Киир

Киир

16 сыл анараа өттүгэр Светлэйдээҕи ГЭСкэ аан бастакы гидроагрегат үлэҕэ киирбитэ. 2008 сылтан түөрт генератордаах ыстаансыйа үс генераторынан официальнайдык үлэлээбитэ. 1978 с. тутуута саҕаламмыт ыстаансыйа үлэлээн барбыта. Күн бүгүн онно 230 киһи үлэлиир. Бу эбийиэк Мииринэй улууһун уотунан хааччыйыыга туох суолталааҕын, ыстаансыйа көдьүүһүн, күннээҕи үлэтин-хамнаһын туһунан дириэктэр Леонид Федотов кэпсиир.

Алмаастаах түөлбэ уот-күөһэ Бүлүүтээҕи ГЭСтэн кэлэр. Кини иккис түһүмэҕэ – Светлэйдээҕи ГЭС. Бу тэрилтэ, эмиэ Саха сирин атын тэрилтэлэрин курдук, судургута суох усулуобуйаҕа үлэлиир. Кини төһө даҕаны тыйыс тымныылаах, ирбэт тоҥноох сиргэ турдар, туһааннаах соругун барытын толорор. Светлэйдээҕи ГЭС Саха сиригэр уот-күөс ырыынагар уоту харыстааһыҥҥа эрэллээҕинэн үһүс миэстэҕэ сылдьар. Бу ГЭС баар буолан оҥорон таһаарар уонна социальнай эбийиэктэр, дьон олорор дьиэтэ уотунан уонна сылааһынан хааччыллар.

Маннык эбийиэги тутуу ураты усулуобуйаны ирдиирэ. Ол иһин уларыта тутуу кэннэ, 1990-с сс. саҕаланыыларыгар, эбийиэги тутуу тохтотуллубута уонна АЛРОСА АХ ылсан тутаах аахсыйалаах буолуор диэри “кэнсиэрбэлэнэн” турбута. Оччолорго АЛРОСА хампаанньа уотунан-күөһүнэн бэйэтин бэйэтэ хааччыйыахтаах диэн быһаарыы сөптөөх буолбута, кэм ирдэбилэ этэ. Бу тутуу аҥаардас ирбэт тоҥноох сиргэ турарынан даҕаны уратылаах. Күн бүгүн ГЭС оборудованиетын улахан аҥаара – Арассыыйа оҥоһуга.

2f889e1e ce22 4807 9465 58af96499fb5

Леонид Федотов Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр бөһүөлэгэр элбэх оҕолоох (7 оҕо) дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 2004 сыллаахха Томскайдааҕы политехническай университет (электротехническай институт (ЭЛТИ)) Автоматикаҕа уонна электромеханикаҕа факультетын (ФАЭМ) инженер-электромеханик идэлээх бүтэрбитэ.

Леонид Федотов бары күүһүн-уоҕун уонна билиитин Светлэйдээҕи ГЭСкэ туһаайар. Кини бу тэрилтэҕэ 2004 сыллаахха электротехническай сыах учаастагар 4-с эрэсэрээттээх электростанция уотунан барар оборудованиетын өрөмүөннүүр силиэсэринэн үлэҕэ киирибитэ уонна күн бүгүнүгэр диэри харыс халбарыйбакка үлэлии сылдьар. Бу 16 сыл иһигэр Леонид Степанович боростуой силиэсэртэн саҕалаан “Бүлүүтээҕи ГЭС-3” АУо производствоҕа толоруулаах дириэктэрин солбуйааччыга – “Светлэйдээҕи ГЭС” дириэктэригэр тиийэ үүннэ. Кини ыстаансыйа үлэтин-хамнаһын, устуоруйатын, үлэлиир кэмигэр туох уларыйыы-тэлэрийии барбытын туһунан – барытын билэр. Этэргэ дылы, барыта кини хараҕын далыгар ааспыта.

