Киир

Киир

Ытыктабыллаах төрөөбүт тыл, ли­тэ­рэтиирэ, төрүт култуура, эбии үөрэх­тээһин учууталлара!

Бу сыл – бэлиэ сыл. Сотору Саха Өрөс­пүү­бүлүкэтин Төрүт оскуолатын са­ҥар­дан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ 30 сылын туолуоҕа. 2021 сыл бүтүүтэ норуот таптаан ааҕар сахалыы хаһыата – “Кыым” – тэриллибитэ 100 сылын үөрэ-көтө, долгуйа бэлиэтиэхпит. Онон сибээстээн, саха тылын үөрэтиигэ аналлаах туох эмэ дьоһун суолталааҕы, кэскиллээҕи, көдьүүстээҕи тэрийэн ыытар киһи диэн санаа үөскээбитэ.

Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, бырапагаандалыырга ахсаабат кылааттарын киллэрэ сылдьар үтүөкэн дьон, учууталлар, билим үлэһиттэрэ биһиги идиэйэбитин биир санаанан өйөөбүттэрин суотугар бу курдук күрэс бырайыага үөскээн таҕыста. Ол курдук, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ, С.Донской-II аатынан Үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтии института, Национальнай оскуола институтун Саха сиринээҕи филиала, “Сайдыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын учууталларын түмсүүтэ бу бырайыагы оҥорууга бары көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар, сүбэ-ама буолбуттарыгар махталбытын тиэрдэбит уонна бу курдук ыкса үлэбитин салгыахпыт диэн эрэнэбит.

Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оскуолатыгар, нэһилиэгэр айымньылаахтык үлэлии сылдьар учууталлар аҕыйаҕа суохтар. Бу күрэс кинилэр үлэлэрин уопутун кытта билсэр, кинилэр кыахтарын, күүстэрин арыйар, саҥа ситиһиилэргэ угуйар, үлэлиир ньымаларын кэрэхсэнэр өрүтүн тарҕатар аналлаах. Кэнники кэмҥэ саха тылыгар, төрүт култуураҕа өрөспүүбүлүкэ учууталларын хабар улахан күрэс ыытылла илигэ. Онон күрэс ыытылларыгар тоҕоостоох кэм кэлбит диэн туран, учууталлары көхтөөхтүк кыттаргытыгар, баай уопуккутун үллэстэргитигэр ыҥырабыт!

Норуот хаһыата “Кыым” 100 сылыгар,Саха Өрөспүүлүкэтигэр Төрүт оскуоланы саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтин 30 сылыгар, “Эркээйи эргиирэ” иитии бырагыраамата олоххо киириитин көрсө саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура, эбии үөрэхтээһин учууталларыгар ыытыллар I өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс балаһыанньата

1. Уопсай балаһыанньата

1.1. Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура, эбии үөрэхтээһин учууталларыгар ананар күрэс 2018 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр ылыныллыбыт Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ 204 №-дээх «О национальных целях и стратегических задачах развития Российской Федерации на период до 2024 года» уурааҕар сөп түбэһиннэрэн ыытыллар.

1.2. Күрэс сыала:

1. Төрөөбүт тыл, төрүт култуура сайдарын туһугар айымньылаахтык үлэлиир учууталлары норуот хаһыатыгар сырдатыы.

2. Төрөөбүт тылы, култуураны үөрэтиигэ чинчийэр үлэнэн дьарыктанар, информационнай технологияны баһылаабыт, айар дьоҕурдаах учууталлар бастыҥ уопуттарын тарҕатыы.

3. Өрөспүүбүлүкэ саамай элбэх тиражтаах, 100 сааһын туолар сахалыы бэчээтин – “Кыым” хаһыаты – өйөөһүн.

1.3. Күрэһи олохтоон ыытааччылар:

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтэ;

2. С.Н. Донской-II аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх сайдыытыгар уонна идэни үрдэтиигэ института;

3. “Кыым” норуот хаһыата;

4. СӨ “Сайдыы” саха тылын учууталларын түмсүүтэ.

1.4. Күрэскэ саха тылын, литэрэтиирэтин, тө­рүт култуура, эбии үөрэхтээһин учууталлара үлэ ыс­тааһыттан, идэ таһымыттан тутулуга суох кытталлар.

 1.5. Күрэһи тэрийэн ыытарга анал хамыыһыйа тэриллэр.

 1.6. Анал хамыыһыйа дьүүллүүр сүбэни тэрийэр.

