Кэлэр Луо бэлиэлээх 2024 сыл чорбохтоох сыл. О.э., олунньу 29 күннээх. Ону тэҥэ тоҕустуу сыллаах кэрдиис (цикл) ахсыс сылыгар үктэнэбит. “Ол аата, сиппэтэҕи ситэринэр, сыыспыты көннөрүнэр кэм” диэбиттэр. Онон тиритэ-хорута үлэлиир, элбэх уларыйыыны-тэлэрийиини көрсөр сылбыт үһү. Барыбытыттан да дьулуурдаах, бэрээдэктээх уонна сайдарга тардыһыылаах буолуу ирдэнэр.
Сыл суумата (2+0+2+4) – 8, онон матырыйаалынай өрүт инники күөҥҥэ тахсар кэмэ. Харчыга хараҥарыы, байар-кыаҕырар уххан күүһүрэр кутталлаах. Угаайыга киирэн биэрэн быстарбат туһугар сулустар сиэрдээхтик олорорго сүбэлииллэр.
Хой
Эгэлгэ тэрээһин элбэх сыла буолсу. О.и. уруу, оҕо төрөөһүнэ, малааһын, ол быыһыгар арахсыы... Туох кыах, тоҕоос көстөрүнэн чэпчэтиилээх ипэтиэкэҕэ киирсэн, дьиэлэнэр туһунан толкуйдуоххутун сөп. Дьиэ кэргэн састааба ордук сайын ортото уларыйыах курдук. Күһүөрү бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччыларга үчүгэй кэм буолуоҕа. Спортсменнарга да бэртээхэй сыл иһэр. Уопсайынан, ситиһии, үөрүү үгүс.
Сүрүнэ, уолҕамчы быһыыттан, ыгым буолууттан аккаастаныҥ. Кэрэ аҥаардартан ким эрэ саҥа үлэҕэ көһүөх, солото үрдүөх курдук. Таптал чааһа ордук сайыҥҥы күннэргэ күүһүрүүһү. Доруобуйа чааһын эттэххэ, сүрүннээн, ньиэрбэ тиһигин харыстаныахха. Оһолломмот гына, экстримнээмэҥ.
Дьол тугунан да кэмнэммэтин, дьол дьоҕус түгэннэртэн таҥылларын умнума!
Оҕус
Сыл бастакы аҥаарыгар көхтөөх үлэ, ситиһии күүтэр. Ол түмүгүнэн олоххутун тосту уларытар туһунан толкуй киирииһи. Сыл иккис аҥаара тугу тобулбуккутун олоххо киллэриигэ ананыа. Ол да буоллар сэрэхтээҕэ көстөн турар дьыалаҕа ылсымаҥ. Сыл саҕаланыыта үп-харчы уустугуран ылыан сөп. Ыам ыйыттан балаһыанньа көнүө. Атырдьах ыйа тутуу ыытарга барсыа. Урбаанньыттарга эмиэ үчүгэй сыл иһэр. Кэҥиир эбэтэр саҥа партнёрданар тоҕоос баар буолсу.
Доруобуйаҕытын болҕойуҥ. Ыйааһын эбиллиэн, дьарҕа ыарыы көбүөн сөп. Эрдэттэн харыстана сылдьыҥ. Чуолаан быарга уонна гормональнай тиһик үлэтигэр болҕойуҥ. Үлэ түмүгэ санаа хоту тупсубат да түгэнигэр санаарҕаамаҥ. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, онон кэтэс.
Тулуурдаах буолуоҥ – кыайыы-хотуу кэлиэ!
Игирэлэр
Улахан сыал-сорук ситэр кэмэ. Саҥа дьылга үктэнээти кытта, кыах-күүс эбиллэн барарын мүччү тутумаҥ. Күһүөрү үлэ күүрээнэ аҕырымнаан, саҥа күүһү мунньунар тоҕоос үүнүө. Соһуччу үөрүү, ситиһии быйыл балай эмэ буолуоҕа. Сыл иккис аҥаарыгар айан-сырыы көстөр. О.и. тас дойдуга хомондьуруопка да баар курдук. Биисинэстээх эр дьон санаалара бөҕөргүүһү. Оттон кэрэ аҥаардарга күүс-өйөбүл буолар киһи көстөр чинчилээх.
