Киир

Киир

Хой

xoy

Табыллар күнүҥ-дьылыҥ кэлэрэ букатын чугаһаата. Барыта уу-нуурал курдук да, бу кэмҥэ оҥорбутуҥ бигэ тирэх буолар чинчилээх. Эн сүбэҕэр наадыйааччы эбиллэр. Тэйитэлээмэ. Чугас киһигин кытта сыһыан да лаппа бөҕөргүүһү. Киниэхэ болҕомтолоох буол. Иллэҥим суох диэн, күдээринэ сыһыаннаһыма. Күнүүлээн да туруон сөп.

Оҕус

ogyc

Ситиһиигин көмүскээтэххинэ эрэ, табыллар түгэниҥ үөскүүһү. Ол гынан баран утарсар өрүттүүн сыһыаныҥ илии тутуһуутунан түмүктэнииһи. Кыаххын, сатабылгын сыаналаабыт дьоннуун бииргэ үлэлэһэн бүтүөх курдуккун. Үлэҕин, үлэлиир сиргин да уларытабын диэн турдаххына, көҥүл. Бэйэҥ кыаххар эрэлиҥ улаатыа. Кырдьыккын дакаастыаҥ. Итинник түгэн чугас киһиэхэ сыһыаҥҥар эмиэ буолуон сөп. Нэһилиэстибэ уонна баай-дуол боппуруоһа болҕомтону эрэйэр.

Игирэлэр

igire

Утарсааччы курдук ылына сылдьыбыт дьоҥҥуттан аккаастанар табыллыбат гына, эйиэхэ олус табыгастаах этии киирииһи. Күлүккэр имнэнэн баран, ону ылыннаххына, кинилэр саҥа эбээһинэстэригэр хаһан киириэхтэрин сөбүн эрэ билэриҥ хаалыа. Ол эрээри, бастаан утаа саҥа сиргэ атыҥырыахча курдук туттуохтара да буоллар, барыта орун-оннугар түһүө. Ыгым эрэ буолума.
Тулаҕар буолары анаарар, ырытар тоҕоос үөскүө.

Араак

rak

Быһымах быһыыттан туттунарга сүбэлииллэр. Чочумча кэтэһэ түһэриҥ ордук. Ааһа баран, утарсар өрүтүҥ этиитин ылыннаххына да, сыыһыаҥ суоҕа. Эн сыалыҥ -- бу түгэҥҥэ баар балаһыанньаны бэйэ интэриэһигэр туһаныы. Эбиллибит кыаххын болҕой. Ол – үөскээбит балаһыанньаны көннөрүүгэ бастакы хардыы буолуоҕа.
Дьиэ кэргэн, таптал чааһыгар судургута суох күн-дьыл турар. Ол төрүөтэ эн бэйэҥ эрэ буолаҕын. Дьону кытта сыһыаҥҥын тупсар. Өр тулуйуо суохтарын сөп.

Хахай

xaxai

Оҥорбуккун сыаналыыргар уонна интэриэстээх өрүттэргэ болҕойорго бэртээхэй кэм. Сөбүгэр үчүгэй нэдиэлэ күүтэр. Ити гынан баран салгыы сайдарга тоҕоос көстүбэт. Туохха ордук болҕойуохтааххын дьылҕаҥ бэйэтэ ыйарын кэтэс. Суолталаах кэпсэтии буолар кэмэ уһаан биэрииһи. Ыал дьоҥҥо кыралаан үчүгэй уларыйыы баар. Сулумах Хахайдары үөрүү күүтэр. Ситиһиилэниэххит.

Кыыс Куо

kuus

Түргэн-тарҕан хамсаныыны ирдиир нэдиэлэ. Ол иһигэр, тус эйиэхэ эмиэ. Ситиһии туһугар туттумахтас. Инники күөҥҥэ испит дьон хаалан иһээччилэр “өҥөлөрүнэн” бытаарыах курдуктар. Наадалаах диэбиккин иһиттиҥ да, кэллиэгэлэргэр биллэрэн ис. Онтуҥ кэлин бэйэҕэр туһалыа. Нэдиэлэ бүтүүтэ сыраҥ-сылбаҥ үтүө түмүктээх буолуо. Чуолаан, уруккуттан былааннаммыт саҥа дьыалаҥ, дьиэлэнии, сирдэнии боппуруоһа быһаарыллар чинчилээх. Мин кэмим кэллэ диир түгэниҥ үүнүөҕэ.

Ыйааһын

uyaahun

Үп-харчы дьыалата уонна арамаантыкалыы сыһыан табыллар кэмэ. Хара ааныттан икки тутаах ыйытыкка хоруйдаа: үп боппуруоһун быһаарарга тоҕоостоох түгэни хайдах туһанабын уонна кими ордук таптыыбын диэҥҥэ. Олорунан хаалыма, бачча табыллыыны туһаммакка хааларыҥ аньыыта да бэрт.  Нэдиэлэ бүтүүтэ сынньан. Олус илистэ үлэлиир – охсуулаах. Доруобуйаҕын болҕой.