-- Леонид Степанович, Светлэйдээҕи ГЭС үлэтин-хамнаһын туһунан сырдата түс эрэ. ГЭС эниэргийэтин кимнээх туһаналларый?

-- Светлэйдээҕи ГЭС Саха сиригэр өлүүтэ – 9 %. Биһиги ыстаансыйабыт өрөспүүбүлүкэҕэ уот-күөс ырыынагар 3 миэстэни ылар. ГЭС бырайыактаммытынан 360,0 МВт кыамталааҕыттан (өскөтүн 4 гидроагрегат толору үлэлээтэҕинэ), күн бүгүн 277,5 МВт күүстээхтик үлэлии турар. Бу ГЭС АЛРОСА хампаанньа эбийиэктэрин, саҥа алмаастаах, гаастаах, ньиэптээх сирдэри уотунан хааччыйар уонна Бүлүү улуустарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар тирэх буоларга анаан тутуллубута.

Оттон былаан туһунан эттэххэ, ГЭС барыта тутуллан бүттэҕинэ, Саха сирин арҕааҥҥы улуустарын (Ленскэй, Мииринэй уонна Бүлүү бары улуустара) уотунан толору хааччыйар кыахтаныаҕа.

-- Оттон Светлэйдээҕи ГЭС АЛРОСАҕа туох оруоллааҕый?

-- “Бүлүүтээҕи ГЭС-3” АУо тэрилтэ аахсыйаларын (99,7313 %) сүрүн бас билээччитэ АЛРОСА хампаанньа буолар. Биһиги Бүлүтээҕи ГЭС салаата буолабыт. АЛРОСА хампаанньа аахсыйалары атыылаһыаҕыттан уонна үп-харчы көрүөҕүттэн, 1996 сылтан тохтоон турбут ыстаансыйабыт тутуута сөргүтүллэн, 2004-2008 сс. үс гидроагрегаппыт үлэҕэ киирбитэ. Онон биһиги эниэргийэбитин, сүрүннээн (60 %), АЛРОСА тэрилтэлэрэ туһаналлар.

-- Ыстаансыйаҕа үлэ-хамнас чааһыгар барыта уруккулуу буоллаҕына, тиэхиньикэ-оборудование чааһыгар, арааһа, уларыйыы киирэр буолуохтаах.

-- Светлэйдээҕи ГЭС Арассыыйаҕа биир саамай аныгы уот-күөс тиэхиньикэтинэн хааччыллан олорор. Туох баар технологическай үлэ-хамнас барыта ыстаансыйа симиэнэҕэ начаалынньыгын автоматизированнай үлэлиир сириттэн аптамаат тиһигинэн салаллар.

Инновациялаах уонна технологическай сайдыы (2020-2023 сс.) туһунан кэпсээтэххэ, араас тэрээһини былааннаан олоробут. Холобур, эрэсиим халбаҥнааһынын кэтээн көрөр тиһиги киллэриэхтээхпит. Ол көмөтүнэн суһал-диспетчерскэй салайыы хаачыстыбатын тупсарыахтаахпыт, ыстаансыйа бэйэтэ төһө уокка-күөскэ наадыйарын аптамаат былаанныыр буолуохтаах, ороскуот ааҕыллыыта чопчуланыахтаах, оборудование уонна устройство сыллааҕы уонна ыйдааҕы тэхиниичэскэй өрөмүөннэрин уонна көрүүлэрин-истиилэрин былаанныыр процесс аптамааттанарын хааччыйар кэлим бырагыраама киириэхтээх.

-- Күн бүгүн туох кыһалҕалааххытый, ханнык уустуктары көрсөҕүтүй?