 1.7. Дьүүллүүр сүбэ күрэс бары балаһыанньатын тутуһан, киирбит үлэлэри көрөр, сыаналыыр, түмүк таһаарар.

2. Күрэс ыытыллар бэрээдэгэ

2.1. Күрэс биир түһүмэхтээх.

Кыттааччы ыйыллыбыт болдьоххо диэри көрөр хамыыһыйаҕа ыытар:

1. Бэйэни билиһиннэрии – видео-устуу 3 мүн. уһуо суохтаах. Сыаналанар – сонун өрүтэ, уус-уран быһаарыыта, тупсаҕай оҥоһуута, муусуканан киэргэтиитэ.

2. Маастар-кылаас. Учуутал тус бэйэтэ тобулбут, олоххо киллэрбит бырайыагын кэпсээн, “маастар-кылаас” уһулан ыытар. Уһуна – 15 мүнүүтэ.

Маастар-кылаас – үлэ бырагырааматын билиһин­нэрии, учуутал уруокка киллэрбит араас үлэтин көрүҥнэрин көрдөрүү, үөрэтии саҥа ньыматын арыйан кэпсээһин, баҕар, илиинэн тутан-хабан оҥоруу, аһаҕас дьарык, о.д.а. буолуон сөп. Ханнык халыыбынан ыытарын күрэскэ кыттар учуутал бэйэтэ быһаарар;

3. Тыл этии. Саха тылын үөрэтии дьоһун суолталааҕын быһааран, арыйан, төрөппүттэргэ, уопсастыбаннаска туһаайан тыл этиини видео-устуу – 3 мүн. уһуо суохтаах.

Сыаналанар сахалыы ыраастык саҥарыы, этэр санааны дьоҥҥо тиэрдии, төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтатын саҥа өттүттэн арыйан этии. Кумааҕыттан көрөн ааҕыы көҥүллэммэт. Этии электроннай тиэкиһин эмиэ ыытыллар.

2.2. Күрэс ыытыллар болдьоҕо:

Күрэскэ кыттар үлэлэри ыытыы – бэс ыйын 30 күнүгэр дылы.

2.3. Күрэс сүрүн усулуобуйата – “Кыым” хаһыакка 2021 сыл II аҥаарыгар суруйтарыы туһунан кибитээнсийэ куоппуйата.

 2.4.Түмүгү таһаарыы — 20.07.2021.

3. Күрэскэ кыттарга ирдэбил

3.1. Күрэскэ кыттааччы бары ирдэбили тутуһан, оҥоһуллубут үлэ бырайыагын этиллибит болдьох иһинэн эспиэрдиир хамыыһыйаҕа түһэрэр. Күрэскэ 2018-2021 сылларга үлэҕэ киирбит бырайыактарынан кыттыахха сөп.

 3.2. Бырайыак саха тылын, литэрэтиирэни, төрүт култуураны дириҥэтэн үөрэтиигэ туһуламмыт буолуохтаах.

 3.3. Күрэс тыла – саха тыла. Тиэкис сахалыы шрибинэн бэчээттэнэрэ булгуччу ирдэнэр.

4. Киирбит үлэлэри сыаналааһын кэриҥнэрэ

4.1. Сыаналааһын 5 бааллаах систиэмэнэн ыытыллар.

 4.2. Сыаналыыр кэриҥнэр:

– бырайыак төһө тоҕоостооҕо, саҥалыы көрүүтэ, олоххо туһаныы суолтата, үлэ тиэмэтинэн билимҥэ тирэнии, тиэмэни толору арыйыы, үлэ ырытыллыытын таһыма, түөрүйэ уонна быраактыка өттүнэн суолтата;

– сонун уонна тоҕоостоох өрүтэ, ураты истиилэ, матырыйаалы хаачыстыбалаахтык тиэрдии, тупсаҕай көрүҥэ, көмпүүтэргэ таҥан оҥоруу таһыма, аныгы технологиялары туһаныы, видео, аудио киллэһиктэр, о.д.а., иитэр-үөрэтэр ньымалары сөпкө туһаныы.

4.3. Эспиэрдиир сүбэ киирбит үлэни барытын көрөр.

 4.4. Үрдүк баалы ылбыт үлэ муҥутуур кыайыылаах тахсар. Ону таһынан эспиэрдиир сүбэ анал ааттары (номинациялары) аныыр.

