Киир

Киир

Дойду билимҥэ уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ коронавируһунан сибээстээн үөрэххэ туттарсыы эксээмэннэрин болдьоҕун көһөрөргө быһаарыммыт. Бу туһунан миниистир Валерий Фальков суруналыыстарга кэпсээбит.

Кулун тутар 27 күнүгэр үөрэх министиэристибэтэ СКЭ болдьоҕун икки нэдиэлэҕэ көһөрөр туһунан уураахтаабыта. Инньэ гынан, ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланыахтаах сүрүн түһүмэх бэс ыйын 8 күнүттэн саҕаланыаҕа. 9-с кылааһы бүтэрээччилэр ОГЭни бэс ыйын 9 күнүттэн туттарыахтара.

Санааҕын суруй