Киир

Киир

Kyym.ru  Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын 2018 с. ахсынньы ыйдаах тыа хаһаайыстыбатын стратегическай сайдыытын туһунан ыйааҕынан уонна 2019 с. ахсынньытыгар “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтэ тэриллэн, сүүсчэкэ сыл барбыт саха сүөһүтүн эһэр бэлиитикэ тохтообутун “Кыым” соторутааҕыта киэҥник сырдатан турар.

Т/х үлэтин тэрийиигэ улахан уоппуттах А.Е. Артемьев салайааччылаах бу саҥа хааһына тэрилтэтэ үлэтин эрчимнээхтик саҕалаата.

Ил Дархан сорудаҕынан, “Новай” сопхуос Сүлдьүкээргэ баар отделениетыгар олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйарга анаан саха сүөһүтүн иитэр филиалы арыйда. Тэрилтэ улуустарга баар филиалларыттан 147 төбө саха сүөһүтүн талан, ветеринарнай карантиҥҥа туруоран, хотону өрөмүөннээн, дизенфекция ыытан бу дьыл кулун тутар ый 28 күнүттэн саҕалаан муус устар ый 3 күнүгэр диэри массыынанан тиэйэн Сүлдьүкээргэ илтилэр.

Саҥа кэлбит саха сүөһүтэ кыстаан тахсар отунан толору хаачылынна, чугас үрэххэ киирэн уулуулларын тэрийдилэр, үлэһиттэр аттарыллан туруорулуннулар. Алмаастаах Мииринэй оройуонугар саха сүөһүтүн кэскилин тэнитэр үлэ тэтимнээхтик хамсаата.

sadynka2

sadynka1

Саамай үөрүүлээҕэ - Сүлдьүкээргэ муус устар ый 11 күнүгэр эбиэттэн киэһэ Үрдүк Айыылар араҥаччылаан түөрэх түһэрбиттэринии, саха ынаҕын төрдө буол диэн ыыппыттарыныы, бастакы кырачаан ньирэй төрөөн, үлэһиттэр үөрүүлэрин үксэттэ. Бастакы төрөөбүт Мииринэй тыыннаах алмааһын, кугас дьүһүннээх, хара туйахтаах тыһы ньирэйи олохтоохтор таптаан нэһилиэктэрин аатынан Садыынка диэн сүрэхтээтилэр. Садыынка туруга үчүгэй, саха сүөһүтүн төрдө-ууһа буол диэн бары алгыаҕыҥ!

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй