Киир

Киир

Хой

хой

Бу нэдиэлэҕэ төрөппүттэргэ ураты болҕомто наада. Элбэх кэпсэтии баар. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар үлэҕэ-хамнаска тыҥааһыннаах балаһыанньа бүрүүкүө. Эми-тому сэрэнэн ис. Арыгыттан ыраах сырыт. Күн сыралҕаныгар сылдьа сатаама. Сүөһүлээх дьон байар-тайар суолга үктэммиккитин билиэххит.

Оҕус

о5ус

Дьыала-куолу, докумуон уталыппакка быһаарыллыан наада. Ыраах айаҥҥа турунааччылар үлүбүөй, туох да сибидиэнньэтэ суох бараргыт кыһалҕалаах буолуон сөп. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар дьиэ кэргэн, уруу-аймах түбүгэ эйиэхэ дьолу эрэ аҕалыа.

Игирэлэр

игирэ

Дохуоту улаатыннарар, харчыны мунньунар үтүө кэм. Үлэҥ дьоно күүскэ көмөлөһүөхтэрэ. Бу күннэргэ атыыласпыт кинигэҥ олоххор улахан суолталаах буолуо. Оптуорунньукка ханна да айанныы сатаама. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар күүскүн-күдэххин харыстаа, быстан хаалар куттал баар. Сатанар буоллаҕына, дьиэҕэр-уоккар буола сатаа.

Араак

араак

Чэпчэки атлетикаҕа, тиэннискэ, волейболга күрэхтэһэргэ бэртээхэй кэм. Аҥаардас дьон олоххут аргыһын көрсүөххүтүн сөп. Ыарахан садаачалары суоттаан өйгүт көлөһүннүрэриттэн куттанымаҥ. Оптуорунньукка үлэҕэр барбатыҥ ордук. Баай-дуол боппуруоһун быһаардаххына, кэлэр кэскилгин оҥостуоҥ.

Хахай

хахай

Силиэстийэ, чинчийии элбэх буолуо. Тугу эрэ хаһан таһаарыаҥ. Ыраахтан аймаҕыҥ кэлиэ, уларыйыы салгынын аҕалыа. Доруобуйаҕын көрүн. Олус итиигэ сылдьыма, баанньыгынан, саунанан үлүһүйүмэ. Сэрэдэҕэ харчы ардаҕа түһүөн сөп – туттумахтаан хаал.

Кыыс

кыыс

Бу нэдиэлэҕэ элбэхтик кэпсэтэр, сүбэлэһэр ордук. Оруо маһы ортотунан саҥарар, быһаарынар табыллыбат. Оптуорунньуктааҕы быһыы-майгы эн ситиһиигин барытын туора сотуон сөп. Бээтинсэҕэ истиҥ билсиһии баар. Эн дьиэҕэр оҕо-уруу саҥата үксүө.

Ыйааһын

ыйааьын

Буола турар быһыыга-майгыга улаханнык долгуйбакка имигэстик мүччү-хаччы түһэн иһэриҥ ордук. Сатаныа. Үп-харчы дьыалатыгар балачча ситиһии баар. Үрүҥ күн анныгар үтүө олбох туһугар тыҥааһыннаах киирсии күүтэр. Боотурдуу майгыгын көрдөр. Үлэҕэр уларыйыы саҕаламмыт.

Скорпион

скорпион

Сонуну-нуомаһы араас хараҥа муннуктан истэ-билэ олоруоҥ. Омук дьонуттан кытта арааһы истиэҥ. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар докумуоҥҥа харгыстар, араас кыһалҕа үөскүө. Суолга сэрэхтээх буол. Бу нэдиэлэ ыраах айаҥҥа, омук тылын үөрэтэргэ тоҕоостоох.

Охчут

охчут

Эн аттыгар барыта суулла, тохто, ыһылла туруо. Оттон эн бары түгэҥҥэ ууттан кураанах тахсыаҥ. Бааҥҥа счетуҥ ботуччу харчынан туола түһүө. Уокка, араас туттар тэрилгэ уһулуччу сэрэхтээх буол. Суолга саахалланар куттал эмиэ улахан.

Чубуку

чубуку

Кэпсэтии элбиэ. Ыал дьон уустук кэрдиискэ киирбиккит. Уопсай доҕоргут балаһыанньаны быыһыа. Оптуорунньукка ыстараап, ороскуот баар. Чэппиэргэ мээнэ быгыалаама, бааргын биллэримэ. Ыраах дойдуларга баран сынньанар кыах баар.

Күрүлгэн

курулгэн

Күннээҕи олоххун, эрэсиимҥин көрүн. Сааһыланнаххына, доруобуйаҥ да тупсуо. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар тумуу баар. Күүскүн-күдэххин харыстаа. Салалтаҥ урукку кыһалҕаны үмүрүтэргэ ыҥыран ылыа. Аскар талымастыырыҥ сөп.

Балыктар

балыктар

Айар-тутар кыаххын толору туһаммакка сылдьаҕын. Иллэҥ бириэмэ наада. Оптуорунньукка дохуотуҥ эбэтэр малыҥ-салыҥ үөлэһинэн үрбүт курдук элэс гынан хаалыан сөп. Ыраах айан ороскуокка тэбиэ. Күнүү уота күөдьүйүө, искиттэн салаан барыа.

Санааҕын суруй