын официальнай сирэйдэригэр быһа эфиргэ тахсыа.
Максим Ефремов “Мои документы” киин үлэтин-хамнаһын туһунан дьон ыйытыытыгар хоруйдуо.
Быһа биэрии киэһэ 17:00 чаастан саҕаланар. Онон, МФЦ үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыаннаах ыйытыылаах буоллаххытына, биэриини куоттарымаҥ.
“ВКонтакте” уонна “Однокласски” сигэлэрэ
СИА матырыйаалынан