Алтыһар дьоҥҥутун сөпкө сүүмэрдээҥ, кинилэртэн элбэх тутулуктаах. Таптал, сыһыан өттүгэр улахан уларыйыы суох. Олунньуга дэҥтэн-оһолтон сэрэниҥ. Үп-харчы чааһа сөбүгэр үчүгэй. Ордук сыл бастакы аҥаарыгар. Арай муус устарга ыктаран ылыаххытын сөп. Х-р, ким эрэ иэһин кэмигэр биэрбэтэҕиттэн, тардарыттан сылтаан. Уопсайынан, быйыл иэс биэрэртэн туттунуҥ. Доруобуйа чааһа – этэҥҥэ.
Дьылҕа тосхойор тоҕоостоох түгэнин туттумахтаһан хаалыҥ!
Араак
Үлэҕэ дьүккүөргүт күүһүрүүһү. Арай ордук кыаҕырар кэмҥит саас эбит буоллаҕына, сулустар өйөбүллэрэ сайын диэки биллэн барыыһы. Онон тулуур наада. Киирэр этиини (ордук биисинэскэ) ыараҥнатан, иннин-кэннин толкуйдаан эрэ баран, ылынары-ылымматы быһаарыҥ. Сыл бастакы кыбаарталыгар киэҥ көҕүстээх, күн өйдөөх буоларгыт наада. Сааһыары чугас дьоҥҥутугар эһиги көмөҕүт наада буолан туруон сөп. Өйүүр буоллаххыт.
Муус устартан табыллар кэмҥит үүнэр. Үп туруга тупсар. Сулумахтар, санааҕыт сытар, тардыһар киһигитин көрсөр чинчилээххит. Ыал дьоҥҥо өйдөһүү, өйөһүү тыына илгийэр. Итинник баран иһиҥ. Олох араас эйгэтигэр ситиһии күүтэр. Сөптөөх суолу тутустаххытына, ситиһииттэн атыны көрсүөххүт суоҕа. Доруобуйаҕыт туруга – бэртээхэй. Арай сыл саҕаланыыта кыратык мөлтөөн ылыаххытын сөп.
Баай уопут ардыгар харчытааҕар лаппа туһалаах буоларын умнумаҥ!
Хахай
Олус холку да буолбатар, куһаҕана суох сыл иһэр. Биир бигэ санаата суоххут мэһэйдиир. Дьиҥинэн, чопчу сыалы туруоруннахха, эмоцияҕа охтубатахха, барыта табыллыа этэ. Үлэлиир баҕа, дьүккүөр көстөр. Ол үтүө түмүгэ сааскыттан биллэн барыа. Айар-тутар үлэлээхтэр, ордук ситиһиилэниэххит. Харах манньыйа көрөр киһитин көрүстэххитинэ, олус киэргэтэн ылыммакка, сыыспат гына, өйдөөн-төйдөөн тургутаргыт ордук үһү. Үп-харчы сыл саҕаланыытыгар соччото суох курдук буолан баран, сааһыары биллэ тупсуо. Онон быйыл антах-бэттэх хамсыы сылдьыыһы.
Кыраадыстаах утаҕынан үлүһүйүмэҥ. Ыал дьон, күһүөрү дьиэ кэргэҥҥитин кытта бииргэ буолуҥ, иэйиигитин биллэриҥ. Балаҕан–алтынньы ыйдарга айан-сырыы бэркэ табыллыа. Сыл былаһын тухары үлэни, сынньалаҥы тэҥинэн тутан, эт-сиин чэгиэн буоларын хааччыйыҥ.
Сыа киһи сылайар, эт киһи элэйэр айылгылаах. Хахай да буолларгыт, харыстанаргытын умнумаҥ!
Кыыс
Бириэмэни сөпкө наардыыр, былаанныыр сатабылы кыайа туттаххытына, ситиһии өр күүттэриэ суоҕа. Үлэҕэ, тус олоххо да ситиһии дэлэй буолуо. Олунньу, от ыйдар тыҥааһыннаах соҕус буолуохтара. Таайан көрөр дьоҕургут аттыгытыгар таҥнарыахсыт баарын сэрэйэн, дьонтон тэйэр санаа баһыйыан сөп. Тоҕоостоох кэмҥэ оруобуна түбэһэн биэрэн, үлэҕэ табыллыы элбэх.
Ордук бэлиэ тэрээһин олунньу–кулун тутар ыйдарга түбэһэр. Ол кэмҥэ идиэйэҕит элбээн, хааһахтан хостуур курдук буолсу. Түмүгэр хамнас да, дуоһунас да үрдүүр кыахтаах. Сүрүнэ, сыл устата доруобуйаҕытын болҕойуҥ. Туһата суоҕу атыылаһартан туттунуҥ (кэрэ аҥаарга сыһыаннаах), сыл устата иирсээнтэн, мөккүөртэн дьалты туттуҥ. Таптал таҥарата эһигини сэтинньи–ахсынньы ыйдарга иһирэхтик көрүүһү.
Тапталлааххыттан сылайдаххына, тэйэргэ тиэтэйимэ!
Ыйааһын
Быйыл эһиэхэ холку, уу нуурал сыл. Хайаан да доруобуйаҕытын тупсарыҥ, астына сынньаныҥ. Күүһү таһынан сылдьартан эт-сиин сылайан, бууннаан да туруон сөп. Соҕотоҕун сылдьар, айылҕаҕа үгүстүк дьаарбайар санаа киирииһи. Эт-сиин уоскулаҥы эрэйэрэ оччо, соһуйумаҥ. Балаҕан ыйыгар улахан сабыдыаллаах киһини кытта билсиһиэх курдуккут. Анаабыт курдук, ол кэмҥэ үлэлиир баҕа күүһүрэр. Идэтийии күүһүрүө.
Үлэлиир тэрилтэни уларытар баҕалаахтарга онтуларын олоххо киллэрэргэ барсар сыл. Оттон барар-кэлэр санаата суохтарга дуоһунас үрдүүр кыахтаах. Сулумахтар, аналгытын быйыл көрсүөх курдуккут! Үп-харчы чааһыгар үҥсэргиир төрүөт суох. Харах, тирии, баттах болҕомтону эрэйэллэр. Ыалдьыбат инниттэн аһыыр аскытын, сынньанар кэмҥитин көрүнүҥ. Кимҥит эрэ улахан талаана арыллан күннүөҕэ.
Уларыйыыттан куттанымыахха наада, турар уу – сытыйар!
Скорпион
Эр дьон, кыаҕырар, ситиһиилэнэр сылгыт. Үөрүҥ: олоххут үрүҥ балаһата саҕаланар. Карьера тупсуон сөп. Эбии харчыланар этииттэн аккаастанымаҥ. Тус олоҕу, дьиэ кэргэни да умнубаккыт үчүгэй буолуо этэ. Тирэххит – дьиэ кэргэн. Кэрэ аҥаардарга да бэртээхэй сыл. Сүрүнэ, ньиэрбэҕитин харыстааҥ, кириитикэни истэ, ылына үөрэниҥ. Сулумахтар, сэҥээрэр киһигитин көрсүөх курдуккут. Сатамматах сыһыаны умнар уолдьаста.
Доруобуйа чааһыгар киһи долгуйара көстүбэт. Саҥа билии-көрүү, уопут үллэстиитэ сыл бастакы аҥаарыгар элбэх. Өрөмүөн ыытарга табыгастаах сыл. Эрдэ кыайан оҕоломмокко сылдьыбыт дьон, быйыл кэнчээри ыччаттанар кыаххыт улаханын сулустар анаан бэлиэтээбиттэр. Кытаатыҥ. Атын идэҕэ, сиргэ көһөр баҕалаахтар, эмиэ Луо сылын туттумахтаһыҥ.
Санааны алы гынар, бэйэни хайҕана түһэр эмиэ наада. Ону умнумаҥ!
Охчут
Улахан уларыйыыны аҕалар сыл иһэр. Үчүгэйэ диэн, үтүө өттүгэр уларыйыы буолуоҕа. Эр дьон, карьераҕа, үпкэ-харчыга ситиһиилэниэххит. Сүрэхтээх, үлэҕэ дьаныардаах буолуҥ. Биисинэскэ хорсуннук холонуоххутун сөп. Тус олох да – бэртээхэй. Хараҕы, сүрэҕи “аһан”, аналы-чааһы булунуох этигит. Сулустар “өйүөхпүт” дэһэллэр.
Айанныырга, сири-дойдуну көрөргө үчүгэй кэм. Үгүс кэрэ аҥаар ханна эрэ көһөр, үлэни уларытар туһунан ыратын дьиҥ олоххо, дьэ, киллэриэх курдук. Аһаҕас-сайаҕас буолуҥ, балаһыанньатын көрөн, түргэнник уларыйар, сөп түбэһэн биэрэр сатабылгытын туһаныҥ. Иирсээҥҥэ-мөккүөргэ кыттыһымаҥ. Хорсун уонна быһаарыныылаах буолуҥ. Доруобуйа – чаһы! Алтынньыга суолталаах сонуну истиэххит. Ол – атын сиргэ көһүүгэ сыһыаннаах буолуон сөп.
