Киир

Киир

Арассыыйа бөдөҥ бааннара хоруона вирустан эмсэҕэлээбит килийиэннэригэр кэккэ көмөнү оҥоруохтара. Ол курдук кирэдьиит төлөнөр болдьоҕун уһатыахтара, иэс кээмэйин хат көрүөхтэрэ.

Холобур, “Альфа-баан” хоруона вирустан эмсэҕэлээбит килийиэннэригэр “кирэдьиит каникулун” киллэрэр былааннаах. Москубатааҕы кирэдьиит баана (МКБ) кирэдьиит болдьоҕун уһатарга, ыстараабы суох оҥорорго бэлэм. “Росбаан” биирдиилээн көрөн көмө оҥоруоҕа. “Промсвязьбаан” (ПСБ) икки ыйга диэри “кирэдьиит каникулун” биэриэҕэ уонна иэс кээмэйин аччатыаҕа. “ВТБ” баан кирэдьиит төлөнөр болдьоҕун үс ыйга диэри уһатыаҕа. “АТБ” баан эмиэ биирдиилээн көрөн кэккэ миэрэлэри ылыаҕа. Ол курдук кирэдьиит болдьоҕун сыл аҥаарыгар диэри уһатыан, ыстараабы суох оҥоруон сөп. Оттон “Сбербаан” килийиэннэригэр иэс кээмэйин аччатарга, “ипотека каникулун” туһанарга сүбэлиир.

yakutia24.ru/

Санааҕын суруй