Киир

Киир

Хой

хой

Бэнидиэнньиккэ улахан бырайыак түмүгэ биллиэ. Оптуорунньукка хаан баттааһына эмискэ уларыйыа. Уопсастыбаҕа араас быһыы-майгы тахсыа. Мунньахтарга эҥин тыл этэриҥ табыллыа суоҕа. Сэрэдэҕэ ыалдьыт бөҕө кэлиэ. Чэппиэргэ омук дьонуттан, суолга сэрэхтээх буол. Дьиэ-уот түбүгүттэн дьоллонууһугун.

Оҕус

о5ус

Ыраах айан, эрэкэлээмэ, үөрэх туһунан араас сонун кэлиэ. Айаныҥ тохтууһу.

Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар саҥа дьону кытта билсэргин тохтото түһэриҥ ордук. Эн тускунан араас бөрүкүтэ суох сурах тарҕаныан сөп. Дьиэҕин-уоккун көр-иһит, өрө тарт, сууй-сот. Субуотаҕа соһуччу ыксаллаах айан күөрэс гыныа.

Игирэлэр

игирэ

Кыттыгас үп-харчы араас долгуйууну үөскэтиэ. Кирэдьииккин бэнидиэнньиккэ биэриэхтэрин сөп. Оптуорунньукка суолга хаайтарыы баар. Улахан малы-салы атыылаһарга сөбө суох нэдиэлэ. Кутуйах хаамыытынан байар-тайар туһугар сыҕарыйан ис. Өрөбүллэргэ дьиэҥ тобус-толору киһи буолуо. Саҥа билсиһии, доҕордоһуу баар.

Араак

араак

Бу нэдиэлэҕэ ыал буолабын дуу, суох дуу диэн бүтэһиктээх “сүбэ-мунньах” буолуо. Оптуорунньукка иэс-күүс, атын киһи баайын-дуолун, үлэ кыһалҕата элбиэ. Барыта соһуччу. Успуорка сэрэхтээх буол. Таҥас-сап саҥардыллар кэмэ кэлбит. Сүүйүүлээх оонньууга кыттыма. Дьүһүҥҥүн уларытарга ыксаама.

Хахай

хахай

Туохтан маннык буоллум диэн төрүөтүн быһаара сатыыр уонна түмүгү оҥостор кэмиҥ. Ыраахтан кэлбит дьоҥҥо оптуорунньукка отой эрэнимэ. Кэсмиэтикэ салонугар сылдьар, истиили, бүрүчүөскэни уларытар кэм кэлбит. Ыраах айан кэтэһэр. Үөрэх эмиэ кэтэһэр. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр доруобуйаҥ содьороҥноон ылыа. Эмиэ мээнэ хааланыма. Астан сүһүрэр куттал баар.

Кыыс

кыыс

Элбэх ыра санааҥ туолуоҕа. Уруу-аймах эн көрүүгэр-истиигэр наадыйыа. Оптуорунньукка доруобуйаҕын күүскэ көрүн. Бээтинсэҕэ уопсастыбаннай үлэ элбэх ороскуоту эрэйиэ. Кистэлэҥ күүскэ чугаһаабыккын, элбэх арыллан эрэр. Кистээн имэҥнээх көрсүһүү баар. Суол ыстарааба түһүө. Соһуччу уларыйыылары холкутук ылына сатаа.

Ыйааһын

ыйааьын

Массыынаҕын кытта бодьуустаһыаҥ. Сэрэдэҕэ таҥараттан көрдөспүтүҥ ытыскар түһэн кэлиэ. Бу нэдиэлэҕэ бар дьон иннигэр тахсан саҥарбытыҥ кэлэр өттүгэр үтүө дуораан буолан эргиллэн кэлиэ. Салалта бириэмийэ биэрэн эбэтэр латарыайаҕа соһуччу сүүйэн үөрүүҥ-көтүүҥ үксүө. Биир санаалаахтаргын булан баартыйаҕа да киирэн хаалыаххын сөп.

Скорпион

скорпион

Харчыны баҕас өлөрөҕүн да, ыһаҕын-тоҕоҕун да. Бэнидиэнньиктэн айаныҥ саҕаланыа. Оптуорунньукка алдьаммыт хоруудаҕа умса хоруйуоҥ. Бээтинсэҕэ – төбө ыарыылаах илии баттаһыы. Саҥа үрдүк дуоһунаска ананыы соһуччу буолуон сөп. Бу кэми социальнай уонна идэҥ таһымыгар бигэтийэргэ туһана сатаа. Ол быыһыгар күнүү, таҥнарыы баар.

Охчут

охчут

Ыарыы, көһүү, айан – биир кэм эргитэн кулахачытыа. Бэнидиэнньик – иэһи-күүһү төлөһүү. Оптуорунньукка сэрии курдук быһыыга-майгыга киирэн тахсыаҥ. Бээтинсэҕэ биир сүрүн кыһалҕа бэрт судургутук быһаарыллан хаалыа. Атын дьон баайа кэлэр нэдиэлэҕэ туһалыа. Ипотекаттан, сууттан ыраах сырыт. Харчы баар, элбэх.

Чубуку

чубуку

Ороскуот баар. Дьон кыһалҕатыгар сүүрэ сылдьан харчыгар оҕустарыаҥ. Уруу, үбүлүөй баар. Бээтинсэҕэ уоттан сэрэхтээх буол, элбэх дьонноох сиргэ өр буолума. Өрөмүөн, баай-дуол үллэстиитэ баар. Кэргэниҥ бары өттүнэн тупсуо. Бу күннэргэ сымыйа сурах эн аттыгыттан араҕыа суоҕа.

Күрүлгэн

курулгэн

Хаттаан биир түһүмэххэ эргиллэн кэлиэҥ. Докумуон, үөрэх дьыалата элбэх. Уруу-аймах кыһалҕатыгар эн хайаан да кыттарыҥ наада эбит. Эккин-сииҥҥин көрүн, эмтэнэргин саҕалаа. Сулумах күрүлгэннэр дьолгутун оптуобуска, уулуссаҕа соһуччу көрсүөххүт. Арыгыны иһимэ. Аскар болҕомтолоох буол.

Балыктар

балыктар

Ыраах айан ороскуоттаах буолуо. Дьоһуннаах быһаарыы бээтинсэҕэ биирдэ биллиэ. Гарааскар улахан болҕомтоҕун уур. Үп-харчы кэлэр уонна барар. Оҕо-уруу кыһалҕата элбэх. Үлэҕэр туох эрэ улахан ситиһиини бэлиэтиэххин наада. Күнүү үөнэ муомахтыан сөп. Дьиэ кыылын кытта ситимнээх сүпсүгүрүү баар.

Санааҕын суруй