Уларыйыы үгүс өттө үчүгэйгэ буоларыгар бигэтик эрэниҥ!
Чубуку
Олус уһун кэми хаппакка, чопчу, быстах кэминэн былааннаан, аргыый аҕай иннигит диэки дьүккүйэн иһиҥ. Үтүө уларыйыы күүтэр. Олунньу, кулун тутар ыйдарга иирсээн, мөккүөр тахсыыһы, онтон дьалты сылдьыҥ. Эр дьоҥҥо сэргэх сыл. Сайын диэки доруобуйаҕытын болҕойуҥ. Үлэҕэ олус түбүгүрүү охсуон сөп. Олорор, үлэлиир сири, эйгэни, доҕоттору уларытар санаа киириэн сөп. Сайын арамаантыка тыына күүһүрүөхчэ. Атырдьах ыйыгар дьылҕаҕытыгар дьайыылаах ураты көрсүһүү баар курдук. Быһата, хамсанар, уларыйар сылгыт.
Кыргыттар, хараххыт дьэ аһыллан, тапталлааххыт субу аттыгытыгар баарын билбэккэ сылдьыбыккытын өйдүөххүт. Улахан атыыны-тутууну ыыппатах көнө. Күүһү-кыаҕы харыстаан тутта үөрэниҥ. Сыл бүтүүтэ сэниэҕит эстэр туруктаах. Сэтинньигэ эти-сиини бөҕөргөтүҥ. Дохуот быйылгытааҕар быдан ордук буолсу.
Үбү-харчыны үксэтэргэ үтүөкэн сыл иһэр!
Күрүлгэн
Тохсунньуга Плутон дьайыытынан эмискэ үлэни уларытар, харчыны матайдыыр санаа күүһүрүөн сөп. Быһымахтык быһыыланымаҥ, үчүгэйдик толкуйданыҥ. Карьера быһаарыллар кэмэ. Эр дьоҥҥо, чуолаан тохсунньуга төрөөбүттэргэ, тургутан көрөр түгэннэр баар буолуохтара. Ол – саҥа саҕах арылларын туоһута. Улахан уларыйыы күүтэр. Тус олоххо эмиэ. Дьахталларга сыл иккис аҥаарыттан дьарыгы, үлэни уларытар наадата тириэн сөп. Төһөнөн уустук да, оччонон кииллийэҕит. Кэлэр сылы чыҥха атын буолан көрсүөххүт.
Сыалаах-арыылаах астан, куһаҕан дьаллыктан аккаастаныҥ. Иммунитеты күүһүрдэргэ кыһаллыҥ. Атыыны-тутууну атырдьах ыйыттан сэтинньигэ диэри былааннааҥ. Эмиэ ити кэмҥэ сабыдыаллаах, дьоһун дьону кытта билсиэх курдуккут.
Таайан көрөр дьоҕургар эрэниҥ. Эһигини таҥнарбат күүс – ол!
Балыктар
Дьиэ кэргэн көмөтүнэн хайдахтаах да уустугу аһарыаххыт. Эр дьон карьераларын тупсараллара, бэйэ дьыалатын арыйаллара табыллар чинчилээх. Оттон, кэрэ аҥаардар, быйыл туох эрэ сыаналааҕы, улаханы ылынар кыаххыт улахан. Ол иннинэ: “Барытын оннунан хаалларабын дуу, букатын уларытабын дуу?” диэн ыйытыыга харда булуоххутун наада. Саҥа олоххут хайдах буолара бэйэҕититтэн эрэ тутулуктаах.
Сулумахтарга быйыл таптал таҥарата мичик гыныыһы. Сокуоннайдык холбоһо илик дьон, быйыл итини көннөрүө этигит. Бу сайын айан-сырыы бэркэ табыллар чинчилээх. Хом санааны сүгэһэр гына сылдьаргыт дьаакыр эрэ буолар кыахтаах. Сөпкө аһыы-таҥна сылдьыҥ, эти-сиини эрчийэри умнумаҥ. Чөл олоҕу тутуһуҥ. Туруулаһан үлэлээтэххитинэ, дохуот да ботуччу буолуоҕа. Сыл былаһын тухары элбэхтэн биири талар наадата сотору-сотору күөрэйэн ылыаҕа. Хайа да түгэҥҥэ барыстанары буолбакка, сүрэх этэрин истэргит ордук.
Оҥоһуллубут алҕаһы көннөрүү – күүстээхтэр ылынар быһаарыылара.
Сулустар сипсиһиилэриттэн ЛОҺУУРА сурунан ылла.