 4.5. Куонкурус кыттыылаахтарын үлэлэрин ырытыллыбат.

5. Ааптар быраабын туһунан

5.1. “РФ ааптар быраабын туһунан” сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, күрэс тэрийэр кэмитиэтэ кыттааччылар бырааптарын харыстыыр.

 5.2. Ааптар үлэтин бэчээккэ таһаарыы ааптар көҥүллээтэҕинэ эрэ оҥоһуллар;

 5.3. Күрэс тэрийээччилэрэ киирбит матырыйааллары кэмиэрчэскэйэ суох сыалга туһаныахтарын сөп.

6. Биһиги аадырыспыт

Тэрийэр кэмитиэт аадырыһа:

Дьокуускай куорат, Киров уул. 18, Бизнес-киин, В блок. 709 офис. “Ситим” медиа-бөлөх, “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтэ, төл.42-21-08, 8-914-261-91-20, 8-965-994-10-03.

 

Үлэлэргитин Ютубка устан баран, сыылкаҕытын электроннай почтаҕа:

Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. “Кыым.конкурс” диэн бэлиэтээн ыытаҕыт.

Күрэс балаһыанньата социальнай ситимнэринэн тарҕаныа, “Кыым” хаһыакка бэчээттэниэ, саайтарга туруоруллуо.

Бу сотору “Кыым” хаһыакка 2021 сыл II аҥаарыгар чэпчэтиилээх сурутуу cаҕаланаары турар. Күрэскэ кыттыан баҕалаахтар онно суруйтаран кэбиһиэххитин сөп.

Тэрийэр хамыыһыйа.

Сэҥээриилэр

Nichol
0 Nichol 16.09.2022 06:10
Dar am kılsız am gay ve pasıf pornosu vtunnel arap ve türbanlı porno yıldızı derin boğaz bbw pussy döküm: https://photo.zakelijkspaans.nl/61qv0 teacher porno türk sevda demirel porno
filmleri. Ensest; Erotik film; Eş değiştirme; Fake Taxi; Gizli Çekim; Götten arkadan sex; Fake Taxi Gizli Çekim Götten arkadan sex Karışık pornolar Kızlık Bozma Lolita Mobil HD Okulda sex Sex filmleri Tecavüz Video.
Ответить
Maribel
0 Maribel 08.10.2022 03:22
I have been browsing online more than 2 hours today, yet I never found any interesting article like yours.
It is pretty worth enough for me. In my view, if all web owners and bloggers
made good content as you did, the net will be much more useful than ever before.


My web site auto
approve lists: https://www.firmonet.com/pbn/
Ответить
Adeline
0 Adeline 30.03.2023 21:30
You actually make it seem so easy with your presentation but I find
this matter to be actually something which I think I would never understand.
It seems too complicated and extremely broad for me. I'm looking forward for your next post, I'll try
to get the hang of it!

Here is my webpage Balding: https://consuelovita.it/the-secret-to-regaining-your-confidence-a-hair-loss-solution-that-works
Ответить
Lizzie
0 Lizzie 02.04.2023 23:41
Hi exceptional blog! Does running a blog like this take a lot of work?
I have no knowledge of programming but I had been hoping to start my
own blog soon. Anyhow, should you have any recommendations
or tips for new blog owners please share. I know this is off subject but I simply had to ask.
Thanks a lot!

Feel free to visit my webpage Natural Remedies to Help During
Divorce: https://wecandoitforyou.blogspot.com/2023/04/natural-remedies-to-help-with-anxiety.html
Ответить
Lovie
0 Lovie 30.06.2023 04:18
If you are going for finest contents like myself, simply
go to see this web page daily as it gives feature contents, thanks

Feel free to visit my site; Tia: https://www.ycpschool.ac.th/school/index.php?name=webboard&file=read&id=17858
Ответить
Belen
0 Belen 27.12.2023 21:24
I really like what you guys tend to be up too. This sort of clever work
and reporting! Keep up the excellent works guys I've added you guys to my own blogroll.


Feel free to surf to my blog post - Battle for
U.S. House Control in 2024 Is Fought in a: https://nholko.site/d37/b7aa195c
Ответить
Dwight
0 Dwight 28.12.2023 12:32
When someone writes an article he/she keeps the image of
a user in his/her brain that how a user can know it.
So that's why this article is outstdanding. Thanks!

My page; turkiye texas
poker 5.7.0 apk rulette: https://nholko.site/270e/44b754a
Ответить

Санааҕын суруй