Киир

Киир

Муус устар 26 күнүгэр, киэһэ 18.30 чаастан, «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «Сырдык санаа» диэн кырачаан Мияҕа көмө, аһымал кэнсиэр буолар.

Кэнсиэргэ саха норуотун киэн туттар артыыстара, үҥкүүһүттэрэ, эстрада чаҕылхай сулустара кыттыыны ылыахтара: Александр Бурнашев, Анастасия Готовцева, Байбал, Варя Аманатова, Лэгэнтэй, Ника, Анатолий Горохов, Анна Дива, Виталий Очиров, Николай Роббек, Умсуура, Айгылаан, Санита Ай, Эрхаан, Айсен Аммосов, Эрчим, Галя Виноград, Елена Березовская (скрипка), Кирилл Матвеев, Айса уонна «Мозаика» бальнай үҥкүү ансаамбыла.

Тэрээһини Александр Максимов иилээн-саҕалаан ыытыаҕа.

Киирии билиэт сыаната 700 солкуобай.

Билиэттэри билсэр нүөмэр: 8 (914) 221-10-21

Кырачаан Мия үтүөрэ охсон, олох кэрэтин билэрин туһугар кэнсиэргэ кэлиҥ, сылдьыҥ.

Санааҕын суруй