Киир

Киир

Киһи Икки аҥартан турар дииллэр – Хаҥас аҥара Дьахтар, оттон Уҥа аҥара – Эр киһи.

Ол иһин киһи хаҥас өттө уҥатынааҕар күүһүнэн мөлтөх, онно сүрэх баар буолан аһынымтыа, уйан.

Уҥа өттүбүт Эр киһилии, күүстээх-уохтаах, үлэһит. (1 ойуу).

ug1

КУТТАР ЭНИЭРГИЙЭЛЭРЭ КИҺИ ЭТИГЭР

ХАНАН ОРДУК КҮҮСКЭ КҮҮРЭЛЛЭРИЙ?

Куттары биологическай эниэргийэ көрүҥэ (биоэнергоинформационная субстанция) диэн быһаарбыппыт.

Билигин Куттар эниэргийэлэрэ Киһи этигэр ханан ордук күүрэллэрин көрүөххэ. Физикаттан билэрбит курдук, электрическэй иитии (заряд) уһуктаах-чорбохтоох сиринэн ордук күүрүүлээх буолар. Киһиэхэ чорбохтоох сирдэрбит - Эмиийдэрбит, Кииммит уонна Сүүспүт лоппоҕоро.

 Итинэн сиэттэрэн эттэххэ, Хаҥас эмийинэн - Ийэ Куппут, Уҥа эмиийинэн – Аҕа Куппут, Кииммитинэн – Буор куппут, оттон Сүүспүт лоппоҕорунан – Салгын куппут эниэргийэлэрэ ордук күүскэ күүрэллэр эбит диэххэ сөп. (2-с ойуу).

ug2

Киһи ытыһа чорбохтордоох ол –Тарбахтара. Ол иһин Куттар эниэргийэлэрэ тарбахтар төбөлөрүгэр эмиэ мунньуллаллар. Ол курдук, Тойон эрбэххэ – Аҕа Кут, Сөмүйэҕэ – Ийэ Кут, Орто тарбахха – киһи Дууһата, Аата суохха – Буор Кут, оттон Ылгын чыҥыйаҕа – Салгын Кут эниэргийэлэрэ күүрэ сылдьаллар. (3-с ойуу).

ug3

Итини билии Айыы Таҥараҕа үҥэр туомҥа туттарга наадалаах.

САХА БИЛИҤҤИ ИТЭҔЭЛЛЭРИГЭР АЙЫЫ ТАҤАРАҔА ҮҤЭР СИЭР-ТУОМ СУОХ

 

Саха билиҥҥи языческай итэҕэллэригэр – Аар Айыы Тойону уонна Үрүҥ Айыы Тойону итэҕэйээччиэлэргэ үҥэр, кириэстэнэр сиэр-туом суох. Кинилэргэ Ытык бэлиэ – Кириэс эмиэ суох.

АЙЫЫ ТАҤАРАҔА ҮҤҮҮ УРАТЫЛАРА

Айыы Таҥараҕа үҥүү диэн Айыы Таҥаралыын кэпсэтии, ыраастаныы, көрдөһүү, Таҥараттан Алгыс ылыы.

Айыы Таҥараҕа үҥэргэ Кириэс кэтиллиэхтээх уонна кириэс охсунуллар, оччоҕо эрэ хардарыта сибээс олохтонор.

Сорохтор Саха төрүт итэҕэлигэр кириэс охсунуута суох этэ, онон кириэс охсунуу христианскай итэҕэл сиэрин үтүктүү буолар диэхтэрин сөп. Ол гынан баран, Таҥараианство баар итэҕэллэртэн барыларыттан, ол иһигэр христианствоттан эмиэ, үчүгэйин, наадалдааҕын сүһэн ылан туһанар диэн урут суруйан турабыт.

Айыы Таҥараҕа кириэс охсунуута уонна үҥүү бэйэтэ олох туспа уонна христианнар кириэстэниилэриттэн улахан уратылардаах. Ол курдук, өскөтүн христианствоҕа икки эбэтэр үс тарбаҕы холбуу тутан баран кириэстэнэр буоллахтарына (4-с ойуу), Тааҥараианствоҕа бстаан Уҥа уонна Хаҥас илиилэр биэстии тарбахтарын холбуу тутан баран,   хаҥас ытыс үөһэ уҥа ытыһы сыһыары тутуллар уонна дьэ ол кэнниттэн икки илиинэн кириэс охсунуллар. (5-с ойуу).

ug4

ug5

 

Тоҕо Биэс тарбаҕы холбуу тутулларый? Ити Куттар уонна Дууһа эниэргийэлэрин бииргэ холбоон түмэр сыалтан оҥоһуллар. Эппиппит курдук, киһи Тойон эрбэҕэ – Аҕа Кут, Сөмүйэтэ – Ийэ Кут, Орто тарбаҕа – Дууһа, Аата суоҕа – Буор Кут, оттон Ылгын чыҥыйата – Салгын Кут эниэргийэлэрэ түмүллэр сирдэрэ.

Оттон, тоҕо икки ытыһы холбуу тутулларый? – диэн ыйытык үөскүөн эмиэ сөп. Хоруйа маннык.   Икки ытыһы бэйэ-бэйэлэригэр сыһыары тутан, киһи Икки аҥарын (Эр киҺи уонна Дьахтар аҥарын) холбонуллар. Оччоҕо Айыы Таҥараҕа үҥүү суолтата үрдүүр.

Уҥа эбэтэр Хаҥас илии тарбахтарын холбуу тутан баран, аҥар эрэ илиинэн кириэстэниэххэ эмиэ сөп.

КИРИЭСТЭНИИ ХАЙЫСХАТА

 Кириэстэнэргэ Биэс тарбаҕы холбуу тутуллубут ытыһынан (эбэтэр сыһыары тутуллубут ытыстарынан):

  1. бастаан Сүүһү (Салгын Кут баар сирэ)
  2. онтон Киини (Буор Кут),
  3. ол кэнниттэн Уҥа Эмиийи (Аҕа Кут) уонна
  4. бүтэһигэр – Хаҥас Эмиийи (Ийэ Кут) даҕайыллар. (6-с ойуу )

ug6

Онон 4 Куппут уонна Дууһабыт эниэргийэтин холбооммут Кириэс (Антенна) нөҥүө Айыы Таҥараны кытары сибээстэһэбит.  

Ити курдук Үстэн итэҕэһэ суох кириэс охсунуллуохтаах.

Кириэс охсунар кэмҥэ ботугураан Айыы Таҥараҕа Махталгын, Алгыскын этиэхтээххин, көрдөһүөхтээххин.

Санааҕын суруй