Тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, быйыл Саха сиригэр сыл бүтүөр дылы уопсайа 296 тулаайах оҕону дьиэннэн хааччыйыахтара.
"Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ ыларга уочаракка турар 714 тулаайах уочаракка турар. Олортон ордук элбэх киһи — 409 тулаайах Дьокуускай куоракка", – диэн иһитиннэриигэ ыйыллар. 52 тулаайах — Алдан оройуонугар, Мэҥэ Хаҥаласка — 30, Аммаҕа — 27, Нерюнгрига — 26, Өлүөхүмэҕэ — 25. Маныаха 788,63 мөл. солк. көрүллүбүт, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 165,8 мөл. солк.