Киир

Киир

Кулун тутар 26 күнүгэр, Нам улууһугар, «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ көһө сылдьар мэбиилинэй офиһа тиийэн үлэлээтэ. Манна Нам улууһун олохтоохторо социальнай гаастааһыҥҥа сайаапка биэрдилэр. Субуота күн Нам сэлиэнньэтин Ленин болуоссатыгар баҕалаахтарга гаастааһын туһунан консултаассыйалаан биэрдилэр.

Социальнай гаастааһын 2

Нам улууһун олохтооҕо Светлана Константинова босхо гаастааһыҥҥа сайабылыанньа биэрбит. Кини Булуус диэн дэриэбинэҕэ, дьиэтигэр хаппытаалынай өрөмүөн оҥорбут уонна бу сыл көһөн киириэхтээх эбит.

– Сайабылыанньа түһэрэргэ бары доукумуоннарым бааллар. Билигин бу сайаапкабын ыллылар. Бу сылга гаас тардыах буоллулар, - диэн Светлана Константинова кэпсээбит.

Социальнай гаастааһын 3

Олохтоохтор сүрүннээн дьиэҕэ уонна учаастакка быраапы бигэргэтэр докумуон ирдэбиллээҕин суоҕун туһунан боппуруоһу ыйыппыттар.

– Федеральнай ирдэбиллэринэн, дьиэни чопчу бас билии туһунан докумуона суох социальнай гаастааһыҥҥа сайаапканы ылбаппыт диэн «Сахатранснефтегаз» тэрилтэтэ санатар. Социальнай гаастааһыҥҥа киирсэр туһуттан, Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьиэни, учаастагы чопчу бас билэллэрин туһунан бырааптаах докумуоннаах буолуохтаахтар, - диэн Нам улууһун гаас учаастагын эксплуатацияҕа маастара Иннокентий Луковцев этэр.

Социальанй гаастааһын 4

«Сахатранснефтегаз» тэрилтэ пресс-сулууспатыттан

Санааҕын суруй