Киир

Киир

Сунтаар сэлиэнньэтигэр кэтэһиилээх, түргэн оптоволокно интэриниэт атырдьах ыйын 30 күнүгэр холбонуоҕа. Бу туһунан инновация, сыыппара сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технология миниистирэ Анатолий Семенов иһитиннэрэр.

Маны таһынан, бу сылга ВОЛС Ньурбаҕа кэлиэҕэ, онтон салгыы эһиил Бүлүү, Үөһээ Бүлүү холбонуохтара. Инньэ гынан, маннык түргэн тэтимнээх Интэриниэт Бүлүү улуустарын барытын хааччыйыаҕа.

Сунтаарга ВОЛС холбонно да, билиҥҥи стационарнай интэриниэт оннугар түргэн тэтимнээх 4G мобильнай сибээс холбонуоҕа. ВОЛС киирдэҕинэ улууска телемедецинэ, судаарыстыбаннай өҥөлөр уо.д.а. тэтимирэн, сайдан барыахтара. Маныаха интэриниэт сыаната биллэ түһүөҕэ, Дьокуускай, Мииринэй курлдук буолуоҕа.

Тойон Семенов иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 6 тыһ. км. оптоволокно тиһигэ холбоммут, Саха сирин 63% олохтооҕо туһанар. Аны 2025 сылга диэри эбии 7 000 км ВОЛС тардыллыаҕа, эбии 138 нэһилиэк онно холбонуоҕа эбэтэр Саха сирин 75,8% туһанар буолуоҕа.