Киир

Киир

Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибит саҥа сыл бастакы ыйдарыгар Саха сиригэр 25 саастарыгар диэри холбоспут сүүстэн тахса эдэр ыал 50 тыһ. солк. кээмэйдээх көмө ыллылар.

Оттон үһүс оҕолорун төрөппүт ыаллар 450 тыһ.солк. кээмэйдээх көмөнү 2030 сылга диэри ылыахтара. Саха сиригэр хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. Оҕо төрөөһүнүгэр Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ - 1 миэстэҕэ, Арассыыйаҕа – 8 миэстэҕэ сылдьар.

Онон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эдэр дьиэ кэргэни өйүүр саҥа миэрэлэри үөрүүнү кытта көрсөллөр.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата.

Санааҕын суруй