-- ГЭС билиҥҥитэ бырайыактаммыт күүһүнэн үлэлээбэккэ турар. Ол гидротехническай тутуулар ресурсаларыгар куһаҕаннык дьайар. Ол эрээри итинник буоларын билэр этибит, өтөр 4-с гидроагрегаппыт үлэҕэ киириэҕэ. ГА-4 тутуута “2020-2030 сс. Бүлүүтээҕи ГЭС” инвестиция бырагырааматыгар киирбитэ. Уопсайынан, билигин биһиги ГЭС ааҕыллыбыт-былааннаммыт күүһүн ситэ туһаммакка олоробут диэххэ сөп.

ГА-4 тутуутугар Арассыыйа да, омук дойдуларын да аныгы уонна саҥа технологиялара туһаныллыахтара. Ол саҥа, эдэр исписэлиистэр үлэлии кэлэллэригэр көмө буолуохтаах. Аны туран, ГА-4 үлэҕэ киирдэҕинэ, Саха сирин арҕааҥҥы улуустара уотунан эрэллээхтик хааччыллыахтара.

Итини эмиэ “киһи фактора” диэххэ сөп. Энэргиэтикэ -- үлэлиир дьонтон барыларыттан анал идэтийиини эрэйэр салаа. Салайааччыттан саҕалаан боростуой элиэктиригэр тиийэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, Светлэй дьоҕус, кыра бөһүөлэк буолан, эдэр исписэлиистэр тиийбэттэрэ баар суол. Аны туран, бэйэтэ даҕаны аҕыйах эдэр үлэһиттээхпит хамнас кыратыттан сылтаан, кыратык үлэлээн-хамсаан, уопутуран баран, бырамыысыланнас атын эйгэлэригэр (ньиэп, гаас) көһөллөр. Дьиҥэр, кинилэр үүнэллэригэр-сайдалларыгар үп-харчы угуллар эбээт. 2020 сыл 9 ыйын түмүгүнэн, биһиэхэ орто хамнас 83 тыһыынча солк. буолан турар.

-- Каадыр туһунан эттэххэ. Сорох сиргэ энэргиэтик буолуон баҕалаах ыччакка миэстэтигэр лиэксийэ тэрийэллэр, оҕолор быраактыкаларын бараллар. Эһиги оннук гынаҕыт дуо? Холобур, Светлэйдээҕи индустриальнай техникум (эбэтэр атын үөрэхтэр) устудьуоннара кэлэн үөрэниэхтэрин да, быраактыкаланыахтарын да сөп. Светлэй техникумун выпускниктара эһиэхэ үлэлииллэр дуо?

-- Биһиэхэ үгүс үөрэх кыһатын устудьуона кэлэн быраактыкаланар. Ол иһигэр Светлэйдээҕи индустриальнай техникум, Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай институт устудьуоннара бааллар. Ол эрээри бу сылларга биллэр биричиинэн устудьуоннар быраактыкаламматылар.

Ол да буоллар биһиэхэ араас сыллардааҕы Светлэй техникумун выпускниктара киирэн үлэлии сылдьаллар.

-- Өссө биир ыйытыы: энэргиэтикэ эйгэтигэр оҕо аҕатын туйаҕын хатаран үлэлии кэлэрэ сэдэҕэ суох көстүү. Эһиэхэ оннук холобурдар бааллар дуо?

-- Күн бүгүн үлэһиппит 70 %-на, ортотунан, 45 саастаах. Кинилэр үксүлэрэ 2004 с. балаҕан ыйыгар бастакы массыынаны бэлэмнээн үлэҕэ киллэрсибиттэрэ. Кинилэр, этэргэ дылы, Светлэйдээҕи ГЭС тэриллиэҕиттэн үлэлииллэр, биһиги тирэх дьоммут буолаллар. Туох да диэбит иһин, биһиги ыстаансыйабыт эдэр ыстаансыйа. Онон удьуордааһын туһунан этиэхпит өссө арыый эрдэ курдук. Ол да буоллар биири бигэтик этэбит. Билигин Светлэйдээҕи техникумҥа биһиги үгүс үлэһиппит оҕото-ыччата үөрэнэ сылдьар. Онон кинилэртэн эмиэ энэргиэтиктэр тахсыахтара диэн эрэнэбитт. Билигин үлэһиппит 15 %-на эдэр дьон.

