Оччугуй Ботуобуйаҕа уу толору – дьону вахтовканан туораталлар.
Мииринэй оройуонугар ардахтаах күннэр турдулар. Орто эрэ ардахтар. Ол эрээри Оччугуй Ботуобуйа үрэх эмиэ толору ууланна. Уутун сиэркилэтэ – сүүс алта уон түөрт миэтэрэ, үрэх дириҥэ – 2,8 миэтэрэ. Ити бэҕэһээ.
Кыра тиэхиньикэни состорон туоратыаххын уута дириҥэ бэрт. Онон, хаайтарбыт дьону вахтовка бэҕэһээҥҥиттэн туоратар.
Оччугуй Ботуобуйа туорааhына – этэргэ эрэ судургу. Биир эрэ күн устата, ортотунан, үрэххэ кэлэн сүүсчэкэ массыына хаайтарар. Эрэй!
Понтуоммут улахан самыырдар кэннилэриттэн, үрэх уута хаатын толордо да уурайар. Саатар үрэх уҥа-хаҥас кытылларын, хара тыатыгар тиийэ ылар понтуон буолбатах. Былырыын дохсун сүүрүккэ понтуон букатын да ыһыллан хаалбыта. Быйыл да балаһыанньа бэрдэ суох. Дьэ, хаһан күргэ тутан абырыыллар!?
Станислав Алексеев, Мииринэй куората.