Киир

Киир

Олунньу 28 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттара оҕону иитэ ылар төрөппүттэргэ көрүллэр төлөбүр туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрдилэр. Ол түмүгүнэн, 2024 сыл 1 маҥнайгы күнүттэн төлөбүр кээмэйэ үрдээбитинэн ааҕыллар буолла.
 
Саҥа уларыйыы быһыытынан, Арктика улуустарыгар иккис эбэтэр онтон элбэх оҕону иитэ ылбыт дьоҥҥо 15 883 – 34 942 солк. төлөбүр (вознаграждение) көрүллүөҕэ. Киин улуустарга төлөбүр кээмэйэ 14 181 – 31 198 солк. икки ардынан халбаҥныаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, төлөбүр кээмэйэ оҕо сааһыттан уонна доруобуйатын туругуттан тутулуктаах буолар.
 
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова ити барыта оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн ахсаанын элбэтэр туһугар оҥоһулларын этэр.
 
“Былырыын от ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев “Сыл дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтарын кытта көрсөрүгэр, ыаллар хас биирдии оҕо дьиэ кэргэннээх буоларын туһугар, оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэннэри өйүүр миэрэни тупсарарга көрдөспүттэрэ. Ил Дархан этиини өйөөбүтэ, биһиги үлэлэһэн барбыппыт. Сокуон уларыйбытын түмүгэр, иитэ ылыллыбыт оҕо ахсаана элбиэхтээх, оҕону ылар ыаллар үбүнэн өйөнүөхтээхтэр, эппиэтинэстэрэ үрдүөхтээх”, – диэн Елена Волкова кэпсээтэ.
 
Санатар эбит буоллахха, 2024 сылтан иитэ ылыллыбыт оҕо ороскуотун толуйарга бэриллэр төлөбүр кээмэйэ, ыал хас оҕону иитэ ылбытыттан тутулуга суох, эмиэ үрдээбитэ. Билигин төлөбүр кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кырата суох.
 
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.
 
Хаартыска: аһаҕас источниктан    

Санааҕын суруй