Ыстаансыйа үлэтигэр хамсык дьайыытынан туһунан эттэххэ, билигин ГЭС үлэһиттэрэ биидьийэ-сибээс көмөтүнэн мунньахтыыллар, үлэ-хамнас хаамыытын былаанныыллар. Ол да буоллар үлэ биир да чаас тохтообот. Леонид Федотов эппитинии, Светлэйдээҕи ГЭС былааннаахтык, чопчу болдьоҕунан, тохтоло суох үлэлиир. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үлэлэриттэн АЛРОСА хампаанньа уонна Бүлүү улуустарын үлэтэ-хамнаһа, олоҕо-дьаһаҕа тутулуктаах.

Андрей ШИЛОВ.

Сэҥээриилэр

Ute
0 Ute 23.01.2023 20:32
Işkence porno bulunan 19417 videolar. Popüler Yeni Uzun. Herşey HD.
Metresi kristin minuit baştağın işkence için iğne işkence.

Bağlama Ve Disiplin, Kadın Hâkimiyeti, Hd, Lezbiyen, Metres.

9:14 HD. 4 yıl once RedTube. O playfully onun kedi işkence, anal ve
meme başı.

Also visit my webpage - Sürtünerek Sevişen Lezbiyenler: https://salvatoredivilio.it
Ответить
Alyce
0 Alyce 27.03.2023 08:30
Where can I buy affordable diabetes medication online without a prescription? Where can I buy insulin without
a prescription and have it delivered to me?
Best diabetes meds deals online, no prescription needed Legal ways to buy Actoplus without prescription

Take a look at my webpage: Buy
diabetes drugs online with discreet shipping and no
prescription: https://www.plasta.co.kr/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=104306
Ответить
Franziska
0 Franziska 28.03.2023 20:24
I was curious if you ever considered changing the structure of your site?
Its very well written; I love what youve got to say. But maybe you could a little more in the
way of content so people could connect with it better. Youve got an awful lot of text
for only having 1 or 2 pictures. Maybe you could space it out better?


Here is my blog ... Neck pain relief: https://consuelovita.it/alleviate-your-neck-and-shoulder-pain-with-a-cervical-traction-device
Ответить
Emmett
0 Emmett 03.07.2023 21:45
I think the admin of this website is truly working hard for his
website, because here every material is quality based material.



Stop by my webpage Daniela: http://gyeongshin.co.kr/ksen/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=198690
Ответить
Lesli
0 Lesli 06.12.2023 08:43
Excellent website. Plenty of useful information here.
I am sending it to a few pals ans also sharing in delicious.
And certainly, thanks to your sweat!

My blog - sumatriptan en venta en Chile sin receta: https://hyundaislife.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=465912
Ответить
Alejandrina
0 Alejandrina 08.04.2024 04:54
I'm not sure why but this blog is loading incredibly slow for me.
Is anyone else having this problem or is it a
problem on my end? I'll check back later on and see if the problem still exists.


Also visit my web-site; prometrium online kopen zonder medisch advies nodig: http://sit6800.godhosting.net/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=9550
Ответить
Shirley
0 Shirley 11.04.2024 11:56
Every weekend i used to visit this web page,
because i want enjoyment, as this this web
site conations genuinely good funny material
too.

Also visit my blog post :: No se requiere receta
para comprar azarekhexal en Suiza: http://www.dailyfact.co.kr/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=290984
Ответить
Dell
0 Dell 11.04.2024 19:19
Nice post. I learn something totally new and challenging on websites
I stumbleupon every day. It's always useful to read articles from other
writers and practice a little something from other websites.



my homepage - Online-Verkauf von azelastine in Frankreich: http://xn--739a74b423a.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=37448
Ответить

Санааҕын суруй