Скорпион

ckorpion

Эрдэ саҕалаабыт үлэҕэ, дьиэҕэ да сыһыаннаах бырайыактаргын үчүгэйдик ырытан, анааран көр. Хайатыгар бастаан ылсаргын, ханныгын тохтото түһэргин быһаарын. Улахан охсуу күүтүллүбэт. Ол да буоллар, буолар быһыыны-майгыны хараҕыҥ далыгар илдьэ сырыт. Кимиилээх киирсиигэ ылсыаҥ иннинэ үчүгэйдик толкуйдан. Сыыспыты көннөрүү уустук буолуо. Сулумах буоллаххына, күннүүр кэмиҥ, дьэ, кэлбит, табаарыс.

Охчут

oxchut

Тулалыыр дьонуҥ бары санаа хоту сөпкө дьаһанар буолбатахтар. Ону өйдөөн-санаан туран, дьиэ кэргэҥҥэ уонна хамсаабат хапытаалга сыһыаннаах боппуруоһу быһаараргар, эбэтэр туох эмэ улахан атыылаһыыны былаанныаҥ иннинэ үчүгэйдик толкуйдан. Партнердаргын кытта өр быһаарбакка сылдьыбыт өрүккүт дьайҕаран, туга-ханныга сыыйа биллэн барыа. Уһун кэмнээх бииргэ үлэлэһии көстүөхчэ. Эппиэттээх быһаарыныыттан дьаарханыма.

Чубуку

chybyku

Эн бырайыагыҥ табылларыгар ким эрэ көмөлөһөр курдук. Оннук санаа нэдиэлэ саҕаланыытыттан биллэн барыа. Ол чопчу ким буоларын киниттэн чопчу этии киирдэҕинэ, дьэ, билиэҥ. Быһата, эйиэхэ үчүгэй нэдиэлэ үүннэ. Бэйэҥ кыаххар эрэлиҥ бөҕөргүө. Өйүҥ ууһа, дьону абылыыр талааныҥ биллэ күүһүрүө. Түгэни туттумахтас. Доруобуйа – туйгун.

Күрүлгэн

kyrylgen

Нэдиэлэ саҕаланыаҕыттан чуолаан үп көстүүтүгэр сыһыаннаах үлэҕэ умса түһэр чинчилээххин. Доҕотторуҥ уонна кэллиэгэлэриҥ туруорбут сыалларын ситиһэллэригэр кыахта биэр. Бэйэҥ эбээһинэһиҥ онто да суох элбэх. Буолар быһыыны-майгыны улаханнык өйдөөбөт түгэҥҥэр, тахсар мөккүөргэ орооспотуҥ ордук. Ол судургутук кыаллара саарбах. Ол гынан баран, иһитиннэрии татымыттан сыыһа дьаһанан буорайыаххын сөп. Онтуҥ эйиэхэ эрэ буолбакка, чугас дьоҥҥор охсуулаах буолар туруктаах.

Балыктар

balyk

Ситэ-хото толкуйдамматах идиэйэҕин өйдөнөр гына быһаарар, көмүскүүр кыахтааххын дуу? Бастаан ону толкуйдан. Бу чааһыгар, ордук нэдиэлэ саҕаланыыта, сэрэх буол. Туора дьоҥҥо былдьатаайаҕын. Нэдиэлэ да бүтүүтэ балаһыанньа биллэ тупсуо суох. Үбүлээһин өттүгэр сэрэхэдийэр түгэҥҥэр таайан көрөр дьоҕургар эрэн. Сыыһа дьаһанар куттал баар. Ол туохха буолуон сөбүн ырыҥалаан көр. Доруобуйа чааһа этэҥҥэ.


Сэҥээриилэр

Darnell
0 Darnell 22.11.2022 01:35
30 to 60 minutes: If you took Bentyl (dicyclomine) for Abdominal Pain /Cramps
and Frequent Diarrhea it will help the Cramps first.
And slowly your diarrhea will improve as the Peristalsis slows down. Some time it may take a full day to
resolve the Diarrhea problem but Cramps will improve, 3.2k views Answered >2 years ago Thank 5 thanks.


Also visit my web site :: side effects
of dicyclomine 2.5 mg: https://media.cakovicenamlejne.cz/bt/4n7ex92d0rb
Ответить
Andres
0 Andres 19.03.2023 21:11
menopause relief on a budget
gluten-free menopause supplements
get your hands on low-cost hormone supplements today!
organic supplements for women's weight loss

Here is my web-site; cost-effective hormonal therapy: https://demo.paganprideofeasttn.org/community/profile/olaainslie79014/
Ответить
Kasey
0 Kasey 23.03.2023 01:47
therapist side hustles for financial stability
creative ways for doctors to earn passive income online consultations for doctors to make extra
income
nursing side hustles

my web-site - top medical transcription jobs for doctors
to make extra income: https://cliq.page/groups/are-you-a-pharmacist-looking-for-ways-to-earn-extra-income/
Ответить
Wilma
0 Wilma 10.04.2024 17:02
Hello, I enjoy reading all of your article post. I like to write
a little comment to support you.

Here is my blog post ... Où trouver de la emb en ligne au Québec: http://saesoldia.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=4412
Ответить

Санааҕын суруй